20.12.2020 | 11:06

Отчуот саҥа форматын олохтоохтор сэҥээрдилэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ахсынньы 10-24 күннэригэр куорат бары уокуруктарын уонна нэһилиэктэрин сыллааҕы отчуоттара ыытыллар. Быйылгы сыл түмүгүн таһаарар тэрээһиннэр уратытык, ол эбэтэр урукку курдук олохтоохтору кытта сирэй-сирэйгэ көрсөн буолбакка, видеоконференция форматынан тэриллэллэр.

Тупсарыы – үлэ сүрүн хайысхата

Бу нүөмэргэ бастакынан отчуоттаабыт Хатас уонна Маҕан нэһилиэктэригэр туох үлэ барбытын ырытыахха.

Куорат нэһилиэктэригэр ыраастааһыҥҥа, тупсарыыга сүрүн болҕомто ууруллар. Ол курдук, быйыл Хатаска урукку полигону сөргүтүүгэ үгүс үлэ ыытылынна. Куорат полигонугар 39 тыһыынча куб. миэтэрэ бөх тиэйилиннэ.

Аны туран, көҥүлэ суох сыбаалкалар – ханнык баҕарар нэһилиэк сытыы кыһалҕата. Сыыппаралары сыымайдаатахха, маннык: холобур, Хатас нэһилиэгиттэн 225 куб. миэтэрэ бөх тиэйиллибит буоллаҕына, быйыл Маҕантан 561 куб.миэтэрэ көҥүлэ суох сыбаалка ыраастанна.

Төһө эмэ этиллибитин үрдүнэн, дьон бөҕү талбыт сиригэр тоҕоллорун тохтоппоттор. Санитарнай туочука эбиллэр – көҥүлэ суох сыбаалка утары тахса турар. Холобур, быйыл Маҕаҥҥа эбии сэттэ туочука баар буолбутун туһунан дьаһалта салайааччыта кэпсээтэ. 

Хатас баһылыга Евгений Пермяков олохтоохторго анал санитарнай туочукаларга тутуу бөҕүн-сыыһын мунньар көҥүллэммэтин санатта.

«Көҥүлэ суох сыбаалка тахсыбатын туһугар бэрээдэги кэһээччилэри нэһилиэк дьаһалтатыгар үҥсэн иһэргитигэр көрдөһөбүн. Нэһилиэк – биһиги дьиэбит, тутуу бөҕүн мунньан, дьиэбитин киртитэбит, сыыһырдабыт. Оннук бөҕү полигоҥҥа бэйэҕит илдьэн тоҕуохтааххыт», – диэтэ.

Маҕан баһылыга Сергей Спиридонов иһитиннэрбитинэн, быйыл Маҕаҥҥа Алымов, Кухто, Лесной уулуссалартан бас билээччитэ суох мас тутуулар тиэйиллибиттэр. Антеннай уонна Кухто уулуссаларыгар турар спорт балаһааккалар күрүөлэрэ кырааскаламмыт, волейбол сетката туруоруллубут.

Ону таһынан Киров, Лесной, Севернай, Алымов, Кухто, Кыайыы 40 сыла уулуссаларга турар аҕыс олорор дьиэ өрөммүөннэммит.

Быйыл Маҕан нэһилиэгэр Аҕа дойду Улуу сэриитигэр  охтубут буойуннарга аналлаах сквергэ үйэтитэр үлэ ыытыллыбытын хаһыакка суруйар тоҕоостоох. Ол курдук, манна истиэндэ оҥоһулунна, тимир стела туруорулунна, ыскамыайкалар кэчигирэстилэр, хаамар суол плитканан тэлгэтилиннэ. Онон сквер тупсарыыта санаа хоту сатанна.

Ол эрээри, сорох былаан туоларыгар, олоххо киирэригэр коронавирус дьаҥа туорайдаста.

«Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагырааманан «Руна» ХЭТ Маҕаҥҥа стадион оҥорон саҕалаабыта. Ол эрээри, пандемиянан сибээстээн, үлэ сорҕото толоруллубата. Онон хантараагы көтүрэр былааннаахпыт», – диэн кэпсээтэ нэһилиэк управлениетын салайааччы Сергей Афанасьевич.

Суол тутуута

 “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак быйылгы испииһэгэр киин куорат нэһилиэктэрэ киирбиттэрэ. Куорат баһылыгын бастакы солбуйааччы Евгений Григорьев сорох уулуссалар сэбиэскэй кэмтэн оҥоһуллубакка турбуттарын хаста да этэн аһарбыта. Ол курдук, уопсайа 14 эбийиэккэ – Маҕаҥҥа (Алымов, Киров), Пригороднайга (Новай), Хатаска (Аржаков, Совхознай), Тулагыга (Связистэр, Уваровскай, Порядин), Кангалаас микрооройуонугар (Пионерскай, Лесной, Объездной) Табаҕаҕа (Березовай, Каландаришвили, Строителей) өрөмүөн үлэтэ күөстүү оргуйда. Эһиилги былааҥҥа хас да эбийиэк киирбитэ ордук үөрүүлээх.

