01.11.2020 | 09:28

ОТ-МАС КҮҮҺҮГЭР ИТЭҔЭЙИЭХХЭ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Фтизиопедиатр, нутрициолог быраас Дора Николаева (@dr.dora) нутрициология диэн киһи этин-сиинин уонна уйулҕатын кытта үлэлиир медицина хайысхатын туһунан кэпсээтэ:

– Мин Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээхпин. Оскуола кэнниттэн СГУ Мединститутугар педиатр идэтин баһылаабытым. Бастаан дойдубар үлэлээн баран, билигин Оҕо сэллигин эмтиир отделениеҕа сэбиэдиссэйдиибин. Фтизиопедиатрынан үлэлээбитим 13 сыл буолла. Сүрүн үлэм быыһыгар нутрициология диэн көрүҥү сэҥээрэн,  Норуоттар икки ардыларынааҕы интегративнай нутрициология институтугар үөрэммитим.

НУТРИЦИОЛОГИЯ ДИЭН ТУГУЙ?

– Нутрициолог киһи аһылыгын уларытан, тиийбэт битэмииннэрин эбэн, күннээҕи олорор олоҕун сааһылыыр, киһини чөлүгэр түһэрэр, ис туругун чэгиэн-чэбдик оҥорор. Нутрициологтар киһини биир бүтүн ситим курдук көрөллөр, хас да гына аҥаа-маҥаа араарбаттар. Киһи ис туругун, анаалыстарын үөрэтэн,  этин-сиинин барытын бииргэ көрөн киниэхэ туох тиийбэтин быһааран, аһылыгар тиийбэт эттиктэрин оттон-мастан уонна да атын туһалаах эбиликтэри анаан көмөлөһөбүт.

 Биһиги киһи ис туругун кытта үлэлиибит. Холобур, туохтан сылайарын, баттаҕа тоҕо түһэрин, тириитэ туохтан бааһырарын, ис уорганнара тоҕо куһаҕаннык үлэлииллэрин быһаарабыт.

Биһиги организммыт өйдөөх баҕайы, туохтан кэһиллии барбытын быһаардахха, кыратык да көннөрөн биэрдэххэ, аа-дьуо барыта тупсан киирэн барар.

Сахаларга нутрициология төһө барсар дии саныыгын?

– Киһи ис уоргана барыта тэҥ, омугунан арахсыбат.

Ол эрэн, биһиги тыйыс тымныы дойдуга олорорбут быһыытынан, уонна өбүгэлэрбит тугу аһаан-сиэн олорбуттарын өйдөөн туран, аныгы олох ситэтэ суох аһылыгынан наһаа үлүһүйбэккэ ыраас, Ийэ айылҕа биэрбит, дьиҥ бэйэбит төрүт аһылыкпытын аһыырбыт ордук диибин.

ОҔО ИММУНИТЕТА ИЙЭ ИҺИГЭР ҮӨСКҮҮР

Иммунитеты күүһүрдэр ньыма быһыытынан нутрициологияны туһаныахха сөп дуо? Хайдах?

– Нутрициология, бастатан туран, ыарыы профилактикатыгар ордук. Ол аата үгүс ыарыыны сэрэтэр кыахтаах.

Киһи очоҕоһугар 80 % иммуннай килиэккэ олорор, кинилэр биһиэхэ киирэр ыарыы тарҕатар микробтары онно көрсөллөр. Дьэ, ол сэриигэ ким кыайара биһиги очоҕоспут микрофлоратын туругуттан тутулуктаах.

Киһи очоҕоһун микробиомата өссө орто дойдуга кэлиэхпит инниттэн үөскээн барар. Ийэ тугу аһаабыта, хайдах төрөөбүппүт (эпэрээссийэнэн дуу, айылҕабытынан дуу) барыта оруолу оонньуур.

Оҕо иммунитета хайдах үлэлиирий? Сыл аайы бороохтуйан иһэр, ыарыйдаҕын аайы бөҕөргүүр дииллэрэ сөп дуо?

– Эппитим курдук, иммунитет оҕо төрүөн инниттэн ийэ иһигэр үөскээн барар. Ол иһин хат буолуох иннинэ дьахтар доруобуйатын көрүнэрэ, олохсуйбут ыарыыларын, араас инфекцияларын эмтиирэ, организмыгар туох тиийбэтин толороро, иҥэмтэлээхтик аһыыра-сиирэ, холку, нус-хас олохтоноро кытта улахан оруолу оонньуур.

Биллэн турар, оҕо бэйэтин айылҕатынан ийэттэн төрүүрэ ордук. Кесарево эпэрээссийэнэн төрөөбүт оҕолор микробиоталара араас буолар.

Маны тэҥэ ийэ бастакы уоһахтаах үүтүн оҕотугар эмтэрэрэ наада. Үгүс антибиотиктар буортулаахтар. Ол иһин оҕону таблетканан эмтиэх иннинэ, ийэлэри үчүгэйдик толкуйдуур буолуҥ диэн сүбэлиибин. Наадата суох эмтэри иһэрдэр кутталлаах да буолуон сөп.

