Ороскуот дуу, дохуот дуу?
2015 сыллаахха Дьокуускайга «Фонд развития города Якутска» диэн сылга 7 %-наах кирэдьиити биэрэр пуонда арыллан турар. 2015, 2016, 2017, 2018, 2019 сылларга, биэс сыл устата, бу тэрилтэ киин куорат предпринимателлэригэр 300-чэкэ мөлүйүөн солкуобай иэннээх көмөнү оҥорбут. Бу харчы куорат дьоҕус бизнеһин төһө сайыннарда?
«Фонд развития города Якутска» диэн сылга 7 %-наах кирэдьиити биэрэр пуонда өҥөтүнэн ааспыт биэс сылга киин куорат хас предпринимателэ туһанна? Бу предпринимателлэр киин куорат сайдыытыгар төһө туһалаах бизнеһинэн дьарыктаннылар? Оҥорон таһаарар бородууксуйаларынан, өҥөлөрүнэн куорат бүддьүөтүгэр төһө элбэх нолуогу төлөөтүлэр, дохуот киллэрдилэр? Итиччэлээх үп-харчы бу биһиги, куорат олохтоохторо, нолуокка төлөбүрбүт буоллаҕа, онтубут чахчы нэһилиэнньэ олоҕун уйгута тупсарыгар наадалаах бизнестээх дьоҥҥо бэрилиннэ дуо? Биитэр туох да көдьүүһэ суох ый-халлаан ыһыаҕа оҥостуу буолла дуу? Арааһа, маннык ыйытыылары муҥ саатар бэйэтигэр элбэх предприниматель биэрбит буолуохтаах. Ордук... ити харчыга тиксибэтэхтэр. Оттон Дьокуускай куоракка, официальнай сыыппара этэринэн, 6500 кэриҥэ предприниматель баар.
Биллэрин курдук, бу Пуонда көмөтүнэн биэс сыл устата 92 предприниматель туһаммыт. Онуоха олохтоох бүддьүөттэн 283 мөлүйүөн солкуобай ороскуоттаммыт (туһаҕа тахсыбыт диир кыах суох быһыылаах –аапт.). Аны туран, бу күннэргэ куорат кэлэр 2020 уонна онтон кэлэр сыллардааҕы бүддьүөтүн ааҕыы кэмигэр бу Пуонданы өйүүрү тохтотуохха эбэтэр үбүлээһинин иэнин биллэ сарбыйыахха диэн кэпсэтиилэр бара тураллар. Көмө быстар аҕыйах киһиэхэ оҥоһулунна диэтэхтэрэ дуу, көдьүүһэ суох тэрилтэ диэтэхтэрэ дуу, биитэр куорат бүгүҥҥү балаһыанньатынан харчы иэһиир, буолаары буолан баара-суоҕа 7 %-ҥа эрэ биэрэр кыаҕа суох диэтэхтэрэ дуу. Арааһа, бу кыһалҕа барыта баар быһыылаах. Боппуруос сытыытык турбутун бэнидьиэнниктээҕи былаанныыр мунньахха баһылык Сардаана Авксентьева тус санаатын этиитэ бигэргэттэ.
Ол курдук, куорат кэлэр сыллааҕы бүддьүөтүн туһунан боппуруоска Сардаана Авксентьева «Предпринимательство департамена бэйэтэ «бу бырагырааманы букатыннаахтык тохтотуохха» диэн этии киллэрбитин бэлиэтээтэ.
– Ааспыт биэс сылга Пуонда нөҥүө 92 предприниматель кирэдьиит ылбыт. Кимиэхэ эрэ – 5 мөлүйүөн солкуобай, кимиэхэ эрэ – 4, кимиэхэ эрэ сыл аайы 3-түү мөлүйүөн анаммыт. Оттон сорохторго биир да солкуобай тиксибэтэх, – диэтэ Сардаана Авксентьева. – Оттон мин көрүүбэр, олохтоох бүддьүөт – кирэдьиит биэрэр тэрилтэ буолбатах. Мин санаабар, олохтоох бүддьүөт уопсайынан даҕаны харчыны иэс биэриинэн дьарыктаныа суохтаах, буолаары буолан сылга 7%-ҥа. Бу биэс сыл устата харчы биэрбит предпринимателлэрин хайдах сүүмэрдээтилэр? Тоҕо сорохторго сыл аайы харчы көрүллүбүтүй? Түөртүүтэ ылбыт дьон баар. Оттон сорохторго туох да тиксибэтэҕий? Эйгэлэринэн ырыттахха, бу 92 киһиттэн 36-та – тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччы, бу дьоҥҥо сыл ахсын кэриэтэ бэриллибит; 35 киһи – куорат оптуобустарын хаһаайыттара, оттон орто уонна дьоҕус бизнес бэрэстэбиитэллэрэ – баара-суоҕа 21 киһи. Онон бу Пуонданы үбүлээһини сарбыйыы дуу, букатын тохтотуу дуу куорат орто уонна дьоҕус бизнеһин эһэр кутталлаах диэн санааны кытта сөпсөспөппүн.
