Оскуола-уһуйаан саҥа дьиэтэ арылынна
Муус устар 9 күнүгэр Кангалаас дьоҕус оройуонугар оскуола-уһуйаан саҥа дьиэтэ арылынна. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев уонна куорат баһылыга Евгений Григорьев кыттыыны ыллылар. П.С.Хромов аатынан үөрэҕирии тэрилтэтэ 220 оскуола уонна 100 уһуйаан миэстэлэрдээх. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Үгэс быһыытынан үөрүүлээх тэрээһин алгыс сиэриттэн-туомуттан саҕаланна. Ол кэннэ саҥа дьиэ устун ыалдьыттарга экскурсия ыытылынна. Оскуола бары ирдэнэр тэрилинэн хааччыллыбыт. Ол курдук, икки информатика, икки лингафоннай кэбиниэттэр, 121 олорор миэстэлээх остолобуой, 154 миэстэлээх аактабай саала бааллар. Итини сэргэ кылаастарга интерактивнай панель баар.
Ил Дархан Айсен Николаев оскуола уонна уһуйаан кэлэктииптэрин саҥа дьиэҕэ киирбиттэринэн эҕэрдэлээтэ.
«Бу түбэлтэ тус бэйэбэр дьоһун суолталаах. Мин Дьокуускай куорат баһылыгынан үлэлиир кэммэр саҥа оскуоланы тутар туһунан быһаарыыны ылыммыппыт. Оччолорго элбэх мөккүөр баара – Кангалааска саҥа оскуоланы тутар наадалаах дуо диэн. Билигин саамай сөптөөх быһаарыы ылыныллыбытын көрөбүт. Кангалаас – хайҕаллаах ааспыт кэмнээх эрэ буолбакка, үтүө-сырдык кэскиллээх бөһүөлэк. Мантан Дьокуускай саҥа индустриализацията саҕаланыахтаах, манна өрөспүүбүлүкэбитигэр бастакы урутуур социальнай-экономическэй сайдыы территорията баар буолбута, ити бырайыак салгыы үүнүөхтээх-сайдыахтаах. Манна тас омук табаарын солбуйар саҥа технологиялар баар буолуохтара», – диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Куорат баһылыга Евгений Григорьев олохтоохтору үөрүүлээх түгэнинэн эҕэрдэлээтэ уонна өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханыгар уонна тутааччыларга махталын биллэрдэ.
«Биһиги уопсай сорукпут Дьокуускай куорат сайдыытын Ыйааҕынан торумнаммыта. Уон сыл иһигэр 17 тыһыынча үөрэнээччи миэстэтин оҥоруохтаахпыт. Саҥа оскуолалары тутуу куорат бүттүүнүн үрдүнэн былааннанар, ВЭБ.РФ судаарыстыбаннай корпорацияны кытта бииргэ үлэлэһэбит. Итини таһынан, быйыл Хатас уонна Пригороднай сэлиэнньэлэрин оскуолаларыгар, куорат киинигэр 5-с №-дээх оскуолаҕа самалык тутууну арыйыахпыт. Эһиил 26-с уонна 29-с №-дээх оскуолаларга самалык тутуутун саҕалыахпыт. ДСК оройуонугар 990 миэстэлээх оскуола тутуутун саҕалыыбыт, ону сэргэ Прометей оройуонугар 990 миэстэлээх саҥа оскуола үлэҕэ киирэрин кэтэһэбит», - диэтэ Евгений Григорьев.
Билиҥҥи туругунан Кангалаас орто оскуолатыгар 177 оҕо үөрэнэр. Кэнники сылларга оскуола үөрэнээччилэрэ муниципальнай олимпиадаларга, «Инникигэ хардыы» өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай конференцияҕа көхтөөхтүк кытталлар. Кинилэртэн 26 оҕо олимпиада призердарынан уонна 15 оҕо лауреаттарынан буоллулар.
2009 сылтан оскуола култуурунай-эстетическэй хайысханан ситиһиилээхтик үлэлиир. Манна «Кристалл» образцовай вокальнай ансаамбыл уонна «Эльф» театральнай кэлэктиип тэрилиннилэр, кинилэр иитиллээччилэрэ араас таһымнаах куонкурустар уонна бэстибээллэр лауреаттарынан уонна дипломаннарынан буолаллар.
Кангалаас дьоҕус оройуонун уһуйааныгар үс бөлөх үлэлиир, онно 68 иитиллээччи дьарыктанар.
Манна даҕатан эттэххэ, 5 кв. м. тахса иэннээх икки этээстээх саҥа оскуола-уһуйаан дьиэтин тутуута 2019 сыллаахха саҕаламмыта. Социальнай эбийиэк «РФ Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка экономическэй үүнүү кииннэрин сайдыыта» бырагыраама чэрчитинэн, РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев өйөбүлүнэн тутулунна.