Орнитологияны үөрэтэр эдэр учуонай Анатолий Лукин
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2021 сылы Арассыыйаҕа Наука уонна технология сылынан биллэрбитэ. Бу хайысханы өйүүр уонна сайыннарар сыалтан туспа национальнай бырайыагы олоххо киллэрэр үгүс үлэ ыытыллар. Ол түмүгэр 2019-2024 сылларга Арассыыйа аан дойду биэс лидерин иһигэр киириэхтээх. Маныаха билигин наука федеральнай таһымҥа сөптөөх өйөбүлү ылар. Инникитин эдэр каадырдары иитэн таһаарар сүрүн сорук турар.
Бүгүн ааҕааччыларбытыгар орнитологияны үөрэтэр, бэйэтэ туспа көрүүлээх эдэр ыччаты билиһиннэрэбит. Анатолий ЛУКИН – М.К. Аммосов аатынан ХИФУ естественнэй наукаларын институтун үһүс кууруһун устудьуона.
Наукалыын доҕордоспутум ыраатта
— Мин учуутал идэтигэр үөрэнэ сылдьабын. Экология уонна география учууталын идэтин баһылыыр санаалаахпын. Науканы кытта оҕо эрдэхпиттэн доҕордоһобун. Урут чугас дьонум төрөөбүт күннэрбэр араас интэриэһинэй, киһи харахтаан көрбөтөх энциклопедияларын бэлэхтииллэрэ. Онтон ыла куруук элбэҕи билэргэ уонна талаһарга дьулуспутум. Ийэм библиотекаҕа үлэлиир буолан, кинилиин өрүү сылдьыһар буоларым. Науканы кытта чугастык 3 кылаастан билсибитим. Онтон ыла оскуоланы бүтэриэхпэр диэри араас таһымнаах НПК-ларга кыттыбытым. МГУ уонна МГТУ курдук дойдуга биллэр-көстөр кыһалар ыытар тэрээһиннэригэр кыттан, норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапкаҕа үһүс миэстэ буолбутум. 2018 сыллаахха норуоттар икки ардыларынааҕы Интеллектуальнай оонньууларга (YISG-2018) биология хайысхатыгар “Science Fair” конференцияҕа бастаабытым.
— Анатолий, билигин даҕаны университет аатыттан элбэх конференцияҕа кыттар эбиккин дии.
— Норуоттар икки ардыларынааҕы, Арассыыйатааҕы, өрөспүүбүлүкэ иһинэн ыытыллар уонна университет бары тэрээһиннэригэр кыттабын. Педагогика, биология, экология, туризм курдук наука салааларыгар 1,2,3 миэстэлэри ылабын.
— Мин билэрбинэн, эн соҕотох Арассыыйа устудьуоннарын чиэһин Лондоҥҥа тиийэн көмүскээбитиҥ. Ол туһунан кэпсии түс эрэ.
— 2019 сыллаахха Великобританияҕа «London Youth International Science Forum» диэн улахан аан дойдутааҕы форумҥа кыттан кэлбитим. Манна мин Арассыыйа федерациятыттан соҕотох устудьуон этим. Аан дойду уон устудьуонун ахсааныгар киирэн, Королева кыыһа Принцесса Анналыын кэпсэтэр чиэскэ тиксибитим. Форумҥа сылдьан Англия саамай күүстээх университеттарыгар сылдьыбытым: Оксфорд, Кембридж университеттарыгар уонна Лондоннааҕы Имперскай колледжка олорон биир ый үөрэммитим.
Сайдыыны аҕалар
— Наука диэн тиэрмини судургутук хайдах быһаарабыт?
— Наука – бу биһигини уонна тулабытын үөрэтии. Кини анатомияттан саҕалаан, куйаарга тиийэр кыахтаах. Хайысхата элбэх.
Мин санаабар, наука дьоҥҥо-сэргэҕэ сайдыыны аҕалар. Аһаҕастык эттэххэ, Арассыыйа науката тас дойдулартан хаалан иһэр. Саха сирин наукатын таһыма эмиэ кыра. Мин маннык этиилээхпин: бэйэбит менталитеппытын тутан баран сырыттахпытына, аҕыйах сылынан сүтэр турукка тиийиэхпит, ол иһин сайдар туһугар науканы элбэххэ мотивациялыахха наада. Наука баар буоллаҕына, бу орто дойдуттан икки атахтаах хаһан даҕаны сүтүө суоҕа. Үүнэр көлүөнэ ыччаты кыра сааһыттан, атын дойдуларга курдук, научнай-чинчийэр бырайыактары олоххо киллэрэн кэпсииргэ үөрэтиэхтээхпит. Ол иһин омук тылларын күүскэ үөрэтэн саҕалыахха наада.
— Сахалыы олус үчүгэйдик саҥарар эбиккин.
