03.08.2022 | 14:00

Оттооһун хаамыыта бытаан

Оттооһуҥҥа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн туруоруллубут 443 тыһыынча тонна былаантан, билиҥҥи туругунан, 120 тыһыынча тонна от бэлэмнэннэ диэн Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Оттооһун хаамыыта бытаан
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Николай Афанасьев информациятынан, от соҕотуопкатыгар инники кэккэҕэ Нам, Сунтаар уонна Уус-Алдан улуустара сылдьаллар.

Горнай улууһугар былырыыҥҥы баһаартан, онтон Үөһээ Бүлүү улууһугар сорох оттуур сир ууга баран уустуктары көрсүбүттэр.

Итини таһынан, Таатта уонна Чурапчы улуустарыгар аһыыка улахан хоромньуну таһаарбыт. Миниистир солбуйааччыта этэринэн, саамай ыарахан балаһыанньа Үөһээ Дьааҥы улууһугар үөскээбит, итиннэ оттуур сир 80%-на ууга барбыт.

Саха сирин бырабыыталыстыбата Үөһээ Дьааҥы улууһун бүддьүөтүгэр ыраах учаастактарга үлэлиир мобильнай биригээдэлэри өйөөһүҥҥэ сириэстибэлэри ыытарга бары миэрэлэри ылынар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...