Оскуола оҕолоро “дистанционкаҕа” көстүлэр// Туспа дьаһал тахсыар диэри...
– Кырдьык. Бүгүн бирикээс таҕыста, – диэтэ Алексей Климентьевич.
– Дистанционнай үөрэх хаһыс чыыһылаҕа диэри диэн буолла?
– Туспа дьаһал тахсыар диэри. Бачча чыыһылаҕа диэри диэн чуолкай этэр кыах суох.
– Оттон 9, 11 кылаастар хайдах үөрэнэллэрий?
– Аҕыйах оҕолоох бөлөҕүнэн.
– Куорат үрдүнэн хас үөрэнээччи Covid-19 диэн диагнозтааҕый?
– Муус устар 30 күнүнээҕи эрэ дааннай баар. Роспотребнадзорга эрийэн ыйытыҥ.
– Икки оҕо ыарахан туруктаах, ИВЛ аппараакка сытар диэтилэр. Бу куорат оҕолоро дуо?
– Дьокуускай куоракка диэн этэллэр. Роспотребнадзорга эрийэн чуолкай дааннайдары ылыҥ. Кинилэр рекомендацияларынан хааччахтааһыны киллэрэбит.
Бүгүн тахсыбыт бирикээһинэн эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ оҕолору салгыы дистанционнай көрүҥүнэн дьарыктыыллар. Үөрэх бары тэрилтэлэригэр эпидемиологическай балаһыанньа туһунан мониторинг күн аайы ыытыллар.
Эбэн эттэххэ, бүтэһик сууккаҕа Дьокуускай куоракка 65 киһи коронавирустаабыт, онтон 5 – оҕо. Бу туһунан куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.