ОСАГО ыларга булгуччулаах техническэй көрүү уларытылынна
Атырдьах ыйын 22 күнүттэн ОСАГО ыларга булгуччулаах техническэй көрүүнү ааһыыны көтүрэр туһунан сокуон олоххо киирдэ. Ол туһунан Арассыыйа информационнай агентствота иһитиннэрэр.
Ити туһунан сокуоҥҥа РФ президенэ Владимир Путин от ыйын 2 күнүгэр илии баттаабыт.
«Массыыналаах дьон билигин ОСАГО дуогабарын дистанционнай көрүҥүнэн көтүрүөхтэрин эбэтэр уларытыахтарын сөп, ол иһигэр страховой бириэмийэни сороҕун төннөрөн туран. Ити ОСАГО информационнай уларытыытын саҥа бэрээдэгинэн көрүллүбүт. Уларытыы быһыытынан ОСАГО электроннай дуогабара бастакы күнүттэн күүһүгэр киирэр», – диэн этиллэр иһитиннэриигэ.
Бу иннинэ булгуччулаах страховкалааһын тырааныспар судаарыстыбаннай техническэй көрүүнү эрэ аастаҕына оҥоһуллара.
Атырдьах ыйын 29 күнүттэн массыыналаах дьон ОСАГО полиһын техническэй көрүүнү ааспытын туһунан докумуона суох ылар кыахтаныахтара.