21.12.2023 | 12:30

Оскуола аһын төрөппүт хонтуруоллуон сөп

Оскуола аһын төрөппүт хонтуруоллуон сөп
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Олохтоох бэйэ аһынан оскуола уонна уһуйаан оҕолорун аһатыы доруобай ыччаты иитэн таһаарыыга төһүү күүс буолар. Ол туһунан кэпсэтиилэр барбыттара ыраатта. Былаас араас араҥатыгар, уопсастыбаннас да ортотугар төрүт аска төннүү туһатын туһунан кэпсэтэр төгүрүк остуоллар, атыыр мунньахтар сөп буола-буола буолуталаан ааһаллар.

Оҕолортон ыйыттахха, үксүн мааннай хааһы, сосиска, мохоруон сиир аатыраллар. Оскуола аһын сирэр оҕо эмиэ үгүс. Дьиэтигэр да сүгүн аһаабат оҕо ахсаана оннооҕор элбэх... Оттон төрөппүт оскуолаҕа астанар ас хонтуруолугар быһаччы кыттыһыахтааҕын, хонтуруоллуур бырааптааҕын билбэт.

 

Оскуола үксэ бэйэтэ астыыр кыахтаах

Оскуола уонна уһуйаан оҕолорун анал таҥыллыбыт менюнан аһаталлар. Бу меню хас да түһүмэхтээх бэрэбиэркэни, бигэргэтиини ааһар. Онно эт, балык ас хайаан да баар буолар. Ол эрээри ол олохтоох бородууксуйа буолар диир олус уустук, ол аата Бразилия, Никарагуа этиттэн астаммыт кэтилиэти сиэтэр буоллахтарына, биһиги ону билбэппит даҕаны.

 

Билим уонна үөрэхтээһин министиэристибэтин дааннайынан, Саха сиригэр быйыл оскуола оҕотун күннээҕи аһын сыаната ортотунан  - 107 солк.

 

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 637 күнүскү үөрэх тэрилтэтэ баарыттан, 93 бырыһыана бэйэтэ ас астыыр кыахтаах (пищеблоктаах).

Оскуолалар менюлара ХИФУ Мединститутун иһинэн үлэлиир Аһылык научнай-чинчийэр киинин кытта оҥоһуллар. Регион уратыларын учуоттаан, оҕолор аһылыктарыгар ынах, убаһа, таба этэ, сибиинньэ этэ, куурусса, сымыыт, үрүҥ балык – уомул, чыыр, муксуун, күндүөбэй, үүт ас арааһа, отон – уулаах отон, моонньоҕон, хаптаҕас, дөлүһүөн, сугун о.д.а. баар буолара  сүбэ быһыытынан киирэн сылдьар.

Арассыыйа таһымнаах сыллата ыытыллар күрэххэ 2023 сыл бастыҥ остолобуойдаах оскуолаларынан А.Г. уонна Н.К.Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия (дириэктэр В.С. Пермякова) уонна Үөһээ Бүлүү Тамалакаанын орто оскуолата (дириэктэр  П.В. Федоров) ааттаммыттара.

 

Хонтуруол хайдах оҥоһуллуохтааҕый?

Төрөппүт оҕото оскуолаҕа чэгиэн сылдьарын туһугар туох оҥоһулларын толору билэр бырааптаах. Ол иһин оскуола администрациятын кытта остолобуой үлэтин хонтуруоллуур кыах бэриллэр.

Оскуола аһалыгын сыаналыырга уонна бэрэбиэркэлииргэ сотору буола-буола “бракераж” диэн ыытыллыахтаах – остолобуой бүлүүдэлэрэ СанПин ирдэбиллэригэр төһө эппиэттииллэрин бэрэбиэркэлээһин. Бу тэрээһиҥҥэ оскуола үлэһиттэрин таһынан төрөппүттэр эмиэ кыттыахтаахтар:

1. Төрөппүт бракераж ыытара оскуола салалтатын кытта эрдэттэн былааннаныахтаах.

