19.09.2022 | 14:00

Ойуур баһаардарын туһунан бырайыак кыайда

Дьокуускайга «Саха сирин талааннара» өрөспүүбүлүкэтээҕи каадырдар куонкурустара түмүктэннэ, 17 хамаанда регион нэһилиэнньэтин олохторун тупсарарга туһуламмыт бырайыактары билиһиннэрдэ диэн иһитиннэрдэ Ыччат министиэристибэтин пресс-сулууспата.
Ойуур баһаардарын туһунан бырайыак кыайда
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Саха сирин талааннара» күрэх кыайыылааҕынан «Не дай огня» хамаанда таҕыста. Кыайыылаах СӨ баһылыгын үөрэҕириигэ гыраанын ылла уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи каадыр резервэтигэр киирэр кыахтанна.

Хамаанда «Не дай огня» бырайыага киһи буруйунан тахсар ойуур баһаардарын аҕыйатарга, ойуур баһаарыгар түбэстэххэ тугу гыныллыахтааҕын нэһилиэнньэҕэ сырдатарга, баҕа өттүнэн үлэлиир холбоһуктар уонна былаас уорганнарын үлэлэрин ситимнииргэ туһуламмыт.

Хамаанда чилиэннэрэ Саха сирин баҕа өттүнэн баһаары умуруорааччыларын слетын, итиэннэ ойуурга баһаартан сэрэхтээх буолуу туһунан лиэксийэлээх 3 похуоду тэрийбиттэр, баһаары утары охсуһууга анаммыт сахалыы-нууччалыы тылынан социальнай роликтары уонна видеокууруһу оҥорбуттар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...