28.11.2023 | 10:00 | Просмотров: 459

Оскуолалар 1-8 кылаастара дистанционнай көрүҥҥэ көстүлэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Роспотребнадзор управлениетын сүбэтинэн, киин куорат уокуругар грипп уонна ОРВИ ахсаана элбээбитинэн, санитарнай-эпидемияны утары хамыыһыйа быһаарыытынан сэтинньи 28 күнүттэн ахсынньы 8 күнүгэр диэри, Дьокуускай оскуолаларыгар уонна эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр 1-8 кылаастар дистанционнай көрүҥүнэн үөрэнэнэллэр.

Хааччахтааһын кэмигэр,  куорат уокуругун территориятыгар 1-8 кылаас үөрэнээччилэрэ кыттыылаах бары спортивнай уонна култуурунай-маассабай тэрээһиннэр тохтууллар.

Дьокуускай куорат санитарнай-эпидемияны утары хамыыһыйата элбэх киһи тоҕуоруһар миэстэлэригэр медицинскэй маасканы кэтэ сылдьарга уонна социальнай дистанцияны тутуһарга сүбэлиир. Төрөппүттэр оҕолоро уопсастыбаннай миэстэлэргэ, ол иһигэр киинэ тыйаатырдарыгар, маҕаһыыннарга, уопсастыбаннай ас-үөл  тэрилтэлэригэр сылдьалларын хааччахтыыллара ирдэнэр.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.