30.01.2020 | 09:50

Оскуола оҕото 125 ТЫҺ. СОЛК. ылар кыахтаах

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бары билэрбит курдук, сыыппара эйгэтэ олохпутугар балысханнык  киирэн эрэр. Тохсунньу 3 күнүттэн Арассыыйа бырабыыталыстыбата оскуола үөрэнээччилэригэр «Математика”, “Информатика”, «Цифровой технология» диэн хайысхаларга Грант олохтоото.

125 тыһ. солк. кээмэйдээх Грант хаһаайынынан 18-гар диэри саастаах оскуола үөрэнээччитэ буолуон сөп. Маныаха киниттэн үөрэххэ ситиһиилэрин бигэргэтэр дипломнара, сертификаттара ирдэнэр. Ол эбэтэр олимпиадалар кыайыылаахтара, призердара, өй күрэстэрин кыттыылаахтара киирсэллэр. Үөрэнээччи үөһээ ааттаммыт предметтэр чэрчилэринэн научнай-чинчийэр үлэнэн дьарыктанара эмиэ учуоттанар.

Быйыл, 2020 сылга, бу Граны Арассыыйа үрдүнэн 850 үөрэнээччи ылыан сөп. Ол туһунан сиһилии e-yakutia.ru уонна www.gosuslugi.ru порталларга билсиэххэ сөп. Чуолаан, Грант «Кадры для цифровой экономики» диэн федеральнай бырайыак иһинэн “Цифровая экономика Российской Федерации” бырагыраамаҕа олохтонно.

Эйигиттэн туох ирдэнэрий?

  1. Үөһээ ыйыллыбыт предметтэргэ үрдүк баалга эппиэттэһии;
  2. Сыыппара эйгэтинэн Арассыыйа экономикатын салааларыгар үлэлиир кыаҕы дакаастааһын;
  3. Судаарыстыба бүддьүөтүттэн үбүлэнэр оскуолаҕа үөрэнии;
  4. Арассыыйа гражданина буолуу.

Грант усулуобуйатын туһунан иһитиннэрэр эбээһинэс регионнар үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэлэригэр сүктэриллэр.  

 

ГРАҤҤА КЫТТЫЫ ТУГУ БИЭРЭРИЙ?

Грант хаһаайына быһалыы дойду информационнай эйгэтин былаанын испииһэгэр учуоттанар. Ол эбэтэр үөрэххэ киирэригэр, үлэ буларыгар чэпчэтии курдук буолар.

САЙААПКАНЫ ТҮҺЭРИИ Үөрэнээччи сайаапкатын бэс ыйын 10 күнүттэн алтынньы 10 күнүгэр диэри  судаарстыбаннай портал нөҥүө “Мое образование” салааҕа түһэрэр. Сайабалыанньа уонна туоһулуур докумуоннар сканируйдаммыт буолуохтаахтар.  Маны сэргэ бу курдук докумуоннар наадалар: Оҕо оскуолаҕа үөрэнэрин туһунан ыспараапка; Ситиһии көрүҥэр сертификаттар, Махтал суруктар эмиэ киирсэллэр; Баан каартатын расчетнай счетун нүөмэрэ; Сокуоннай бэрэстэбиитэл электроннай илии баттааһына.

ГРАНТ ИРДЭБИЛЛЭРЭ

Уопсайа үс улахан ирдэбил турар:

А – “Ранговое место». Бу аата үрдүк көрдөрүүлээх оҕо ситиһиитэ. Маннык ситиһиилээх оҕо рейтинэ эмиэ улаатар.

Б – Үрдүк үктэл. Норуоттар икки ардыларынааҕы уонна Арассыйатааҕы тэрээһиннэргэ ситиһиилээх оҕо.

Бастакы үктэл – Арассыйатааҕы уонна регионнар икки ардыларынааҕы ситиһиилээх оҕо;

Иккис үктэл – регионнаааҕы улахан ситиһии;

Үһүс үктэл – оскуола иһинээҕи тэрээһин.

В – наунай-чинчийэр үлэ чэрчитинэн эбии чинчийии, ону дакаастыыр докумуон ирдэниэн сөп.

Манна барытыгар сөп түбэһэр оҕо Граҥҥа тиксэр кыахтаах. Арассыыйа үөрэҕин министиэристибэтэ сэтинньи 1 күнүгэр уопсай түмүгү таһаарар. Кыайыылаах оҕо төрөппүтэ эбэтэр сокуоннай бэрэстэбиитэлэ Арассыыйа үпкэ министиэристибэтин кытта дуогабар баттаһар. Бу дуогабар эмиэ судаарыстыбаннай өҥө порталыгар баар буолуоҕа. Дуогабар «Электронный бюджет» диэн салааҕа толоруллар.

Докумуоннары барытын тиксэрбэтэх эбэтэр сыыһа-халты толорбут буоллаххына, Грант ананымыан сөп. Онон кыһамньылаахтык уонна болҕомтолоохтук толоруу эрэйиллэр.

Грант кыайыылаах сокуоннай бэрэстэбиитэлигэр каартаҕа толору кээмэйинэн кэлэн түһэр. Икки сыл буолан, бу оҕо хаттаан кыттар бырааптаах. Кыайыылаах дипломунан, анал сертификатынан наҕараадаланар. Граны кыайыылаах бэйэтэ билэринэн ороскуоттуур.

МҮРҮЛЭР ХОЛОБУРДАРА

Ый анараа өттүгэр Уус Алдаҥҥа баар В.В. Алексеев аатынан Мүрүтээҕи Уолаттар гимназиялара Арассыыйа Үөрэҕин министиэристибэтин Гранын ылан турар.

Оскуола «Развитие и распространение лучшего опыта в сфере формирования цифровых навыков образовательных организаций, осуществляющих образовательную деятельность по общеобразовательным программам, имеющих лучшие результаты в преподавании предметных областей «Математика», «Информатика» и «Технология» диэн хайысхаҕа Грант хаһаайына буолары ситистэ.

Бэлиэтээн суруйдахха, Арассыыйа үрдүнэн бу хайысхаҕа 47 кыайыылаах тахсыбыта. Грант 5 мөл. солк. тахса кээмэйдээх. «Грант харчыта робототехникаҕа, нейротехнологияҕа, VR уонна AR тэриллэрин атыылаһарга туһаҕа тахсыаҕа. Маны таһынан учууталлар Арассыыйа, аан дойду таһымнаах стажировкаларга сылдьалларыгар, уопуттарын тарҕаталларыгар туһаныахпыт», — диэн гимназия дириэктэрэ Федор Татаринов иһитиннэрэн ту

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....