22.05.2024 | 10:12

Ойуур баһаарыгар буруйдааҕы бөдөҥ ыстараап күүтэр

Ойуур баһаарыгар буруйдааҕы бөдөҥ ыстараап күүтэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

ЫБММ Саха сиригэр салаатын Дьокуускай куоракка управлениета  иһитиннэрэринэн, ыам ыйын 21 күнүнээҕи туругунан куорат территориятыгар 37 төгүл кураанах от умайыыта уонна 1 төгүл ойуур баһаара бэлиэтэммит. 
Баһаарга буруйдаах 27 киһи РФ КоАП 20.4 ыст. 1 ч. эппиэтинэскэ тардыллыбыт.
Ойуур баһаардарын сэрэтэр сыалтан туһааннаах тэрилтэлэр үлэһиттэрэ бу күннэргэ Дьокуускай куорат территориятыгар, Нам суолун 14 км - 22 км; Маҕан суолун 7 км диэри, Намцыр трагар, Кангалаас тумуһугар, Птицефабрика оройуонугар, Покровскайдыыр суол 16 км - 25 км; Табаҕа тумуһугар, Кэҥкэмэҕэ эриэйдэлэри ыыталлар.
Ыам ыйын 21 күнүнээҕи туругунан 473 инструктаж ааҕыллыбыт.
Баһаартан сэрэхтээх буолууну ситиһэр сыалтан өртөөһүн, бөҕү-сыыһы өрөһөлүү мунньар, уматар, табаҕы умулларбакка эрэ түбэһиэх быраҕар, уматыктары күн көрөр сиригэр хаалларар, кутаа оттор, бөх уматар, оһоҕу көрүүтэ суох хаалларар кытаанахтык бобуллар.
Баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылаларын кэһии иһин административнай ыстарааптар күүтэллэр:
гражданнары — 5000-тан 15000 солк. диэри;
дуоһунастаах сирэйдэри — 20000-тан 30000 солк. диэри;
юридическай сирэйдэри — 300 000-тан 400 000 солк. диэри.
Баһаартан муҥутуур сэрэхтээх буолуу кэмигэр ыстарааптар икки бүк курдук үрдүүллэр:
биирдиилээн дьоҥҥо — 10 000-тан 20 000 солк. диэри;
тэрилтэ салайааччыларыгар — 30 000-тан 60 000 солк. диэри;
тэрилтэлэргэ — 400 000 -тан 800 000 солк. диэри.
Олохтоох дьаһалта Гражданскай оборонаҕа уонна ыксаллаах быһыыга-майгыга управлениета иһитиннэрэринэн, быраабы араҥаччылыыр уонна хонтуруоллуур-кэтээн көрөр уорганнарга ойуур баһаарыгар буруйдааҕы биллэрбит гражданнарга 10 тыһ. солк. кээмэйдээх харчынан биһирэбил көрүллэр. Биһирэбил СӨ Бырабыыталыстыбатын 2022 сыл сэтинньи 24 күнүнээҕи 689 №-дээх уурааҕынан олохтоммута.
Харчынан биһирэбил гражданнарга хас биирдии баһаар уонна баһаарга буруйдаах иһин төлөнөр. Маныаха төлөбүр уопсай муҥутуур кээмэйэ 50 тыһ. солк. үрдээбэт.
Биһирэбил ойуур баһаарыгар уорбаланааччы буруйа дакаастаннаҕына, ол эбэтэр суут уурааҕа эбэтэр федеральнай уорганнар быһаарыылара олоххо киирдэҕинэ төлөнөр. Маныаха СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ быраабы араҥаччылыыр уонна хонтуруоллуур-кэтээн көрөр уорганнартан тустаах гражданин иһитиннэрии биллэрбитин туһунан суругунан бигэргэтиини көрдүүр уонна СӨ саппаас пуондатын ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтиигэ уонна суох оҥорууга туһуланар бүддьүөтүн туһаҕа таһаарыы бэрээдэгинэн төлөбүрү оҥорор.
Ойуур баһаарын туһунан биллэрэр төлөпүөннэр:
Баһаарынай харабыл – 101
Быыһыыр сулууспа – 112
Биир кэлим дьуһуурунай-диспетчерскэй сулууспа (ЕДДС) –  44-45-64
СӨ Ойуур хаһаайыстыбатын регионнааҕы диспетчерскэй сулууспата: 8(4112)44-74-76, 8(4112)44-77-76.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....