16.05.2022 | 16:00 | Просмотров: 762

Оттук сезона ыам ыйын 20 күнүттэн түмүктэнэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатыгар уонна энергетикаҕа департаменын информациятынан, олорор уонна административнай дьиэлэргэ оттук сезона ыам ыйын 20 күнүн аһарбакка түмүктэнэрэ былааннанар. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Нормативтарга олоҕуран, ресурсанан хааччыйар тэрилтэлэр, түүҥҥү уонна күнүскү өттүгэр, салгын температурата биэс күн устата +8 кыраадыстан тымныйбат буоллаҕына ититиини араараллар. 
Олохтоохтор болҕомтолоругар туһаайан иһитиннэрбиттэринэн, дьиэ конструкциятыттан, этээһиттэн көрөн, сорох кыбартыыраларга ититииттэн тутулуга суох тымныы буолуон сөп. Ол иһин эрдэ араардахтарына дьиэбит тымныы диэн элбэх үҥсүү киирэр. 
Уһуйааннарга, оскуолаларга уонна доруобуйа харыстабылын эбийиэктэригэр ититии сезона бэс ыйын 1 күнүн аһарбакка араарыллыаҕа.
Куорат уопсай планеркатыгар Олохтоох дьаһалта Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатыгар уонна энергетикаҕа департаменын начаалынньыга Максим Шомоев бэлиэтээбитинэн, 2021-2022 сыллардааҕы оттук сезона Дьокуускай куоракка технологическэй саахала суох ааспыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.