22.08.2024 | 10:00

«Оскуола дьаарбаҥкатыгар» сырыттыгыт дуо?

«Оскуола дьаарбаҥкатыгар» сырыттыгыт дуо?
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Сыл аайы бу кэмҥэ Хомсомуол болуоссатыгар кэлии-барыы үксүүр, атыы-тутуу дэлэйэр. Ол аата саҥа үөрэх дьыла чугаһаабыт, «Оскуола дьаарбаҥката» саҕаламмыт! Дьиктитэ баар, билиҥҥи сайдыылаах олоххо дьон онлайн сакаастаабакка, дьиэҕэ тиэрдэн биэрии өҥөтүнэн туһаммакка, син биир манна тоҕуоруһа турар. Бэл диэтэр, улуустан кытта анаан-минээн атыылаһа кэлэллэр.  

Бэнидиэнньик үлэ күнэ буолан, өрөбүллээҕэр киһи лаппа аҕыйах. Ааттаах-суоллаах улахан маҕаһыыннар ох курдук оҥостон кэлбиттэрэ харахха тута быраҕыллар: угуйуктара дьону-сэргэни ыраахтан ыҥырар. “Бачча суумаҕа атыылаһыаҥ – сыаналаах бирииһи сүүйүөҥ” диэн ис хоһоонноох баннердар, ол-бу “сирэйдээх-харахтаах” харандаастар, сэрэйдэххэ, бэркэ “үлэлии” тураллар. Онно холоотоххо, “Распродажа”, “Все по 1000”, “Школьная форма”, “Канцелярия для школы” диэн суруктаах дьоҕус балааккалар көстүүлэрэ сэмэй, сүүйтэриилээх да диэххэ сөп.

Үөрэххэ туттуллар тээбирин сыаната

(тэҥнээн көрдүбүт)

Дьаарбаҥкаҕа бүтүн дьиэ кэргэнинэн сылдьааччы элбэх. Бу диэки көр – көтөх муҥунан тутуурдаах аҕа сынньана олорор (бука, таһаҕасчытынан кэлбит), хаҥас хайыс – оҕолорун батыһыннара сылдьар ийэ, уҥа бар – сиэннэрин сиэтэ сылдьар эбэлэр, эһэлэр.

 

Быйыл сыана төһө үрдээбитий? Маҕаһыыннарга сыана төһө уратылаһарый? Хаачыстыбалара хайдаҕый?

Улахан маҕаһыыннартан «Азбука» уонна «Канцпроф» сыаналарын үөрэтэн, тэҥнээн көрдүбүт. Бастаан блокноппар тугу көрбүппүн барытын бэлиэтэнэн иһэн, биир балаһаҕа батыа суоҕа дии санаатым. Аны атыыһыттар «итиччэ айылаах тугу сурунарый, тоҕо хаартыскаҕа түһэрэрий» диэх курдук көрөллөр. Хата, оҕом көмөлөһөн, кэлин арыый түргэтээтибит. Бастаан кыптыыйга, паапкаҕа, пластилиҥҥа, штриххэ тиийэ сурунан иһэн, саамай сүрүннэригэр тохтуохха диэн сүбэлэстибит (Бу матырыйаал угуйук буолбатах, дьоҥҥо туһалаах буоллун диэн сыаллаах-соруктаах бэлэмнээтибит – Аапт).

Бастакы маҕаһыыҥҥа үрүсээк сыаната 2000-3360 солк., иккис маҕаһыыҥҥа 2000-4650 солк. тиийэ халбаҥныыр. Сүгэр суумка (ранец) «Азбукаҕа» 2800-5960 солк. эбит буоллаҕына, «Канцпрофка» 1900-3850 солк. тураллар.

