02.08.2024 | 10:00

«Отут кэпсээн» дьоруойдара

«Отут кэпсээн» дьоруойдара
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

Норуодунай суруйааччы, драматургияҕа Алампа бириэмийэтин лауреата Миитэрэй Наумов дьиэ кыылларынан киһи аймах майгытын-сигилитин ханарытан көрдөрөр «30 кэпсээн» диэн кинигэлээх. Бүгүн биһиги Дмитрий Федосеевиһы кытта бу элбэххэ үөрэтэр, бэйэ бодобутун туораттан көрөр кыаҕы биэрэр, үөрэх бырагырааматыгар да киириэн сөптөөх кинигэтин кэпсээннэрин тула сэһэргэһэбит.

– Дмитрий Федосеевич, «30 кэпсээн» кинигэҥ дьоруойдара – дьон буолбатах, дьиэ кыыллара.

– Тыа киһитэ ынах-сылгы ииттэн, тулалыыр эйгэтин көтөрүн-сүүрэрин кытта алтыһан олорор. Кинилэрэ суох кини "кураанах өтөх иччитэ" буолуон баҕарбат. Ол урукку да, билиҥҥи да олох быстыспат сорҕото. Билиҥҥи киһи аныгы олох эриирдээх ыйытыгар эппиэттээри, саҥа суолу көрдүүр. Ол туһунан бу «30 кэпсээн» кинигэбэр суруллар. Манна бэйэбит, ыалбыт ынахтара, мииммит аттарбыт, доҕор гыммыт ыттарбыт туһунан кэпсэнэр. Оҕо, орто да сааһым кинилэри кытта дьиэ кэргэн толору чилиэннэрин курдук тэҥҥэ аахсан, эҥэрдэһэн, барытын быһаарсан аастаҕа.

Мин боростуой дьон ортотугар улааппыт, иитиллибит киһибин.

Ийэм Өлөксөөс холкуоска отут сэттэ сыл ыанньыксыттаабыта. Оҕо сааһым барыта кыстык фермаҕа, сайылыкка ааспыта. Фермаҕа мин саастыылар суох буолааччылар. Тэ ҥ ҥ э о о н н ьу у р оҕо суох. Билэр, кэпсэтэр, күнү быһа алтыһар «д ь о н у м » – и й э м  ы ы р ынахтара, дьиэбитигэр аҕам миинэр сылгылара. Ойуурга моҕотойдуур, кус оҕотун тутар саамай табаарыстарым – ыттарым. Биһиги саҕана, күтэр бурдугу сиирин иһин, сайын устата "баччаны өлөрүөхтээххит" диэн сорудах буолар этэ. Онон сайын устата ыттар биһиэхэ, дьиэ ыта буолбакка, сорудаҕы толорор, олоххо туттуллар табаарыстарбыт этилэр.

– Ити кэпсиир «дьоҥҥун» суруйаргар туох санааны тутустуҥ?

– Суруйааччы буолар улахан эппиэтинэстээх эбит. Тугу суруйарбыт барыта – бэйэбит кэммитин, дьоммутун турунан туран көмүскээһин буолуохтаах дии саныыбын. "Сымыйа төрүөҕэ сымыйа" диэн өйдөбүлбүн күн сириттэн барыахпар диэри бигэтик тутуһар санаабынан, туох баарынан, кырдьыгынан суруйарга дьулуһабын.

 

Норуодунай поэт Василий Тарасович Сивцев: "Миитэрэй Наумов дьиэ сүөһүтүгэр, кыылыгар тапталлаах сыһыанын киһи майгытыгар, быһыытыгар-таһаатыгар чугаһатан суруйар. Итинник ньыманы улахан суруйааччылар сөбүлээн тутталларын билэбит..."

