Оскуолаларга олохтоох бородууксуйанан аһатыахтара
Өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын остолобуойдарын менютугар нэдиэлэ аайы олохтоох бородууксуйа баар буолуоҕа диэн ахсынньы 25 күнүнээҕи пресс-конференцияҕа Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ.
«Оскуолаларга уонна уһуйааннарга оҕолору олохтоох бородууксуйанан аһаталларын курдук боппуруоһу быһаарыахха наада. Бу туһунан сыллааҕы Илдьиппэр чопчу эттим. Быйылгыттан менюну оҥороллоругар бэйэбит бородууксуйабытын киллэрэллэрин булгуччу ситиһиэҕим. Итиннэ Роспотребнадзоры, федеральнай стандартары кытта сибээстээх боппуруостар бааллар, ол эрэн, күүскэ ылыстахха барытын ситиһиэххэ сөп. Муниципалитеттар уонна оскуолалар, оҕо доруобуйатыгар туһалааҕын көрөн, бу боппуруоһу быһаарыахтарын наада», – диэтэ кини.
Ил Дархан сыллааҕы Илдьитигэр оҕо уһуйааннарын, оскуолалары, балыыһалары, социальнай тэрилтэлэри хаачыстыбалаах бородуукталарынан хааччыйар ирдэнэрин чопчу ыйан турар.
Олохтоох ас-үөл судаарыстыбаннай атыылаһыыга 25%-тан итэҕэһэ суох, оттон муниципальнайга – 50%-ҥа тиийэр буолуохтаах.