Орто үөрэххэ туттарсыы электроннай буолар
Быйыл орто үөрэх кыһаларыгар абитуриеннар докумуоннарын бэс ыйын 20 күнүттэн тутуохтара. Сайабылыанньалары Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэх өҥөтүн порталын нөҥүө электроннай көрүҥүнэн тутуохтара.
СӨ саҥа технологияларга институт уонна инфокоммуникационнай технологияларга өрөспүүбүлүкэтээҕи киин абитуриеннары кытта электроннай үлэ техническай өттүгэр үлэлэһэр.
Колледжтар тутар хампаанньалара «Е-Услуги. Образование» автоматизированнай информационнай систиэмэнэн барыаҕа. «Сетевой город. Образование. Модуль ПОО» систиэмэни кытта бииргэ үлэлиир. Онон абитуриент үөрэххэ киирдэҕинэ тута колледж электроннай сурунаалыгар суруллан иһиэҕэ.
Сайабылыанньалары регистрациялааһын https://edu.e-yakutia.ru порталга бэс ыйын 20 күнүттэн саҕаланар.
Абитуриент https://www.gosuslugi.ru/ порталга «учетнай запись» оҥостуохтаах. Онон билиҥҥиттэн госуслуги регистрацияланан порталы үөрэтэргитигэр сүбэлиибит.