12.02.2021 | 09:56

Ойуур Байбал оҕолорун сахалыы иитэр ньымата

Ойуур Байбал оҕолорун сахалыы иитэр ньымата
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ил Түмэн дьокутаата Павел Ксенофонтов-Ойуур Байбал ардыгар соһуччу соҕус этиилэрдээх, олох араас кыһалҕаларыгар ураты көрүүлэрдээх политик. Ону кытта кини көхтөөх уопсастыбанньык уонна элбэх оҕолоох ыал амарах аҕата. Тыл күнүн көрсө, норуот дьокутаата куорат усулуобуйатыгар оҕолорун сахалыы тыыҥҥа хайдах иитэрин, ийэ тылларыттан тугу тобулан тэйбэт суолу тэлбитин сэһэргээтэ.

– Биһиги куорат ыала буоларбыт быһыытынан, нуучча тылын дьайыыта оҕолорбутугар эмиэ баар. Кинилэр уһуйааҥҥа сылдьан нууччалыы саҥарарга-иҥэрэргэ үөрэммиттэрэ. Оскуолаҕа киирбиттэригэр нууччалыы эйгэлэрэ өссө кэҥээбитэ.

Биллэн турар, биһиги да оҕолорбут “паапа”, “маама” дии тураллар этэ. Төһө даҕаны “Ийэ”, “Аҕа” дии сатаабытыҥ үрдүнэн син биир атын оҕолор курдук ыҥыраллара. Бастакы олохпутугар киллэрбит ньымабыт маннык этэ: тугу эрэ көрдөһөр буоллахтарына “Ийээ” уонна “Аҕаа” эрэ диэтэхтэринэ, ол көрдөһүүлэрин толороҕун. Төрөппүттэр икки ардыларыгар “Паапата”, “Маамата” диэбэккэ, сахалыы ийэнэн-аҕанан ыҥырсыахха наада. Оччоҕо оҕо үтүктэн да үөрэнэр.

Иккис ньыма. Оҕолор күнү быһа сылдьыбыт атын тыллаах эйгэттэн кэлэн баран, дьиэлэригэр кэлэн эмиэ оннук бара тураары гыналлар. Саха оҕотун нууччалыы саҥарарын иһин мөҕүө суохтааххын. Тулуйаҕын, ол нууччалыы эппит этиитин сахалыы тылбаастатаҕын. Холобур, “хочу яблоко покушать” диир. Ону: “Сахалыы хайдах этэҕин?”, – диибит. “Дьаабылака сиэхпин баҕардым” диэтэҕинэ ылан биэрэбит. Хас этиитин барытын тылбаастыы сылдьаҕын. Сүрэҕэлдьээмиэххэ эрэ наада. Кыра уолум 9 саастаах, күн ахсын оннук тылбааһынан дьарыктанабыт. Кини түргэн баҕайытык нууччалыы этэ-этэ оҥорон иһиэн баҕарар, ону тохтотон барытын тылбаастатан иһэбит. Оччоҕо оҕо сахалыы этии нууччалыы хайдах буоларын эндэппэккэ билэн иһэр эбит. Оннук эриллэ сылдьан кини ийэ тылыгар син биир сыстар. Оттон сүрэҕэлдьээн маннык гымматахха, оҕо чэпчэки суолу талар, атын тылынан барар, онтон олох да ийэ тылыгар эргиллиэ суоҕа.

Үһүс ньыма. Сахалыы араадьыйа, “Саха” көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа эфирэ холбонон туруохтаах. Күннээҕи олоххо доҕуһуол курдук сахалыы саҥа дьиэ иһигэр чоргуйан олорор буолар. Бииргэ мустан сахалыы киинэни көрөр үгэстээхпит. Аны саха киинэтэ оҕо өйдүүрүгэр ыарахан соҕус буолар. Ол иһин манньалаан, араастаан албастаан бииргэ көрдөрөбүт. Ыарырҕаппытын быһааран иһэбит.

Төрдүс ньыма. Туораттан оҕолорбутугар доҕотторо-атастара, аймахтара кэллэхтэринэ, төһө кыалларынан, сахалыы кэпсэтиннэрэ сатыыбыт. Сахалыы саҥарар үтүөтүн, үчүгэйин кэпсиибит. Оччоҕо сахалыы саҥарар дьон дьиэтигэр кэлбит оҕо бэйэтин тардына түһэр. Оҕо оҕону үтүктэн сайдар.