 

Күөх Уол

Бу кинигэ «Күөх Уол» диэн кэпсээнинэн саҕаланар. Күөх Уол диэн Үөһээ Дьааҥы сылгытыттан төрүттээх сылгы. Аммалар Дьааҥыттан биэс атыыры сэтиилээн аҕалан, холкуостарын сылгытын тупсарбыттарыттан төрөөбүт көҕөччөр өҥнөөх ат этэ. Күөх Уол аҕата элбэх төрүөхтээх, туох да мааны атыыр этэ. Олорор сайылыкпар Күөх Уол үөрүн илдьэ түптэҕэ кэллэҕинэ, дьон бары кинини астына, ытыктыы көрөөччүлэр. Уон икки биэлээҕэр уон икки кулуннаах буолара. Онтон төрөөбүт аҕатын аатын ылбыт аты биһиги улаатарбыт саҕана окко үлэлэтэр буолбуттара. Ол гынан баран улахан эрэйдээх табаарыска түбэспиппит.

Мин доҕорум Байбаас кинини эмиһин иһин ылан үөрбүт аҕай этэ даҕаны, сайын устата оччо эрэйи көрдөрбүтэ.

Ол курдук, Күөх Уол аһыыр иһитэ хайаатар да толору астаах буолуохтаах. Урут улахан бааһыналарыгар аммалар сайын отчуттарга диэн эбиэс хааллараллара. Биирдэ, кыраабылбын оҥосто олордохпуна, доҕорум Байбаас ыскылааты көрөн кэлбитэ. Онно сылдьан атыгар биир солуур эбиэс сиэппит. Ол толору солуурдаах бурдук сайыны быһа Күөх Уол тутуспут миэркэтэ этэ. Хайаан да ону ирдиирэ. Кыратык эмэ быһаҕас буоллаҕына, сэргэттэн барбат. Үлэбитигэр хойутаан биригэдьиирбититтэн мөҕүллүмээри, Байбаастыын толкуй бөҕөҕө түстүбүт. Уонна солуур аҥаарыгар күөх от хаалаан баран, ол үрдүгэр эбиэспитин куттубут. Аппыт куппут бурдукпутун сиэтэ уонна... олох хамсаабат. Дьэ, биһиги талаҕынан сынньан, күрүө тоһоҕотунан анньыалаан, нэһиилэ эргиппиппит эрэ. Хайыахпытый, солуурбутун толорон биэрбиппит. Онон биһиги Күөх Уол иһигэр ыйааһыннаах эбит диэн быһаарбыппыт. Кини эриэнэ итинэн эрэ бүппэт эбит этэ. Үлэни «көҕүрэтэрин» наһаа сөбүлүүрэ. Ходуһаҕа мунньууга муннугу хаалларан, быһалыы сылдьара. Хайдах да кини айаҕын тардаҥҥын даҕаны, таһыйаҥҥын даҕаны, уларыппаккын. Ходуһа кытыытыгар от хааллаҕына, мөҕүллүүтэ биһиги үрдүбүтүнэн буолара. Атах тардыллыбыт быабыт сөллөн хааллаҕына, күрүүр уонна саһар идэлээҕэ. Талах кэннигэр киирэн баран, төбөтүн умса анньар уонна оргууй аҕай, тыыммакка даҕаны, нөрүйэн турар. Биһиги ону аһара көтөн, көрдөөн да биэрэрбит. Аны кыһын муус тиэйдэххинэ, хайаан да түөрт мууһу тиэйиэхтээххин. Ол ахсааны хантан билэрин билбэт этибит. Ол түөрт мууһун үрдүгэр кыра да мууһу уурдаххына, турбут сириттэн хоҥнон да бэрт! Ону эмиэ охсуһан-этиһэн баран, хайыаҥый, биир ордук муускун көҕүрэтэргэр тиийэҕин.

Оччоҕуна, дьэ, аллаахтык айанныыр.

