Орто анал үөрэххэ киирбит элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр оҕолоругар харчынан өйөбүл оҥоһуллуоҕа
Ил Дархан Айсен Николаев төлөбүрдээх орто анал үөрэххэ киирбит элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоругар балаҕан ыйын 1 күнүттэн харчынан өйөбүл оҥоһулларын туһунан ыйааҕы баттаата.
Чуолаан элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоро үлэ ырыынагар наадалаах идэлэргэ төлөбүрдээх үөрэххэ үөрэнэр кэмнэригэр 50 тыһыынча солк. кээмэйдээх харчынан өйөбүл оҥоһуллар. Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата 2024 сыл атырдьах ыйын 1 күнүгэр диэри биир кэмнээх төлөбүр бэрээдэгин уонна усулуобуйатын быһаарарга сорудахтанна, диэн Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