Аптекаттан ылыллар эмтэрэ суох сатаммат ыарыылар баалларын эмиэ өйдүүбүн. Ол эрэн бэйэм бэлиэтээн көрөрбүнэн, аптекаҕа кэлэн ийэлэр үксүн “сөтөлтөн”, “истэн”, “күөмэйтэн” эмп ыла турар буолааччылар. Онтон кэлэн быраастан “иммунитеты эмтиир эмп” көрдөөччүлэр.

Ханнык баҕарар иммуномодуляторы оҕоҕутугар биэриэххит иннинэ:

  1. Оҕо аһылыгар болҕомтоҕутун ууруҥ. Рафинированнай арыыны, саахары, маҥан бурдугу кыччатыҥ. Пакеттаах минньигэс утахтарга үөрэтимэҥ. Полуфабрикаттары, фаст-фуд астары тумнуҥ. Доруобай белоктары уонна сыаны сиэтэргэ дьулуһуҥ;
  2. Саатар аҕыйах анаалыһы туттаран көрүҥ: тимир, битэмииннэр, минераллар төһө баалларын бэрэбиэркэлэниҥ. Тиийбэтин эрэ толорон биэриҥ.

АПТЕЧКАМ ЭМИН ОТУНАН УОННА

АРЫЫНАН СОЛБУЙДУМ

Эми аһылыкка эбиликтэринэн (БАД-биологически активная добавка к пище) солбуйуу хайдаҕый? Чахчы туһалаах дуо? Киһи таблетката суох олоруон сөп дуо?

– Биллэн турар, препараттара суох эмтэммэт ыарыылар бааллар. Ол эрэн билигин бэйэ эмтиэкэтинэн дьарыктанар дьон элбээтэ. “Ыалдьан эрэбин быһыылаах, о-ол антибиотигы иһиэхпин наада, ааспыкка көмөлөспүтэ”, – диир киһи баһаам.

Мин бэйэм дьиэ кэргэммэр аптекаттан тимирдээх битэмиини уонна аһылыкка эбиликтэри эрэ ылабын. Биһиги олохпутугар БАД-тары киллэрдибит. Эмтэри солбуйар кыахтаахтар диэбэппин эрээри, эми иһиигэ тиийбэт туһугар ханнык баҕарар ыарыыны эрдэ сэрэтэргэ олус көмөлөөхтөр.

Бэйэҥ олоххор арыылары уонна БАДтары төһө киллэрэҕин?

– Мин от-мас кыаҕыгар күүскэ итэҕэйэбин. Биһиги өбүгэлэрбит отунан-маһынан эмтэнэллэрэ, антибиотиктары туттубаттар этэ. БАД-тары уонна араас эфирнэй арыылары оҥорон таһаарааччылары кичэйэн үөрэтэбин. Аптечкабар баар урукку эмтэри барытын эфирнэй арыыларга уонна БАД-тарга уларыттым. 

Билигин дьон айылҕаттан көмөнү эрэйэллэрэ үксээтэ. Эфирнэй арыылар былыр-былыргыттан тыһыынчанан сыл устата туттуллан кэлбиттэрэ. Бастатан туран, арыылар киһи өйүгэр-санаатыгар, этигэр-сиинигэр, уйулҕатыгар үтүө эрэ дьайыылаахтар эбит. Мин бу арыыларынан бактерияны, грибоктары, вирустары утары үлэлиир эмтэри солбуйдум, оннооҕор ыарыыны мүлүрүтэргэ кытта туттабын. 

СЫТЫ БИЛЭР БУОЛАРГА ЭФИРНЭЙ АРЫЫ ТУҺАЛААХ

Фтизиатр быраас буоларыҥ быһыытынан, коронавирус кэннэ организмы чөлүгэр түһэрэргэ тугу сүбэлиигин? (реабилитация, восстановление). Билигин олус элбэх киһи ыарыйда, онон инник сүбэҕэ наадыйар киһи үксээтэ.

– Коронавирус туһунан биири тоһоҕолоон этэбин – бу ситэ үөрэтиллэ илик ыарыы, ол иһин манна чуолкай сүбэни биэрэр быраас суох буолуохтаах. Учуонайдар билигин бу ыарыыны күүскэ үөрэтэн эрэллэр.

Ыалдьыбыт дьон сыты билбэт буолан хаалаллар. Сыты билбэт буолууга эфирнэй арыылары сытырҕалааһынынан чинчийиилэр ыытыллыбыттара баар. Сытырҕалааһын эрчиллиитин эфирнэй арыылары сыттаан оҥорбут дьоҥҥо сыты билэллэрэ төннүбүт.

Организмҥа ханнык эттиктэр тиийбэттэрин БАД-тарынан толорон биэрии  ханнык баҕарар ыарыыны сэрэтэргэ оҥоһуллуохтаах.

Аһылыкка эбилик быһыытынан өрүү сии сылдьыахха сөп: С битэмиини, магнийы, лецитини, Саха сирин тыйыс усулуобуйатыгар олорон хайаан да Д битэмиини, йоду.

БАДтары сииргэ бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнэһэр, бииргэ үлэлиир гына сааһылаан иһиллиэхтээх. Утарылаһар, бэйэ-бэйэлэригэр барсыбат БАД-тар бааллар. Холобур, В битэмиин көрүҥнэрэ олус хаппырыыстар, иҥэллэригэр атын эттиктэри кытта сааһыланаллара хайаан да наада.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....