Чараас тэтэрээт сыанатын көрүөххэ. «Азбука» маҕаһыыҥҥа 12 лиистээх – 8-10 солк.; 18 лиистээх тэтэрээт – 12 солк.; 24 лиистээх – 14 солк. Килиэккэ да, сурааһын да сыаната биир. Тэҥнээн көрөргө: «Канцпрофка»  12 лиистээх – 8 солк.; 18 лиистээх сурааһын тэтэрээт 14 солк.; 24 лиистээх – 16 солк. Итинэн аҕыйах да солкуобайынан сыана араастаһарын биллибит.

Аны уопсай тэтэрээт сыанатын үөрэттибит. Бастакы маҕаһыыҥҥа маннык: 48 лиистээх 37 солк. саҕалаан 138 солк. тиийэ (хараҥаҕа сырдаан көстөр неоновай, скрепкалаах буолан). Иккис сиргэ тиийбиппит, предметтэринэн тэтэрээт эгэлгэтэ баар. Сыаната син чэпчэки дии санаатыбыт. «Канцпрофка» 35 солк. 48 лиистээх маннык тэтэрээт күн талбыта баар (Хата, онтон бэйэбит эмиэ талан ыллыбыт).

10-нуу-12-лии тэтэрээттээх набордар бааллар, арыый барыстааҕа дуу диэн тутан-хабан көрбүппүт, оннук буолбатах эбит. Арай биир истииллээҕэ үчүгэй курдук.   Холобур, «Азбукаҕа» 10 уст. (48 л) тэтэрээттээх набор 850 солк., 12 уст. тэтэрээттээх – 880 солк. Ол аата биир тэтэрээт сыаната 73,33-85 солк. халбаҥныыр. Оттон «Канцпрофка»  маннык 10 тэтэрээттээх кэмпилиэк 500-575 солк. турар.

Өҥнөөх харандаас сыаната, биллэн турар, ахсааныттан (6, 12,  18, 24, 36, 48 өҥнөөхтөр бааллар) уонна  фирматыттан тутулуктаах эбит. Холобур, “Гамма” киэнэ ордук ыарахан. Бастакы маҕаһыыҥҥа 12 өҥнөөх сыаната 126-319 солк. 24 өҥнөөх – 343-557 солк. Иккис сиргэ 12 өҥнөөҕү 155-265 солк., 24 өҥнөөҕү 300 солк. булуохха сөп. Уопсайынан, оҕо художественнай оскуолаҕа үөрэммэт буоллаҕына, элбэх өҥнөөх харандаас соччо наадата суох курдук.

Фломастер туһунан эттэххэ, эмиэ оннук. Бастакы сиргэ 6 өҥнөөх саамай чэпчэки сыаналаах 30 солк., үрдээбитэ – 188 солк. Иккис маҕаһыыҥҥа – 40 солк. саҕаланар.

Альбом. Тэҥнээн көрүөххэ. Бастакы сиргэ (20 л) арыый чэпчэки курдук –  46 солк.; 24 л – 118 солк.; 40 л – 131 солк. Иккис маҕаһыыҥҥа: 20 л – 75-100 солк.; 24 л – 78-105 солк.; 40 л – 115 -195 солк.  

Акварель

Уруучука сыаната ботуччу үрдээбит. Бастакы маҕаһыыҥҥа 6-157 солк., иккис сиргэ – 7-115 солк. Муодунай уруучукалар, биллэн турар, сыаналаахтар.

 

Ырыынак, эргиэн сокуонунан биир сиргэ барыта наар чэпчэки буолбат, син биир туох эрэ ыарахан буолан тахсар.

 

Төрөппүттэргэ сүбэ-соргу

1. Уопсайынан, табаар төһөнөн дьэрэкээн (элбэх кырааскаҕа элбэх харчы барар), үгүс суруктаах-бичиктээх, ойуулаах, биллэр-көстөр дьоруойдардаах да, оччонон сыаналаах буолар. Холобур, ол-бу принцессалаах дневниктэр, тэтэрээттэр сыаналарыттан киһи баттаҕа турар. Кырачаан кыргыттар ымсыыраллара чуолкай.

