От ыйын 2 күнэ – Өлүөнэ эбэ Күнэ
Бүгүн Саха сиригэр Өлүөнэ эбэ Күнэ. Бу бырааһынньык 2013 сылтан бэлиэтэнэр.
Өрөспүүбүлүкэ салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ил Дархан Айсен Николаев Өлүөнэ эбэ Күнүнэн эҕэрдэтин тириэртэ. Кини эбэбит Саха сирин олохтоохторугар тыын суолталаах хорук тымырынан буоларын бэлиэтээтэ.
«Эбэ уута Дьокуускай куораты уонна өрөспүүбүлүкэ атын нэһилиэнньэлээх пууннарын хааччыйар. Өлүөнэ эбэнэн региоҥҥа улахан суолталаах таһаҕастары, ол иһигэр оттугу, тутуу матырыйаалын аҕалаллар. Кини баар буолан ыраах хотугу, арктика оройуоннарыгар тыын суолталаах таһаҕас барар», - диэн бэлиэтиир Айсен Николаев.
Кини Өлүөнэ эбэ Күнэ өрүспүт ураты айылҕатын эбийиэктэрин харыстааһыҥҥа болҕомтону тардар, кини уобараһын национальнай бренд быһыытынан өрө тутар, региоҥҥа экологическай туризмы сайыннарар сыаллаах олохтоммутун санатта.
Өлүөнэ эбэ Байкаал сис хайатын арҕаа өттүттэн, Байкаал күөлүттэн 10 км тэйиччи сиртэн саҕаланан Иркутскай уобалаһынан уонна Саха сиринэн ааһар. Киниэхэ Алдан, Витим, Бүлүү, Өлүөхүмэ өрүстэр уулара түһэр. Өлүөнэ бүтэр уһукка Хотугу Муустаах акыйаан Лаптевтар муораларыгар тиийэр. Эбэ уһуна 4400 км., уопсай иэнэ – 2 490 000 кв. км.
Ил Дархан бу күн араас экологическай тэрээһиннэр буолалларын эттэ.
Онлайн-балаһааккаларга «Река Лена в необычном ракурсе» хаартыска күрэҕэ, «Лена — голубой меридиан Сибири» викторина, «Пусть на земле не умирают реки!» лекция, Instagram платформатыгар Өлүөнэ эбэ устун видео-экскурсия, «Красавица Лена» куукуланан туруоруу, «Чистая Лена» челлендж былааннаммыттар.
«Итини таһынан, Өлүөнэ эбэ Күнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи предпринимательство, атыы-эргиэн уонна туризм министиэристибэтэ Табаҕа тумулугар үгэс буолбут субуотунньугу, „Водоканал“ АУо „Ыраас биэрэк“ аахсыйа чэрчитинэн Өлүөнэ эбэ территориятыгар уу оботторор уонна уу ыраастыыр тутуулар тастарыгар субуотунньугу тэрийэллэр», - диэн баһылык эттэ.
Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун Өлүөнэ эбэ Күнүгэр анаммыт экологическай тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырда.