27.07.2022 | 16:34

Оттук сезонугар бэлэмнэнии былаан быһыытынан баран иһэр

Оттук сезонугар бэлэмнэнии былаан быһыытынан баран иһэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

От ыйын 21 күнүгэр куорат баһылыгын хаһаайыстыба боппуруостарыгар солбуйааччы Егор Кардашевскай оттук сезонугар бэлэмнэнии штабын мунньаҕын ыыппыта. Бэлиэтээн эттэххэ, үлэ бэс ыйын 2 күнүттэн саҕаламмыта.
От ыйын 21 күнүнээҕи туругунан куорат ОДьКХ оттук сезонугар 55% бэлэм диэн иһитиннэрдилэр. Ол курдук, куорат үрдүнэн уопсайа 76 хочуолунай баарыттан 33 хочуолунайга өрөмүөн былааннанарыттан 8-гар түмүктэммит. 
Ититэр систиэмэни ыраастааһын үлэтэ былааннаммыт 2658 элбэх кыбартыыралаах дьиэттэн 1778-гар ыытыллан, былаан 66,9 % туолбут. Киин ититэр систиэмэ ревизията былааннаммыт 2162 элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэттэн 1262-гэр ыытыллан, былаан туолуута 58,3% тэҥнэспит. Элеватор өрөмүөнэ былааннаммыт 480 дьиэттэн 322-гэр ыытыллан, былаан туолуута 67% тэҥнэспит.
СЭГХ МКУ иһитиннэриитинэн, 94 элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыахтаах, ол иһигэр 63 дьиэ ититэр систиэмэтэ саҥардыллыахтаах. Бу күннэргэ итии, тымныы уу сүүрэр турбаларын, итии бэриллэр ситимнэрин ыраастааһын үлэтэ бара турар.
Мунньах түмүгүнэн Егор Кардашевскай балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри бэлэмнэнии үлэтин түмүктээн, кыстыкка киириини хааччыйарга сорудахтаата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...