Ойууннааһын - наука хараҕынан
Атырдьах ыйын 14 күнүгэр ураты түгэн буолан ааста.
Ол курдук, айылҕаттан айдарыылаах идэлээх дьону кытта бу көстүүнү наука өттүттэн билэр, үөрэтэр учуонайдар төгүрүк остуол тула түмсэн, былыргы уонна аныгы ойууннааһын уратыларын кэпсэттилэр.
Манна төрүөтүнэн М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет быйыл бүтэрбит магистра Хомус Сайдара Саарын кыыһа "Обрядовая практика шаманов Якутии (по полевым материалам 2019-2022 гг.)" диэн темаҕа диссертационнай үлэтигэр олоҕуран Шаманские обряды народа саха: традиции и современность диэн саҥа кинигэ буолла.
Бу үлэ Арассыыйа үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин көҕүлээһининэн тахсар научнай сурунаалга киирбитин бэлиэтиэххэ наада.
Кинигэ сүрэхтэниитигэр кыттыыны ыллылар: Алексеев А.А., ХИФУ профессора, Афанасьев Нь.В., университет култуура уонна фольклор кафедратын сэбиэдиссэйэ, филологическай наука кандидата, Илларионова Т.В., филологическай наука кандидата, ХИФУ культурология кафедратын доцена, Протопопов С.С.,
Иванов Ю.П.- Баараҕай Бахсы, Картузова А.В.-Настаа удаҕан, Иванова Т.П.-Татыйык Баайахсаана, Лэгэн Лэгэнтэй о.д.а.
Төгүрүк остуол ойууннааһын тула киэҥ ис хоһоонноох, дириҥ хорутуулаах, кэскиллээх кэпсэтиилэри ыытта.
Тэрээһин сонун көстүүтүнэн айылҕатынан удьуор утумун тутан идэлэнэн үлэлии сылдьар Настаа удаҕан өбүгэ тыынын киллэрэн көрүүлэниитэ буолла. Бу - саҥа кинигэ практическай өттүнэн киирбит биир матырыйаала. Мустубут дьон бука бары алгыс, арчы тутан, салгыы биирдиилээн көрдөһүүгэ үлэлиирин илэ харахтарынан көрдүлэр. Кинигэ ааптара Хомус Сайдара Саарын кыыһыгар мустубут дьон махтал тыллара ананнылар, айар үлэтин аартыга өссө кэҥээн барарыгар баҕардылар.