Орто бизнес эстэр туруктаах
Аан дойдуну биир муостанан хаамтара сылдьар пандемияттан бизнез түөрэҥнээн эрэр. Доллар, евро ыһыытыы-ыһыытыы өрө сүүрдэн таҕыстылар, ону кытта солкуобайбыт аллараа күккүрүү турар. Аан дойду ырыынагар суолтатын сүтэрдэ даҕаны. Онон ордук дьоҕус уонна орто бизнестээх өттө, холобура, таҥас-сап атыыта, тыҥырах оҥорор салоннар, фитнестэр эстэр балаһыанньалаахтар.
КЫҺАЛҔАҔА БЭЛЭМ ОЛОРОБУТ
ТуйаараАржакова, “japanykt” маҕаһыын хаһаайката:
– Биллэрин курдук, хас биирдии иккис саха – бизнесмен. Биһиги эмиэ хас даҕаны эйгэни дьүөрэлээн илдьэ сылдьабыт. Пандемияттан сылтаан туристическай салаабыт сабылынна. Билигин дьоппуон аптекатын эмин-томун сакааһынан дьиэлэринэн босхо илдьэр суолу тобуллубут. Саастаах дьоҥҥо 15%-аах чэпчэтии оҥордубут. Сыанабытын төһө кыалларынан үрдэппэккэ буола сатыыбыт да, долларбыт күн-түүн улаата турар.
Билигин предпринимателлэр былыргылыы сыана быһар бырааптара суох, барытын аан дойду валютата быһаарар.
Мин санаабар, бу балаһыанньа, кырата, 1-2 ый салҕанара буолуо. Интернет баарын тухары битэмииннэрбитин, бадтарбытын атыылыыбыт. Солкуобай харчыбыт ырыынактан түспүтүн да иһин, ханнык баҕарар кыһалҕаҕа бэлэммит.
САБЫЛЛЫАХ ТУРУКТААХПЫТ
Ирина Матвеева, “Skintime” косметика маҕаһыынын хаһаайката:
– Уопсайынан, балаһыанньабыт олус уустук. Маҕаһыыннарбыт бары сабыллан тураллар. Саҥа ыйаах тахсыбыт кэннэ табаары дьиэҕэ илдьэн биэриини эмиэ тохтоттубут. Мин санаабар, бу эмиэ олус кутталлаах уонна сэрэхтээх. Курьер куораты барытын кэрийиэн наада, кыргыттар эмиэ үлэлиэхтэрин наада буолан тахсар. Ол иһин, үлэһиттэрбин уонна килийиэннэрбин харыстаан, барытын тохтотон олоробун. Тэрилтэ билигин үлэлээбэккэ турар, үлэһиттэри төлөнөр уоппускаҕа ыыттыбыт.
Бу ыарыы 2-3 ый уһаатаҕына, ороскуоппутун сабынар кыахпыт суох. Ол эрэн 1-2 нэдиэлэнэн тахсарбыт буоллар, улахан хоромньубут суох буолуо этэ.
Күндү куорат олохтоохторо! Бэйэ бэйэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахха!
КИРИИСИС ИККИ ТӨГҮЛ ТОҔО АСТА
Александр Ермолаев, “Студлав”, “Дан Дан” рестораннар хаһаайына:
– Олус ыарахан кэм кэллэ. Дьокуускай куорат сүрүннээн бизнескэ тирэнэн олорор. Куорат бэйэтэ оҥорон таһаарар бородууксуйата суоҕун кэриэтэ. Онон хас биирдии киһи туох эрэ бизнестээх быһыылаах. Ол түмүгэр баар кафеларбыт, рестораннарбыт, баттах кырыйтарар барбердар, салоннар, фитнес саалалар бары импортнай, хаачыстыбалаах өҥөнү нэһилиэнньэҕэ тарҕата олороллор. Ону, аан дойдуну эргитэр харчы үрдээн, сыанабыт икки төгүл үрдээтэ. Биһиги рестораннарбыт билигин сабыллан тураллар, ол эрээри аспытын дьоҥҥо тиэрдэр кыахтаахпыт. Аны, куортамнаан олорор сирбит сыаната эмиэ үрдээтэ.
ЭЛБЭХ КИҺИ ҮЛЭТЭ СУОХ ХААЛАР
Манчаары Колодезников, “ҮсКүт” тутуу тэрилтэтин хаһаайына:
– Мин тэрилтэбэр 14 үлэһиттээхпин, үксүлэрэ ыаллар. Билигин саамай улахан охсууну доллар оҥордо. Сыанабыт барыта ыараан таҕыста. Ордук технология өттүгэр. Биһиги тэрилтэбит буола турар быһыыны-майгыны оччо-бачча билинэ илик да буоллар, нэһилиэнньэ ордук миэбэл фурнитуратын атыылаһар. Холобура, биир ый аннараа өттүгэр 3 дьааһыгы 4500 солк. ылар буоллахпытына, билигин онтубут 11500 солк. буолан таҕыста. Билигин онлайн-сакааһы ыла олоробут. Дьон ордук кухня, ыскаап, орон сакаастыыллар.
Икки бырыһыаннаах Уһук Илин ипотеката олоххо киирбитэ аҕыйах ый буолла эрээри, олус көдьүүстээҕэ дьэ көстөн эрэр. Саҥа дьиэлэр бары ураты оҥоһуулаахтар, маҕаһыынтан атыылаһар миэбэл сөп түбэспэт. Ол инниттэн дьон миэбэл сакаастыыр. Үлэһиттэрим бары бэрчээккилээх, мааскалаах сылдьаллар.
Аан дойдуну аймаабыт коронавирус түргэнник ааһарын уонна доллар курса түһэрин баҕарабын. Бары предпринимателлэргэ бу ыарахан кэмҥэ сөптөөх суолу тобулалларыгар баҕарабын.
УРБААННЬЫТТАРГА ӨЙӨБҮЛ
Кулун тутар 25 күнүгэр дойду аҕа баһылыга Владимир Путин Арассыыйа киин ханаалларынан быһа этиитигэр дьоҕус бизнеһи өйүүрүн туһунан иһитиннэрдэ.
Урбаанньыттар бэйэлэрин үлэһиттэрин ахсаанын оннунан хаалларалларыгар уонна бизнестэрин саппаттарыгар ыҥырда. Ол туһуттан алта ыйга НДС-тан ураты бары нолуокка уһатыы (отсрочка) биллэриллиэхтээх. Кыра бизнестээх дьон бу чэпчэтиинэн социальнай пуондаҕа страховой усунуоска уһаттарар эмиэ кыахтаннылар. Манна эбии бааннарга кредити төлөөһүнү алта ыйга тиийэ уһатта. Онон олохтоох предпринимателлэрбит эстибэт суолга тирэниэхтэрэ диэн эрэнэбит.