Маны таһынан, Евгений Пермяков Хатаска кыбаартал иһинээҕи суоллар дьаамалара өрөмүөннэммитин, 1885 миэтэрэ оҥоһуллубутун отчуот кэмигэр кэпсээтэ. Ол курдук, маннык үлэ Хатаска Труд, Восточнай, Якутскай, Молодежнай, Строителей, Совхознай, Владимировкаҕа Центральнай уонна Сиэллээх уулуссаларга ыытылынна.

Оттон Маҕаҥҥа Антеннай, ДАРС (3-линия), Алымов, Кухто, Кыайыы 40 сыла, Сединскэй уулуссаларга, Сединскэй переулогар, Парковай ааһар суолугар кутуу үлэтэ барда.

Куорат баһылыгын бастакы солбуйааччы Евгений Николаевич Григорьев 2021 сылга “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак чэрчитинэн 18 эбийиэккэ үлэ ыытыллара былааннанарын туһунан иһитиннэриитин хаһыат бу иннинээҕи нүөмэрдэригэр суруйбуппут.

Нэһилиэктэри ылан көрдөххө, эһиил Мархаҕа Советскай уонна Олег Кошевой уулуссата, Тулагыга Николаев уулуссата өрөмүөннэниэҕэ.  Кангалааска Нагорнай уулуссаҕа суол ситимин саҥардыы үлэтэ ыытыллыаҕа. Хатаска, Тулагыга, Табаҕаҕа элбэх оҕолоох ыаллар олорор кыбаарталларыгар киирии суол тутуллуоҕа. Ол курдук, уопсайа 30 км кэриҥэ суол өрөмүөннэниэҕэ. Маныаха 1,2 млрд солкуобай көрүллүөҕэ.

Нэһилиэк сырдыыр, сандаарар

Уулуссалары сырдатыыга Дьокуускай куоракка хас да анал бырагыраама баар.

2020 сылга Хатас нэһилиэгин сиригэр-уотугар уопсайа 193 уулуссаны сырдатар лаампа туруорулунна: Хатаска – Солнечнай, Восточнай, Николаев, Ойуунускай, Ленин уулуссаларыгар, Владимировкаҕа – Сиэллээх уул. Онтон “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак чэрчитинэн аҥаардас Совхознай уулуссаҕа 45 лаампа туруорулунна. Оттон “Сырдык киин куорат” бырагырааманан уопсайа 96 лаампа нэһилиэги сырдатта – Хатаска Каландарашвили, Петров, Шараборин уулуссаларыгар, Владимировкаҕа – Центральнай уулусса.  

Дьокуускай куорат баһылыга Сардана Авксентьева дьаһалынан Покровскай тракка турар Өрөспүүбүлүкэтээҕи анал коррекционнай интэринээт-оскуола тохтобулуттан Хатаска туоруур суолга диэри, Ойуунускай уулуссатыгар уопсайа 31 светильник туруорулунна.

Маҕан социальнай боппуруостары тумнубат

Хас биирдии нэһилиэк үтүмэн үлэни тэрийэн ыытарын сыллааҕы отчуокка истэбит. Сорох биллибэккэ-көстүбэккэ хаалбыт өттүн эмиэ мантан билэбит.

Маҕан дьаһалтатын управлениетын салайааччыта Сергей Спиридонов социальнай боппуруостары тумнубата. Ол курдук, элбэх оҕолоох, кыаммат ыалларга докумуоннары хомуйууга, итиэннэ олох ыарахаттарыгар түбэспит ыалларга материальнай көмө оҥоһулларыгар Дьокуускай куорат Нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлигэр уонна үлэ управлениетыгар хадатаайыстыба түһэрэргэ дьаһалта көмөлөһөр. Маны сэргэ, Сергей Афанасьевич Маҕан орто оскуолатын социальнай педагогун, саастарын ситэ илик оҕолор өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай-реабилитационнай кииннэрин кытта бииргэ холбоһон үлэлииллэрин кэпсээтэ.

Олохтоохтор туруорсаллар

         Бу сырыыга отчуоттар төһө да ВКС форматынан ыытыллыбыттарын иһин, нэһилиэнньэ тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кытынна.

         Хатас олохтоохторо күүтүүлээх спорт саалата хаһан тутулларын токкоолостулар, учаастактарга гаас киириитин, уулуссалар өрөмүөннэрин былаанын ыйыталастылар. Төрөппүттэр оскуола оптуобуһун сырыытын уһатар туһунан боппуруоһу көтөхтүлэр. 

         Маҕан көхтөөх олохтоохторо саҥата суох хаалбатылар. Нэһилиэнньэттэн элбэх ыйытыы киирдэ. Ол курдук, кинилэр спорт саалата хаһан өрөмүөннэнэрин, стадион хаһан тутулларын сурастылар. Олохтоохтор сайыҥҥы өттүгэр уу ситимин тардыы боппуруоһун, о.д.а. туруорустулар. 

         Хас биирдии боппуруос, этии сурукка тиһилиннэ, боротокуолга киирдэ. Инникитин нэһилиэнньэни долгутар кыһалҕалары быһаарар сорук турар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....