23.08.2022 | 16:00

Оскуоланы 100 бааллаах бүтэрбиттэр Арассыыйа бастыҥ кыһаларыгар киирдилэр

Быйыл биир кэлим эксээмэни 100 баалга 23 оскуоланы бүтэрээччи туттарда. Итинтэн 8 – нуучча литературатыгар, 7 – нуучча тылыгар, 3 – математикаҕа, 3 – химияҕа, 2 – информатикаҕа уонна инфокоммуникационнай технологияларга диэн СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Оскуоланы 100 бааллаах бүтэрбиттэр Арассыыйа бастыҥ кыһаларыгар киирдилэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Уус Маайа улууһун Эльдикан орто оскуолатын үөрэнээччитэ, нуучча литературатыгар уонна тылыгар 100 баалы ылбыт Виталий Красиков Арассыыйа маҥнайгы бэрэсидьиэнэ Б.Н. Ельцин аатынан Ураллааҕы федеральнай университет суруналыыстыка факультетыгар киирдэ. Н.А. Алексеева Техническэй лицейын үөрэнээччитэ, профильнай таһымнаах математиканы уонна химияны  100 баалга туттарбыт Назар Павлов М.В. Ломоносов аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай университет химическэй факультетын талла.

Иккилии оҕо Санкт-Петербурдааҕы судаарыстыбаннай университет математико-механический факультетыгар уонна М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи  федеральнай университет тас дойду тылларыгар үөрэҕин уонна  регионнарын үөрэтии институтугар, итиэннэ Медицина институтугар, өссө икки оҕо – РФ Бэрэсидьиэнин Норуот хаһаайыстыбатын уонна судаарыстыбаннай сулууспатын академиятыгар киирбиттэр. 

Итини таһынан, сүүс бааллаах оҕолор Москва, Санкт-Петербург, Новосибирскай, Орел куораттар бастыҥ үрдүк үөрэх кыһаларыгар киирдилэр.

Манна даҕатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэбит  100 сыллаах үбүлүөйүнэн Ил Дархан Айсен Николаев биир эксээмэни 100 баалга туттарыы иһин 100 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх төлөбүрү олохтообута.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....