Оскуолаларга эбии миэстэни тэрийэргэ федеральнай бүдьдьүөттэн үп көрүллүөҕэ
Саха сирэ Дьокуускай куорат оскуолаларыгар эбии миэстэни тэрийэргэ федеральнай бүдьдьүөттэн үп ылыа5а.
Оскуолаларга эбии миэстэлэри тэрийэргэ СӨ үс бырайыага сүүмэрдээһини ааһан федеральнай бүдьдьүөттэн субсидия көрүллэр буолбут. Үөрэҕирии тэрилтэлэригэр саҥа миэстэлэри тэрийии бырайыага «ВЭБ.РФ» сайдыы судаарыстыбаннай корпорацията кыттыылаах олоххо киирэр.
Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Сергей Местников иһитиннэрбитинэн, 2021 сыл бэс ыйын 1 күнүгэр ылыныллыбыт сүүмэрдиир Хамыыһыйа быһаарыытынан, региональнай бырайыактар чэрчилэринэн бастакы уочарат 720 миэстэлээх үс эбийиэк тутуллара былааннанар. «Ити Дьокуускайдааҕы 5 уонна 12 нүөмэрдээх оскуолаларга уонна Хатас сэлиэнньэтин оскуолатыгар самалык тутуулар буолуохтара. Эбийиэктэр 2022 сыл бүтүөр диэри үлэҕэ киирэллэрэ былааннанар», – диэтэ вице-премьер.
Федеральнай бүдьдьүөттэн субсидия биэрии туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна РФ үөрэҕириигэ министиэристибэтин Сөбүлэҥэ быйыл балаҕан ыйыгар түһэрсиллэрэ былааннанар.
РФ үөрэҕириигэ министиэристибэтэ 2022 уонна 2023-2024 сылларга федеральнай субсидияны көрөргө бырайыак сүүмэрдээһинин 3 түһүмэҕинэн ыытар.
Билиҥҥи кэмҥэ Саха сирэ бырайыак сүүмэрдээһинин иккис түһүмэҕэр кыттаары бэлэмнэнэр. Ил Дархан Айсен Николаев регионнааҕы тутуу эбийиэктэрин хонтуруоллуур суһал штаб бастакы мунньаҕар бырайыак сүүмэрдээһинин иккис уонна үһүс түһүмэхтэригэр кыттар үөрэҕирии эбийиэктэрин чопчулуулларыгар сорудахтаабыт.