Ол эрээри оҕолору наһаа таптыыр этэ. Сыарҕатыгар төһө да оҕо олорустун, үөрэ-көтө соһоро. Кэнники иччитэ Куонаан оҕонньор өлбүтүгэр, атын Күөх Уолу өлөрбүттэр этэ. Ону доҕорум Байбаас: «Күөх Уол эмис баҕайы этэ. Мин этиттэн сиэбэтэҕим»,– диэбитэ.

Мин: «Тоҕо?»– диибин. Онно киһим: «Ээ, наһаа өйдөөх этэ дии. Арааһата, киһи курдук быһыылаах этэ»,– диэбиттээх.

Чахчы, өйдөөх, ол эрэн бэрт үөннээх сылгы этэ. Күөх Уол.

 

Чооруос

Чооруос – Хабырылла оҕонньор ыта. Оҕонньор алҕас уот ыыппыт. Онно кинини түөрт сылга хаайыыга уурбуттар, эбэтэр 46 тыһыынчаны төлөө диэбиттэр. Оччо харчыны хантан булуой, соҕотох оҕонньор. Ол кэмҥэ илин эҥэргэ уу түһэн, борохуоттар аанньа сылдьыбаккалар, леспромхозтар таһар бородуукталара кэмчи буолбут. Оҕонньор дьолугар, Хабырылланы «бултаа, эккин утары тутан иһиэхпит, барытын соҕотуопка харчытынан аахсыахпыт» диэбиттэр. Хабырылла ытын Чооруоһу кытта бултаабыттар. Иккиэн 47 тайаҕы уонна сэттэ эһэни өлөрбүттэр. Оннук туттаран, баһаар ыыппыт иэстэриттэн төлөрүйбүттэр.

Оҕонньор кэнники ол ыта түөһэйэн хаалбытын бэрэмэдэйигэр уктан биһиэхэ аҕалбыта. Сэргэҕэ саҥа ат кэлэн баалынна даҕаны, бастакынан тахсан көрөөччү – мин. Дьиэҕэ соҕотох оҕо буоллаҕым. Арай биир күн мааны баҕайы киһи кэллэ. Ыты атын бэрэмэдэйигэр уга сылдьар киһини аан маҥнай онно дьиктиргии көрбүтүм. Ол ыт алаас ортотугар киирэн баран мунан хаалааччы. Хараҕынан аанньа көрбөт, кулгааҕынан истибэт, ас сытын билбэт.

Чооруос өлбүтүгэр, Хабырылла, киһилии дьаһаллыахтаах диэн туран, көмпүтэ. Бу барыта оҕонньор олоҕун уустук кэмнэригэр тэҥҥэ сылдьыбыт, ыар ыйааһынтан мүлчү түһэригэр көмөлөспүт доҕоругар Чооруоска махтала. Ытыктабылын бэлиэтэ.

Чооруоһун көмөн баран киҥинэйэн ыллыыр ырыатыгар булчут киһи үөрүүтүн хоһуйбута. Ол булчут көрөр хараҕа, истэр кулгааҕа, түргэн атаҕа Чооруос барахсан соргулаах сырыытын туһунан этэ.

 

Уран сурук чинчиһитэ, филология билимин дуоктара Варвара Окорокова: "Миитэрэй Наумов маастарыстыбатын биир ураты көстүүтэ кини кыыллары ойуулууругар чаҕылхайдык көстөр. Ааптар ураты быһыыларын, эйгэлэрин табан ойуулуур. Ол барыта ааҕааччыны олоҕу киэҥник өйдүүргэ, таптыырга үөрэтэр".

 

Таптал аптаах дииллэр

«Таптал» диэн кэпсээн баар. Дэриэбинэҕэ куораттан куурусса аҕалбыттар. Түүлэрэ суох кууруссалар быыстарыгар биир түүлээх куурусса кэлсибит. Ыаллара Ылдьаана эмээхсин сиэдэрэй бөтүүгэ Бүөккэ ол кууруссаны таптаан, сайыны быһа тиэстибит. Сөҕөллөрө диэн, наар 11.00 чааска кэлэр эбит. Онно кэлэригэр киэҥ уулуссаны туоруур, иччитэх турар ыал олбуорун туоруур уонна кууруссатын тэпсэн баран төттөрү барар.