2. Бэрэбиэркэҕэ баҕалаах төрөппүт барыта кыттыбат – төрөппүт кэмитиэтинэн талыллыбыттар эрэ кыттар бырааптаахтар.

3. Оскуолаҕа бэрэбиэркэҕэ барыах иннинэ төрөппүттэр медицинскэй чинчийиини ааһыахтаахтар – оҕо доруобуйатыгар буортуну оҥорууну сэрэтэр сыаллаах ирдэбил.

4. Маны барытын толорбут төрөппүт остолобуой аһын бэрэбиэркэтигэр кыттар кыахтанар.

 

Ас мөлтөх буоллаҕына?

Оскуола аһын хаачыстыбата оҕолор кэпсээннэригэр эрэ олоҕуран быһаарыллыа суохтаах.

Педиатрдар суруйалларынан, билиҥҥи үйэҕэ үгүс оҕо ас амтанын күүһүрдэр эттиктэр эбиликтээх аска үөрэммит буолан, оскуола остолобуойугар быраабыланан, туох да эбии тумата суох, “доруобайдык” астаммыт ас амтанын сөбүлээбэт, ол иһин аһаабат буолуон сөп. Маннык түбэлтэҕэ ас хаачыстыбата куһаҕан аатырыа суохтаах.

 

Аска ханнык ирдэбил баарый:

1. Бородуукта барыта сибиэһэй буолуохтаах.

2. Менюга бобуулаах астар киириэ суохтаахтар.

3. Оскуола аһа барыта ситэри буспут, хайаан да термическэй обработканы ааспыт буолуохтаах.

4. Остолобуой үлэһиттэрэ санитарнай-гигиеническэй ирдэбиллэри тутуһуохтаахтар, анал таҥастаах үлэлиэхтээхтэр, үлэлиир сирдэрин сууйа-сото сылдьыахтаахтар о.д.а.

Быраабыланы кэһии тахсар буоллаҕына, төрөпүттэр бастаан оскуола администрациятыгар, туох да уларыйыы тахсыбатаҕына, үөрэхтээһин управлениетыгар, министиэристибэҕэ, Роспотребнадзорга салгыы үҥсүөхтэрин сөп.

 

Төрөппүт хааччыйааччыны кытта дуогабары көтөрүөн сөп

Ас хаачыстыбата бородуукта хаачыстыбатыттан быһаччы тутулуктаах. Маныаха оскуола төрөппүттэрэ хааччыйааччы тэрилтэни уларытар бырааптаахтар.

Биллэн турар, төрөппүттэр тута хааччыйааччы тэрилтэҕэ тиийэр кыахтара суох, бу түгэҥҥэ сакаасчыт оруолун дириэктэр толорор. Ол эрэн төрөппүттэр түмсэн, суругунан үҥсүү суруйан, бородууктанан хааччыйааччыны уларытар кыахтаахтар.

 

Аккаастаныахха сөп дуо?

Оҕо оскуола аһын олох аһаабат, сирэр эбэтэр анал диетанан эрэ аһылыктанар буоллаҕына, бэйэтэ ыһыктаах кэлиэн сөп - быраабыланан бу көҥүллэнэр.

Ким да күүһүнэн оҕоҕо оскуола аһын сиэппэт. Ыһыктаах кэлэр оҕолорго туспа аһыыр миэстэ көрүллүөн сөп. Ол эрэн Дьокуускайга, оскуолалар бары аһара туолан турар балаһыанньалаах буоланнар, оннук усулуобуйа тэриллэр кыаҕа суох.

 

Компенсация көрүллэр

Оҕо доруобуйатын туругунан эбэтэр кэккэ биричиинэлэринэн дьиэтигэр олорон үөрэнэр буоллаҕына, оскуолаҕа сиэхтээх аһын компенсациятын төлөтүөххэ сөп – манна чэпчэтиилэринэн туһанар араҥа хапсар.

