05.03.2021 | 04:49

ОРВИ-ттан сөпкө харыстаныҥ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрэринэн, 2021 сыл саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэбитигэр 7524 ОРВИ-нан ыалдьыы бэлиэтэммит. Саас аайы, буоларын курдук, тыынар уорганнар вируснай инфекциялара киэҥник тарҕанар.

Нэһилиэнньэ ахсааныгар суоттаатахха, ОРВИ эпидемическэй таһымын ааһа илик – 6,4 %. ОРВИ-лаабыт дьон 78 бырыһыана оҕолор буолаллар. Эпидемичэскэй таһым кыраныыссатыгар 7-14 саастаах оскуола үөрэнээччилэрэ тураллар. Уоннааҕыларга нуорматтан тахсыы бэлиэтэммэт.

Лабораторнай чинчийиилэр көрдөрбүттэринэн, Саха сиригэр гриппкэ олоҕурбат вирустар тарҕанан тураллар – парагрипп, аденовирустар, RC-вирустар, риновирустар, бокавирустар, метапневмовирустар. Балартан риновирустар инники күөҥҥэ таҕыстылар.

Роспотребнадзор грипптэн, ОРВИ-ттан, ону кытта коронавирустан харыстанар миэрэлэри тутуһарга ыҥырар:

Уопсастыбанай тэрилтэлэргэ, маҕаһыыннарга, дьиэ иһигэр тыынар уорганнары харыстыыр мааскалары, респиратордары туттуҥ.

Социальнай тэйиччи туттууну тутуһуҥ – атын дьонтон 1,5-2 м ыраах сылдьыахтааххыт. Элбэх киһи тоҕуоруһар сиригэр сылдьартан, уопсастыбаннай тырааныспарга айанныыртан туттунуҥ.

Тус гигиена быраабылаларын тутуһуҥ. Илиигитин, суотабай төлөпүөҥҥүтүн, элбэхтик туттар малларгытын антисептигынан сото сылдьыҥ.

Дьиэҕитин күн устата хаста да салгылатыҥ, салгыны хамсатыҥ. Сииктээх тирээпкэнэн күн аайы сотуҥ.

Муннугут үүтүн сууна сылдьыҥ. Ордук уопсастыбаннай тырааныспарынан айаннаан кэлэн баран мурун иһин кичэйэн сууйуллуохтаах.

Таһырдьа тахсаргытыгар күн-дьыл туругуттан көрөн сөпкө таҥна-сапта сылдьыҥ. Аһара тоҥор эбэтэр тиритэр табыгаһа суох.

Бырааһы кытта сүбэлэһэн баран, дьыл бу кэминээҕи ыарыыларын сэрэтэр эмп иһиэххитин сөп.

Вирустары утары үлэлиир эмтэри дьиэҕэ ким эрэ ыарыйдаҕына, ыарыыны сэрэтэр туһуттан, иһэн саҕалыахха сөп. Маныаха хайаан да бырааһы кытта сүбэлэһии наада.

Элбэх С битэмииннээх астары күннээҕи аскытыгар туһаныҥ (клюква, уулаах отон, лимон, о.д.а.).

Чөл олоҕу тутуһуҥ, уугутун хана утуйуҥ, сөпкө аһааҥ уонна чэбдигирдэр спордунан дьарыктаныҥ.

ОРВИ, тумуу сибикитэ биллэр түгэнигэр бэйэҕит эмтэммэккэ, хайаан да бырааһы ыҥыран көрдөрүҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....