Оробуочай идэлэээх исписэлиистэргэ наадыйыы үрдүк
Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар кэмитиэт чахчытынан, өрөспүүбүлүкэ оробуочай идэлээх исписэлиистэргэ сытыытык наадыйар.
Ол курдук, үлэ ырыынагар бүгүҥҥү күҥҥэ 10 тыһыынчаттан тахса вакансия турарыттан 6 тыһыынчата – оробуочай идэлэр. Чуолаан, ордук ирдэнэр исписэлиистэринэн массыына суоппардара, слесарьдар, машинистар буолаллар, ол кэнниттэн инженердэр, медицинскэй сиэстэрэлэр, учууталлар кэлэллэр.
Ааспыт 2023 сылга 3,7 тыһыынча үлэтэ суох идэ ылар үөрэҕинэн хабыллыбыт. Үлэтэ суох нэһилиэнньэ сүрүннээн суоппар, слесарь, парикмахер идэтигэр үөрэммит. Саха Өрөспүүбүлүктин Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Светлана Горюшинская этэринэн: «Дойду Бэрэсидьинэ Владимир Путин Чукотка олохтоохторун кытта көрсүһүүтүгэр дойдуга үрдүк квалификациялаах оробуочай каадырдар тиийбэттэрин эппитэ. Бу соругу толорор сыалтан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр «Промышленнаска – олохтоох каадырдары» бырагырааманан бульдозер, экскаватор, буровой
установка машинистара, электромонтер, электрогазосварщик, слесарь, горнорабочай, стропальщик курдук идэлэргэ үөрэтии салҕанар. Ааспыт сыл бастакы аҥаарыгар промышленнай хампаанньаларга 8 тыһыынчаттан тахса киһи үлэ миэстэтин булла, ол иһигэр 3 845 киһи – 35-гэр диэри саастаах ыччат, 1 573 киһи –
вахта ньыматынан, 1 382 киһи – быстах кэмҥэ, 1 841 киһи – тыа сириттэн».
2023 сылга Дьарыктаах буолуу сулууспатыгар 16 тыһыынчаттан тахса киһи кэлбититтэн, 8,9 тыһ. киһи (55,7%) үлэнэн хааччыллыбыт, ол иһигэр бастайааннай үлэнэн – 5,5 тыһ. киһи (62,2%).
Сыл устата үлэтэ суох нэһилиэнньэ ахсаана 3,8 тыһ. диэри көҕүрээн, үлэтэ суох буолуу таһыма 0,7% тэҥнэһэр. Судаарыстыба ыытар политикатын биир сүрүн хайысхатынан доруобуйаларынан хаарчахтаах дьону үлэнэн хааччыйыы буолар. Дьарыктаах буолуу сулууспатыгар кэлбит 784 инбэлииттэн 394 үлэ миэстэтинэн хааччыллыбыт.
Бэлиэтээн эттэххэ, Саха сиригэр үлэнэн иитиллэр нэһилиэнньэ ахсаана 17,6 тыһ. киһинэн элбээн, 487,9 тыһ. тэҥнэспит, диэн Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.