Ойуур баһаарынан сибээстээн 14 оройуоҥҥа уустук быһыы-майгы оннунан хаалар
Ойууру харабыллыыр авиация суһал дааннайдарынан, регион территориятыгар 271 ойуур баһаара баар, суукка иһигэр 14 умуруорулунна, онно 2 772 киһи уонна 330 тиэхиньикэ үлэлээтэ. СӨ ЫБММ Кылаабынай управлениета сүрүн күүһүн нэһилиэнньэни ойуур баһаарыттан көмүскүүргэ уурар. Горнай, Мэҥэ-Хаҥалас, Уус-Майа, Таатта уонна Томпо оройуоннарыгар РФ ЫББМ специалистара үлэлииллэр. Уус-Майа оройуонугар биэдэмэстибэ авиацията сууккаҕа 5 төгүл туттулунна уонна 15 туонна уу кутулунна.
Ойуур баһаарынан сибээстээн Алдан, Горнай, Эдьигээн, Кэбээйи, Мирнэй, Муома, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Өймөкөөн, Уус-Майа, Томпо, Хаҥалас уонна Сунтаар оройуоннарыгар уустук быһыы-майгы оннунан хаалар. Ити этиллибит улуустарга 734 тыһыынчаттан тахса гектар сиргэ ойуур баһаарын 234 көрдүгэнэ баар. Кылаабынай управление ураты хонтуруолугар 5 нэһилиэнньэлээх пуун – Күөрэлээх, Эльдикан, Ударник, Тараҕай Бэс уонна Улахан Аан бааллар. Нэһилиэнньэни көмүскүүргэ Кылаабынай управление 20 киһилээх аэромобильнай бөлөҕө бэлэм турукка сылдьар.
«Суукка иһигэр ойуур баһаарын ахсаана 7 көрдүгэнинэн элбээтэ, урукку баһаар кэҥээн уонна этиҥтэн сылтаан иэнэ 132 гектартан ордук улаатта. 9 оройуон территориятыгар баһаартан куттал 4-5 кылааһа оннунан хаалар. Аэромобильнай бөлөхтөр Горнай, Томпо, Уус-Майа уонна Мэҥэ-Хаҥалас оройуоннарыгар үлэлэрин салҕыыллар. РФ ЫББМ авиацията Уус-Майа оройуонугар үлэлиирэ былааннанан турар. РФ оборонаҕа Министиэристибэтин икки салгын суудуната Ленскэй уонна Өлүөхүмэ оройуоннарыгар бардылар», - диэтэ ЫБММ Кылаабынай управлениетын начаалынньыга Павел Гарин.
Нэһилиэнньэлээх пууннарга буруону кээмэйдиир үлэ барар турар. Ол курдук, Саха сиринээҕи Роспотребнадзор Управлениета уонна Дьокуускайдааҕы күнү-дьылы кэтээн көрөр Управление салгыҥҥа химическэй эттиктэр таһымнарын хонтуруоллууллар. Суукка иһигэр 9 оройуон территориятыгар салгын 43 боруобата оҥоһуллубут.