12.07.2021 | 16:00

От ыйын 12 күнэ – Бөтүрүөп таҥара күнэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Өбүгэлэрбит ходуһаҕа Бөтүрүөп таҥара иннинэ эбэтэр ый ортотун аһардан баран, от сиппитин, сибэккилэммитин кэннэ киирэр үгэстээхтэрэ. 
От охсуутун Бөтүрүөпкэ диэри саҕалаабатахтарына, абааһылар мунньахтарын (от ыйын 13 күнүн) аһардан баран охсоллоро. Окко маассабайдык Борокуоппайап күнүттэн киирэллэрэ.
Хадьымалы таһаарыы
Илии хотуурун ахсаабат пропагандиһа Михаил Слепцов 2002 с. тахсыбыт “Хотуур тыаһын лыҥкынатыах” кинигэтигэр көрдөххө, оттооһуҥҥа сыһыаннаах үгэстэр биһиэхэ суох буолбатах эбиттэр. Холобур, ходуһаны маанылааһын сиэригэр ходуһаҕа киирбит бастакы күҥҥэ күөстэнэр сиргэ (оллооҥҥо) уот оттон, аҕа саастаах эбэтэр бас-көс киһи алгыс этэн, уотугар ас биэрэр. Эбэ Хотун, Аан дойду уонна хотуур (Уһун Уһаанньаҥ) иччилэриттэн көрдөһөр. Чэйдээн баран, ходуһаларыгар киирэн, үстэ сүгүрүйэллэр итиэннэ охсубутунан бараллар. Ити бастакы хотуур суолун тэлии дэнэр.


Хотуур уулатар
От охсооччулартан биирдэстэрэ илин диэки хайыһан туран күҥҥэ сүгүрүйэр, онтон хотуурун үс төгүл далайан охсор. Охсуллубут оттон биир тутуму ылан, ымдааҥҥа (быырпахха) уган илитэр уонна ол отунан хотуурун үс төгүл сотор. Атыттар кинини үтүктэллэр. Эмиэ алгыс этэллэр, уокка ас кэбиһэллэр. Дьэ ол кэнниттэн, бары ходуһаҕа киирэн, охсууну саҕалыыллар.
Күүлэй
Бастыҥ отчуттары мунньан, оту охсууга күрэхтэһиннэрии саха омук сиэригэр-туомугар киирбит бырааһынньык. Кыттар дьону эрдэттэн анаан ыҥыраллар, үүнүүлээх алааһы талаллар, үчүгэй аһы-үөлү, элбэх кымыһы, ымдааны бэлэмнииллэр. Күрэхтэһии саҕаланыытыгар уот оттон, ходуһаларын иччитин аһаталлар. Түмүккэ киэҥ сири охсубут киһи кыайыылааҕынан ааҕыллар.
Кыдама алгыһа
От кэбиһиитэ саҕаланыытыгар толоруллар эбэтэр от үлэтэ бүтүүтэ, тиһэх оту кэбиһэн бүтэн баран ыытыллар. Кэбиһиилэх от күлүгэр кыра малааһын тэрийэллэр. От тэрилин суулаан уураллар, ходуһаны ыраастыыллар.


Хотуур сорох кистэлэҥэ
Сахалар былыр мас, муос хотуурдарынан, кэлин тимир салбах батаһынан (горбушанан) оттуур эбиттэр. Элитиэпкэ хотуур букатын хойут, 1880 с. кэнниттэн тарҕаммыт. Үчүгэй хотууру харыстаан уура сылдьан, икки-үс киһи үйэтигэр тутталлара.
Хотуур биитин 1/3 төрдүнэн ордук харыстаныллыахтаах, ол хотуур оту ордук хоторугар быһаарар оруоллаах. Тимир уустара бэйэлэрэ оҥорбут хотуурдарын дьоҥҥо мээнэ көрдөрбөттөр. Ону тэҥэ, хотуурга бэйэлэрин бэлиэлэрин туруораллар, оттон бастыҥ охсооччулар элитиэпкэлэрин өнчөҕөр анал бэлиэлээх буолар эбиттэр.
Өрөспүүбүлүкэ чулуу охсооччулара
1. Алексей Иванович Кладкин (Таатта) — 1938 с. 27 саастааҕар биир күҥҥэ 5,07 гектары охсубута.
2. Петр Николаевич Иванов (Сунтаар) 1979 с. икки күн 4,79 гектары охсубута, кэлин ванадийдаах хотуурунан алта чааска 3 гектары охсубута.
Аҕа көлүөнэ үлэҕэ үтүө үгэһин сөргүтэр туһугар Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин, итиэннэ «Урожай» федеральнай спортивнай уопсастыба тэрийиилэринэн, илии хотуурунан оту охсууга «Күүлэй» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии тиһигин быспакка тэриллэр. Онно төһө да урукку көрдөрүүгэ тиийбэтэллэр (билигин кэмэ атын), уон чаас устата 1,5-1,7 гектары нэлэтэр Иван Тихонов, Вячеслав Тихонов (иккиэн мэҥэлэр), Василий Аммосов (Уус Алдан), Леонид Зырянов (Нам), Гаврил Васильев (Амма) уо.д.а. инники күөҥҥэ сылдьаллар, эдэрдэр да хаалсыбаттар.


Интернет ситимиттэн

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...