23.08.2022 | 18:00

Оттооһун былаана 61% туолла

Билиҥҥи туругунан Саха сиригэр 269 132 туонна от бэлэмнэннэ, ити былаан 61%-на диэн иһитиннэрдэ СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Оттооһун былаана 61% туолла
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн, атырдьах ыйын 23 күнүгэр ыытыллыбыт мунньахха, Ил Дархан Айсен Николаев Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр оройуоннарга оттооһун хаамыытын күн ахсын хонтуруоллуурга сорудахтаата. Кини оттооһуҥҥа инники кирбиигэ сылдьар улуустар отторун хаһааналлара, онтон атын оройуоннарга тиэйэллэрэ наадалааҕын бэлиэтээтэ.

«Сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ бырабыыталыстыба уонна соҕотуопкалааччылар өттүлэриттэн үлэни тэрийии арыый да мөлтөх. Былырыын Киин, Илин эҥээр уонна Бүлүү бөлөх улуустарыгар ойуур баһаара туран олус ыарахан сыл этэ. Быйыл, улахан баһаар суох кэмигэр, кэккэ оройуоннарга оттооһун хаамыыта бытаан. Ити үлэ тэрийиитэ мөлтөҕүн көрдөрөр. Былырыын баһаар турбут оройуоннара быйыл ууга бараллара, ол иһин ыраах учаастактарга үлэни тэрийиэххэ наадата эрдэттэн өйдөнөр этэ», — диэтэ Ил Дархан.

Быйылгы кыстыкка барыта 443 880 туонна от бэлэмнэниэхтээх. Уу халаанынан сибээстээн оттооһуҥҥа уустук балаһыанньа Үөһээ Дьааҥы, Кэбээйи, Горнай улуустарыгар уонна аһыыкаттан сылтаан Чурапчы оройуонугар үөскээтэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...