2. Аны “харахтаах”, түүлээх “кулгаахтаах”, баанчыктаах дневниги (матырыйаала – кожзам) 620 солк. турарын көрөн, “бачча сыанаҕа ылан баран бу “СГО” үйэтигэр тутталлара буолуо дуо?” диэн саарбахтыыр санаа киирдэ. Соһо сылдьарга да ыйааһына ыарахана сүрдээх. 

3. Сыананы үөрэтэн, үчүгэйдик кэрийэн көрөн баран атыылаһар ордук. Ол эрээри онно күн сололоох, ханна да ыксаабат буолуохха наада эбээт. Биир бэйэм үс аҥаар чаас сылдьаары, сыа киһи сылайар, эт киһи элэйэр эбит дии санаатым.

4. Сыаната чэпчэки эрэ диэн мөлтөх хаачыстыбалаах табаарга түбэһиэххэ сөп. Биллэр-көстөр оҥорон таһаарааччылар киэннэрин талбыт ордук.

5. Элбэх оҕолоохтор ханна чэпчэтии баарын харса суох ыйытан, түһэрсэн иһиэхтэрин наада. Хас да буолан сылдьар дьон бары бииргэ субуруспакка, “маны ылабыт”, “онно барабыт” диэн үллэстиҥ. Быдан түргэтиэххит.

 

Хайыаххыный... Харчы уу курдук барар...

Салгыы дьаарбаҥка, сыана, табаар туһунан дьон санаатын ыйыталастыбыт.

Татьяна, үс оҕолоох ийэ, Дьокуускай куорат олохтооҕо:

– Икки улахаттарбыт номнуо үлэһит дьон. Бу кыра уолбутугар үөрэх тээбиринин атыылаһа сылдьабыт. Аныгы оҕолор көрөн-истэн, булан-талан, бэйэбитинээҕэр ордук быһаарсаллар. Бүгүн эмиэ харчылаах “кумааһынньык” оруолун толоро сылдьабын. Бэйэтэ талар, мин төлүүбүн эрэ.

Төһө кыалларынан удамыр сыаналааҕы көрөн ыла сатаатыбыт. Оҕом бэйэтэ күрэххэ кыттан кыайбыт бирииһин – сэртипикээтин туһанныбыт. Хата, онон аҥаарын төлөөтүбүт. Аҥаардас бытархай үөрэх тээбиринигэр 4000 солк. тахса харчыны бараатыбыт. Оскуолаҕа кэтэр пуорматын атыылаһа иликпит. Өссө икки суол атах таҥаһа (физкултуураҕа кэтэрэ, оскуолаҕа тиийэн уларыттара) ылыллара хаалла, онно балачча харчы наада. Дьиҥэр, мааныга, ону сэргэ күһүн, кыһын кэтиллэрэ диэн элбэх буоллаҕа. Хата, үрүсээгин туруга үчүгэй, онон саҥаны көрдөөбөппүт.

Сыана үрдүү турар, ол чахчы. Былырыын канцтабаары 2000 солк. курдук суумаҕа атыыласпыппыт, быйыл – икки бүк сыанаҕа.

 

Федоровтар Мэҥэ Хаҥаластан анаан-минээн оскуола тээбиринин, таҥас-сап ылына кэлбиттэр.

Надежда Федорова, үс оҕолоох ийэ:

– Үрүсээктэрин, ырбаахыларын, оскуолаҕа кэтэр пуормаларын атыыластыбыт. Элбэх оҕолоохтор диэн сыананы син түһэрэллэр, биирдии-иккилии мөһөөҕү. Сорох маҕаһыыннарга чэпчэтиилэр бааллар. Холобур, икки ырбаахы уонна дьууппа сыаната холбоон 7 тыһ. солк. курдук буолбута, ону түһэрэн, 6 тыһ. солк. тахсаны төлөөтүбүт. Биир балааккаттан кроссовка атыыластыбыт, сыаната ортотунан 2500 солк. эбит.