Сайын устата биир да күнү көтүппэккэ, Сиэдэрэй Бүөккэ күнүс 11.00 чааска Кэрэчээнэтин дьоллоон барара.

Куурусса хаһаайына оҕонньор ыал бөтүүгэ олус ыксаллаахтык дьиэтигэр төннөрүн көрдөҕүн аайы, бэйэтин эдэр сааһын эргитэ санаан, өрүү уруургуу көрөрө.

 

Сибиинньэ оҕото

«Сибиинньэ оҕото» диэн кэпсээҥҥэ эмиэ сибиинньэ өйдөөҕө, хаһаайкатын истэрэ ойууланар. Маайа дьиэтигэр оһоҕун таһыгар сибиинньэтин оҕото анал бэриинэҕэ сытар. Эмээхсин чэй куттан, ону-маны кэпсээн эрдэҕинэ, сибиинньэтин оҕото таһыгар кэлэн киһи курдук эмэһэтигэр олорунан кэбиһэр. Уонна сэҥээрэн хордургуур. Хаһаайката маҕаһыыҥҥа ас атыылаһа барарыгар, үөрэ-көтө барсар. Онно тиийдэҕинэ, атыыһыттар кэмпиэт, бэчиэнньэ биэрэллэр үһү. Оттон Маайа үлэлээбит хаһаайыстыбаннай маҕаһыыныгар нэһиилэ хамсанар. Маайа сибиинньэтин кыһынын хотоҥҥо таһаарбыт. «Дэриэбинэ сонунун кимиэхэ кэпсиэмий, сибиинньэбэр кэпсиибин», – диир. Ол аайы сэҥээриллиэх сиргэ барытыгар сибиинньэтэ сэҥээрэн хордургуура үһү.

Дьон иккиһин кыыл-сүөл буолан төрүүллэр үһү диэн Маайа кулгааҕар иһиллибит.Онтон ыла сибиинньэ ииппэт буолбут. Сибиинньэтин өлөрөн да баран, этин сиэбэтэх. Онтон кууруссаларыгар биир эмэ оннук баара дуу диэн дьааххана соҕус кэтиир эбит даҕаны, «куурусса аһыан эрэ баҕарар» диэбиттээх. Өрүү топпот кууруссаларыгар өйдөөх харахтааҕы көрдүүрэ да, кинини сэҥээриэх, сөҕүөх дууһа суоҕа.

 

Сиэрэй маасса буолумаҥ

Дьэ ити курдук хас биирдии кэпсээн нөҥүө  ааҕааччы олоҕу киэҥник өйдүүргэ, таптыырга, анаарарга үөрэнэр.

«Сиэрэй маасса» кэпсээҥҥэ эмиэ бастаан барабыайдары үөхсэр, онтон харыстаан-харыһыйан турбут Уйбаан оҕонньор ол барабыайдарын кытта биир «сиэрэй маасса» буоларын өйдүүр.

«Биһиги, холобур, тулабытыгар баар кыылы-сүөлү, көтөрү-сүүрэри боростуойдук көрөбүт. Ол эрэн ити «дьон» санаалара-оноолоро киэҥ уонна уустук. Бу хомуурунньукка киирбит кэпсээннэр оонньуулаах, дьээбэлээх-хооболоох, үгэлээх-эҕэлээх айымньылар эрээри, көннөрү көр-күлүү буолбатах. Биһиги сиэрбит-майгыбыт, сыһыаммыт ойууланар»,– диир норуодунай суруйааччы Миитэ-рэй Наумов.

 

Кинигэ таһыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай худуоһунньуга Артур Васильев "Үүт анаалыһа" уруһуйа туһанылынна.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....