— Хайа баҕарар норуот төрөөбүт тылынан саҥара уонна толкуйдуу үөрэниэхтээх. Киһи бэйэтин тылын, култууратын билэр буоллаҕына биирдэ атын омук тылын үөрэтэр, баһылыыр кыахтаах. Сахалар кэнники кэмҥэ тылбытын өрө туппаппыт хомолтолоох.
— ХИФУ-га науканан дьарыктанар устудьуон истипиэндьийэтэ төһө буоларый?
— 15 тыһ. солк. курдук буолар, ону таһынан үөрэҕин истипиэндьийэтэ ааҕыллар.
Орнитология диэн тугуй?
— Сүрдээх интэриэһинэй салааны талбыт эбиккин. Үөрэтэр хайысхаҥ туһунан ааҕааччыларбытыгар сырдатыаҥ буолаарай.
— Орнитология – көтөрдөрү үөрэтэр наука. Айылҕа уларыйа турар, аан дойду глобальнай сылыйыытын кэмигэр кинилэр ахсааннара күн-түүн аҕыйыы турар, араастара да элбиир. Араас химическэй элэмиэннэр да тахсаннар, глобализация да буолан, көтөр кынаттаахтарга уларыйыылар тахса тураллар. Мин кинилэри ИБПК СО РАН учуонайдарын кытта тэҥҥэ үөрэтэбин.
— Дьэ, эрэ! Ол кэннэ туох түмүк оҥоһуннуҥ?
— 100 сыллааҕы холоон көрүүбүтүгэр, 50-тан тахса көтөр арааһа Горнай уонна Нам улуустарын икки ардыларынан үйэ анараа өттүгэр Лев Бианки үөрэтэн ааспыт сиригэр 50 устуукаттан тахса көтөр хас сайын ахсын кэлэн барар. Билигин аан дойду үрдүнэн глобальнай сылыйыы буолла, онон хас биирдии көтөр олохсуйара элбээтэ, ахсааннара даҕаны баһыйда.
Биһиги үлэбит барыта экспедиция нөҥүө ааһар. Мин 2015 сыллаахтан бу экспедицияҕа сылдьаммын идэбин уонна үөрэтэр наукабын интэриэһиргээн таллым.
— Көтөрдөр диэбиккэ дылы, биири сураһыым эрэ. Дьокуускай куоракка, Щорс күөлүгэр халлаан сылыйдаҕына кустары аҕалан ыыталлар. Бу кустары ким баҕалаах тугунан баҕарар аһатар кыахтаах. Маны эн хайдах сыаналыыгын?
— Киин куоракка кустары илииттэн аһаталлара туох да куһаҕана суох, ол гынан баран аһатааччы куска хайдах хаачыстыбалаах аһы биэрэриттэн тутулуктаах, үксүгэр килиэбинэн буоллаҕына, үчүгэй.
— Экспедицияҕа да сылдьан бэлиэтии көрбүтүҥ буолуо, Саха сиригэр кэлин хотой, мэкчиргэ курдук көтөрдөр олох көстүбэт буоллулар.
— Мас көтөрдөрө аҕыйыыр кутталлаахтар, ол эрээри сүтэн эрэллэр диир кыахпыт суох.
Мэкчиргэ уонна хотой дьон хараҕар, куоракка көстүбэтэ биллэр. Тыас-уус элбэх, салгыммыт да киртийэн көппөттөр. Аны туран, хас сайын ахсын буруо да буруо. Онтон сылтаан кинилэр тэйиччи барар аакка бардахтара.
Глобализация туһунан тугу этэҕин?
— Олох глоба-лизацияҕа киирэрэ олус суолталаах. Үчүгэй да, мөкү да өрүттэр бааллар. Тоҕо диэтэххэ, Саха сирин дьоно сайдалларыгар, саҥаны билэллэригэр, дьиэттэн үлэлииллэригэр уонна үөрэнэллэригэр олус судургу буолла.
Онон, мин саныахпар, сайдар туһугар бириэмэни кытта тэҥҥэ сайдан, үөһэ тахсан иһиэххэ наада. Устудьуон, үөрэнээччи бу маннык кэмҥэ сөптөөх контент буларга үөрэнэрэ буоллар, олус үчүгэй буолуо этэ. Сайдыы ханнык баҕарар салааҕа, технологияҕа сытар. Технология, биллэн турар, наукаттан тахсар.
— Кэпсээниҥ иһин махтал, үөрэххэр үрдүк ситиһиилэри, наука киэҥ аартыгын өссө даҕаны киэҥник хардыылыы тураргар баҕарабын.
Эдэр ыччакка бу кинигэлэри ааҕаргытыгар сүбэлиибин: «Артемис Фаул», «Три товарища», «Мертвые души», «Алхимик» уонна «Сааскы кэм».