Бэһис ньыма. Хас биирдии эһиэхэ эрийбит, төлөпүөнүнэн дуу, видеонан дуу кэпсэтэ олорон эбэтэр ыалдьыттыы кэлбит оҕо сахалыы “Үтүө күнүнэн!” диэн эҕэрдэлэһэр уонна сонунун, ситиһиитин дьаныһан туран сахалыы кэпсэтэбит. “Хайдах үөрэнэ сылдьаҕын?”, “Оскуолаҕа туох сонун баарый?”, “Тугу оҥордугут?”  диэн хайаан да сураһабыт. Ону оҕо дьэ сүрэҕэлдьии-сүрэҕэлдьии, тылын нэһиилэ өҕүлүннэрэн сахалыы кэпсииригэр тиийэр. Хас сырыы аайы оннугу кэпсэтэр буоллаххына, кинилэр эмиэ сайдан иһэллэр.

Сорох төрөппүттэр “оҕобун аны кэлэн хайдах да саха оҥорбоппун” диэн санааҕа кэлэн иҥнэн, кыбыстан хаалаллар. Хайдах да көннөрө, үөрэтэ сатаабаттар. Эйгэни буруйдуохтарын сөп. Дьиҥэ, ханнык да эйгэҕэ улааппыт оҕону аа-дьуо, сыыйа-баайа саха эйгэтигэр тардан бардаххына, кини атаһын эмиэ батыһыннаран барар. Ол иһин төрөппүт барыта сүрүн санааны өйдүөхтээх: кини дьиэтин иһигэр сахалыы иитэр оҕото тас эйгэҕэ тахсан атын оҕолорго эмиэ үтүөтүк дьайарын.

Куорат ыала, аныгы кэм дьоно буоларбыт быһыытынан, биһиги оҕолорбутун саха тыла кэрэни, үтүөнү эрэ аҕаларын көрдөрө сатыыбыт. Мөҕө-мөҕө дуу,  кыбыста-кыбыста дуу, кыыһыра-кыыһыра дуу саха тылын оҕоҕо хайдах да сыһыарбаккын. Күһэйэн киһи тугу да ситиспэт. Хас биирдии төрөппүт тулуурдаах буолуон наада.

Оскуолаҕа үөрэнэр оҕо саха тылын уруогар төрөппүт көмөтө суох сатаммат буолла. Саха тылын учебниктарын арыт бэйэм ыарырҕатар буоллум. Аһара уустугурдуу баар. Оҕо кыайбатаҕына мөхпөккө эрэ, тэҥҥэ судургу холобурдары көрдөөн үөрэттэххэ өйдүүр.

Оҕолор нуучча уонна англия тылыгар олус чэпчэкитик киирэллэр. Ити тылларга түргэнник ылыныы холобурдара наһаа элбэхтэр. Аҥаардас мультиктар элбэхтэрэ сыттаҕа. Саха оҕотугар ол суох. Ол иһин төрөппүттэн элбэх эрэйиллэр.

Дьиэ иһигэр саха эйгэтин оҥорорго малы-салы, атрибутиканы, оһуору-мандары туһаммыппыт, саха таҥаһын кэппиппит, сахалыы кэпсэппэт буоллахпытына олох туһалаабат. Саха тылын дорҕооно дьиэ иһигэр иһиллэ турар буоллаҕына – ол быдан туһалаах.

Билиҥҥи үйэ сахаларыгар “Мин оҕобун кыһаҕаннык ииппиппин – оҕом нууччалыы эрэ саҥарар” диэн кыбыстыы санаа үөскээтэ. Куорат, гаджет, эйгэ дьайыыта диэн “быыһана” сатыыллар, истэригэр наһаа кыбысталлар... Манныкка атыттар сиилиэ суохтаахтар эбит диэн санааҕа кэллим. Сиилээһин олус элбээтэ. Наһаа түргэнник “Пахай! Бу дьон оҕолоро сахалыы саҥарбат эбит буолбат дуо?!” диэн кэбиһэбит. Оннук төрөппүттэри төттөрү  төнүннэрэбит.

Бу кэпсээбит ньымаларым оҕоҕо ТАПТАЛ эрэ баар буоллаҕына үлэлииллэр. Барыта тапталынан оҥоһуллуохтаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...