18.05.2021 | 16:03

Ойуур баһаара элбээбит

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ойууру харыстыыр авиация сулууспата биллэрбитинэн, СӨ үрдүнэн ааспыт сууккаҕа 27 ойуур баһаара регистрацияланна, уопсайа 451,2 га сири ылла. Амма, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Ньурба, Сунтаар, Уус-Алдан, Уус-Майа оройуоннарыгар 15 ойуур баһаара бэлиэтэннэ. 


Баһаары умуруорууга сууккаҕа 444 киһи, 64 тиэхиньикэ, 74 киһилээх 21 патрульнай-хонтуруоллуур бөлөх үлэлээтэ. Патрульнай-хонтуруоллуур бөлөх үлэтин түмүгэр сокуону кэһиигэ 3 административнай боротокуол толорулунна. Баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылаларын ойуурга, ойуур пуондатын сирдэригэр уо.д.а. хаттыгас сирдэргэ кэһии иһин 48 боротокуол оҥоһулунна. 
«Суукка иһигэр 2 саҥа ойуур баһаара таҕыста, 12 умуруолунна. Баһаар 10 көрдүгэнэ көҕүрээтэ, онон 111,2 гектар сиринэн аҕыйаата. Кылаабынай управление сүрүн күүһүн нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутугар туһаайар. Баһаартан сэрэхтээх буолуу ураты эрэсиимэ Өймөкөөн, Томпо, Таатта, Ньурба оройуоннарыгар  киирэн турар», – диир Арассыыйа ЫБММ Саха сиринээҕи Кылаабынай салаатын начаалынньыга Павел Гарин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...