Оттук сезона түмүктэнэрэ чугаһаата
Дьокуускай куорат дьаһалтата иһитиннэрбитинэн, тэрилтэлэргэ уонна олорор дьиэлэргэ киин ититиини халлаан 5 күн устата 8 кыраадыстан үөһэ сылаас турдаҕына, ыам ыйын 20 күнүн аһарбакка араарыахтара.
Кэнники күннэргэ халлаан лаппа сылыйан, куорат олохтоохторо дьиэлэрэ итийбитин иһин ититиини кыччаттара сатыыллар.
«Өр сыллаах кэтээн көрүүнэн, Дьокуускай куоракка оттук сезона ыам ыйын 15 күнүн кэннэ тохтуур. Сыл аайы халлаан туруга уларыйа турар. Ол иһин ити күн диэки ититии хаһан арахсара быһаарыллыаҕа», – диэтэ куорат баһылыгын бастакы солбуйааччы Роман Сорокин.
Билиҥҥи нормативтарга олоҕуран, ититии бэриллиитэ үөһэ этиллибитин курдук, халлаан 5 күн (түүн-күнүс) устата 8 кыраадыстан үөһэ сылаас турдаҕына биирдэ араарыллар.
«Ититии кыраадыһын билигин хайдах да намтатар кыахпыт суох. Сорох элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ туспа ититии пууннара бааллар, онно олохтоохтор тутталларыгар анаан итии уу бэлэмнэнэр. Онон ититии систиэмэтэ тустаах температураны тутан туруохтаах», – диэн быһаарда Роман Сорокин.
Дьиэлэр конструкциялара араас-араас, сорох дьиэлэргэ тымныы буолуон сөп. Онон ититиини эрдэ араардахха, сорох дьиэлэр тымныйбыттарын туһунан үҥсүүлэр киириэхтэрин сөп.