Аны туран иһэр уунан хааччыйыы туһунан эттэххэ, оскуолалар остолобуойга оргуйбут ууну оҕо иһэригэр хайаан да төһө баҕарар биэрэллэр. Ол аата оскуола иһэр уунан оҕолору толору хааччыйар эбээһинэстээх. Ол эрэн киин куораппытыгар, ордук начаалынай кылаас төрөппүттэрэ, харчы бырахсан, кулер атыылаһан, оҕолорбутугар сакаастаммыт ууну иһэрдэр үгэстээхпит – маныаха төрөппүтү ким да күһэйбэт, бу төрөппүттэр бэйэлэрэ талар ньымалара буолар.

 

Сорох оскуолаҕа чэгиэн фастфуд киирдэ

Үөрэх тэрилтэлэрин хааччыйыы ресурснай киинэ иһитиннэрбитинэн,  Дьокуускай куорат үс оскуолатын менютугар “чэгиэн фастфуд” аһылык киирдэ. Холобур, оҕолор сөбүлээн сиир бургердарын “Бургер-школьник” диэн ааттаан, сөпкө аһааһын быраабылаларыгар эппиэттиир ньымаларынан астыыр буолбуттар – майонез оннугар сүөгэй, кэнсиэрбэлэммит оҕурсу оннугар сибиэһэй оҕурсу, бэйэ этиттэн паарга буһарыллыбыт кэтилиэт, остолобуойга асчыттар бэйэлэрэ тиэстэ охсон астаабыт булочкалара. Истэргэ бэртээхэй буолбат дуо?

Н.И.Шарин аатынан 39-с нүөмэрдээх орто оскуолаҕа, Дьокуускай куораттааҕы лицейгэ уонна Ф.И.Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһын остолобуойдарыгар 5-11 кылаас үөрэнээччилэрин менюларыгар билиҥҥитэ икки нэдиэлэҕэ биирдэ сөпкө аһааһын бургера баар буолбут. Инники былааннарыгар куурусса этиттэн наггетсы, балык кэтилиэттээх фишбургер, кукуруза уонна эбиэс бурдугуттан пицца астыыр былааннаахтар эбит.

***

2023-2024 сылга Дьокуускайга оскуола оҕотун күннээҕи аһылыгар куорат бүддьүөтүттэн 102 солкуобай 42 харчы тыырыллар.

5-11 кылаас чэпчэтиинэн туһанар оҕолоругар аһылыктарын сыаната күҥҥэ – 80 солк.

Доруобуйаларыгар хааччахтаах, инбэлиит оҕолор аһылыктара күҥҥэ: 1-4 кылаастарга – 80 солк., 5-11 кылаастарга – 160 солк.

 

Арассыыйаҕа алын кылаас үөрэнээччилэрэ бары босхо итии аһылыгынан хааччыллаллар. Үбүлээһин федеральнай хааһынаттан кэлэр.

Саха сиригэр оскуола оҕотун аһылыгар 1 миллиард солкуобайга тиийэ көрүллэр.

 

Үөрэх министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, оскуола аһылыгын кэмбинээттэрин улахан аҥаардарыгар олохтоох оҥорон таһаарааччылар бородууксуйаларын туһаналлар. Итии аһылыгынан хааччыйыыга Роспотребнадзоры кытта сүбэлэһэн, меню хас да барыйаана оҥоһуллар уонна туһааннаах уорганнарга бигэргэнэр. Салгыы үөрэх тэрилтэтэ бэйэтэ меню бигэргэтэр.

Министиэристибэ иһинэн оҕолор аһылыктарын кэтээн көрөр оробуочай бөлөх үлэлиир. Сыллата мониторинг ыытылларын таһынан, уопсастыба санаатын үөрэтии эмиэ барар. Маны тэҥэ Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларын нөҥүө уонна «Ситуационный центр Главы Республики Саха (Якутия)» диэн информационай порталга киирэр суруктары кэтииллэр оҕолоргут аһылыктарыгар ыйытыылардаах буоллаххытына, суруйуоххутун сөп. Билигин хас биирдии оскуола интэриниэккэ саайтаах, онно «food» диэн сыһыарыы хайаан да баар буолуохтааҕа ирдэнэр – бу сыһыарыыга киирэн, оҕоҕут тугу аһаан-сиэн сылдьарын билсэҕит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...