Баара-суоҕа аҕыйах устуука тэтэрээти, уруучуканы ыларга 5500 тахса солк. “тэбээтибит”. 2500 солк. үрүсээги төрөөбүт күннээххэ диэн 200 солк. түһэрдэ. Барыһырбыт курдук санаммыппыт, үүт-үкчү оннук үрүсээк атын балааккаҕа 1800 солк. турар. Ол иһин бастаан кэрийэн көрөн, сыананы үчүгэйдик үөрэтэн баран биирдэ атыылаһар ордук эбит. Биһиэхэ, куоракка биир күн кэлэр дьоҥҥо, оннук табыллыбат.  

Хата, үчүгэйэ диэн, оҕо улаатан истэҕин аайы туох суоҕун ситэринэн эрэ биэрэр эбэтэр чахчы наадыйарын эрэ көрөн ылар. Холобур, мин оҕолорум “онтум тиийбэт”, “мантым суох” диэн чопчу билэн кэлбиттэрэ. Онон атыылаһарга судургу, улахан оҕоҕо ороскуотуҥ да арыый аҕыйыыр диэххэ сөп.  

 

Изабелла Семенова, биэс оҕолоох ийэ (Бүлүү улууһа):

–  Дьаарбаҥкаҕа үһүс күнүн сылдьабыт. Чугас олоробут, онон киирэ-тахса көрөбүт. Бүгүн кыраларбар атыылаһабын. Бу үөрэх тээбиринигэр 3000 солк. барда, туохха наадыйарын, туга тиийбэтин көрөн ыллыбыт.

Оскуолаҕа кэтэр пуормабытын кэлэктиибинэн эрдэ сакаастаабыппыт. Холобур, бу биир кыыспар “Ташиттан” ылбыппыт, сыаната 10 тыһ. солк. курдук буолбута:  сэлиэччик, дьууппа, бинсээк, ырбаахы, хаалтыс. Маҥнайгы кылааска киирэр кыыспар уруккулуу пуорманы (маҥан уонна хара фартуктаах) атыыластыбыт, оннук диэн төрөппүттэр уопсай сүбэнэн быһаарбыппыт. Мантан булбатым, онон Вайлдберизка сакаастаатым.

Бэнсиин сыаната үрдүү турарын кэннэ туох барыта ыарыыра чуолкай. Харчы уу курдук барар, бу диэн ороскуоппут төһө буолбутун этэр кыаҕым суох. Баһаам буоллаҕа! Холобур, аҥаардас биир оҕоҕо хас да суол атах таҥаһа ылыллар... Уол оҕо таҥаһа-саба арыый судургу – бүрүүкэ, ырбаахы, сэлиэччик. Ол эрээри суоттаан көрдөххө, син биир ботуччу тахсар.

 

Элбэх оҕолоох ийэ Уйгулаана Александровна, оскуола дьаарбаҥкатыгар сылдьаары,  анаан-минээн Тааттаттан кэлэ сылдьалларын кэпсээтэ:

– Хата, элбэх оҕолоохторго көрүллэр чэпчэтиилэри туһанныбыт. Сорохтор түһэрбэттэр эбит. Оҕолор сыл аайы улааталлар, онон саҥа таҥас-сап син биир наада. Пуормаларын “Синартан” атыыластыбыт, оскуолабыт ону кытта дуогабардаах. Холобур, икки оҕо таҥаһыгар (бүрүүкэ, сэлиэччик, ырбаахы) холбоон 8000 солк. төлөөтүбүт, ити 20% чэпчэтиини туһанан.

Уопсайынан, маҕаһыын аайы сыана уратылаһар дии санаатым. Тас өттүгэр турар балааккаларга арыый чэпчэки курдук. Улахан аҥаарын буллубут, уоннааҕытын атын сиртэн атыылаһыахпыт. Холобур, атах таҥаһын ылбатыбыт. Мантан киэһэ сылдьар сирбит элбэх.

 

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....