Билэрбит курдук, баһылык Сардаана Авксентьева олохтоох бүддьүөтү көдьүүһэ суох туһаныыны хара маҥнайгыттан кытаанах хонтуруолга ыла сатыыр. Холобура, дьаһалта балаансатыгар турбут сыаналаах, онон элбэх ороскуоттаах массыыналары атыыга таһаарбытын, бүддьүөт суотугар аһааһыннары-сиэһиннэри – корпоративтары, опыт ылар аатыран хотунан-соҕуруунан командировкалары сарбыйбытын бары билэбит. Кэлэр нэдиэлэҕэ, сэтинньи 28-29 күннэригэр Дьокуускайга Уһук Илин регионун «Өйдөөх куорат» форума буолаары турар. Арассыыйа салалтата, 10-ча губернатор кэлэрэ күүтүллэр. Маннык таһымнаах тэрээһин ороскуотун сүрүн чааһа куорат бүддьүөтүн санныгар сүктэриллибэтин эмиэ, биллэн турар, Сардаана Авксентьева ыытар политикатын биир ситиһиитэ диэххэ сөп.
«Фонд развития города Якутска» туохха 7%-наах кирэдьиити биэрэн кэллэ? | Бородуукталара | Суумата |
Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччыларга | «Агро-бизнес»: *тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга, таҥастааһыҥҥа. | 3 000 000 солк. диэри |
«Агро-экспресс»: *тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга, таҥастааһыҥҥа. | 500 000 солк. диэри | |
«Агро-инвест»: *производствоны кэҥэтиигэ, тутууга, модернизацияҕа. | 5 000 000 солк. диэри | |
Орто уонна дьоҕус предпринимательствоҕа | «Бизнес-старт»: *предпринимательствоны, ис туризмы сайыннарыыга уонна саҥа саҕалааччыларга. | 500 000 солк. диэри |
«Бизнес-развитие»: *предпринимательствоны, ис туризмы сайыннарыыга, олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарыыга. | 3 000 000 солк. диэри | |
«Бизнес-приоритет»: *«Дьокуускай к.» куораттааҕы уокурук территориятыгар уопсастыбаннай тырааныспар үлэтин сайыннарыыга. | 3 000 000 солк. диэри |
Бэлиэтээн эттэххэ, куорат кэлэр сыллааҕы бүддьүөтүгэр ыытыллыбыт публичнай истиилэргэ Пуонданы үбүлээһини сарбыйыы үгүс мөккүөрү таһааран турар. Чуолаан, 96 мөлүйүөнтэн 4-кэ диэри сарбыйыыны сорох предпринимателлэр ыарыылаахтык ылыммыттара. Ол эрээри куорат салалтата кэлэр сылтан предпринимателлэргэ чэпчэтиилээх нолуок киириитэ (УСН-упрощенная система налогообложения), чуолаан 15-тэн 10 %-ҥа диэри түһэрии, 260 мөлүйүөн солкуобайы кэмчилиирэ быдан барыстаах өйөбүл буоларын бэлиэтиир. Ол курдук, 2019 сылга Ил Дархан Айсен Николаев нолуогу 10 %-ҥа диэри түһэрэр туһунан быһаарыыны ылынан турар. 6500 предприниматель түмсэн олорор Дьокуускай куоратыгар ити балайда суумаҕа тахсар. Араастаһыыга хаалбыт сууманы хас биирдии предприниматель тус дьыалатын сайыннарыыга туһанара ханнык да туораттан көмөтөөҕөр быдан дьайыылаах, көдьүүстээх буолара саарбахтаммат. Ону ааһан, кыччатыллыбыт нолуогу предпринимателлэр уһаппакка-кэҥэппэккэ да төлүүр буолуохтара. Ол аата бүддьүөккэ харчы киириитэ сыыдамсыйар.