Ойуур баһаарынан сибээстээн федеральнай суол сабылынна
Бэҕэһээ олохтоох бириэмэнэн 15:05 чааска «Халыма» федеральнай массыына суола Дьокуускай – Магадан учаастагар (293 км – 406 км) сабылынна.
Федеральнай суол сабыллыытын биричиинэтэ – ойуур баһаара. Суолга суол уонна ГИБДД сулууспаларын сотрудниктара дьуһуурустубалыыллар.
Массыыналаах дьону ити хайысханан айаннаабаттарыгар көрдөһөллөр. Суолга суһал түбэлтэ тахсар түгэнигэр «Бүлүү» суол Управлениетын диспетчеригэр төгүрүк суукканы быһа бу нүөмэргэ төлөпүөннүөххэ сөп: 8(4112)44-10-78, 89245938028.
Ити иннигэр ойуур баһаардарынан сибээстээн Таатта уонна Томпо улуустарыгар, өрөспүүбүлүкэ ЫБММ суоппардары «Халыма» федеральнай массыына суолугар буруо мэһэйдээн, 326-345 км учаастага сабыллыан сөптөөҕүн сэрэппит.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



