Орджоникидзе болуоссатыгар – көлүөнэлэр ситимнэрэ
Кыайыы бырааһынньыгын иннинээҕи күн Орджоникидзе болуоссатыгар сэрии, тыыл бэтэрээннэрин, сэрии сылларын оҕолорун кытта көрсүһүүнү кытта көлүөнэлэр ситимнэрин сокуонунан призывниктары атаарыы буолла.
Мустубут дьону СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов уонна куорат баһылыга Евгений Григорьев эҕэрдэлээтилэр.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыыны уһансыбыт аҕа көлүөнэ дьоммут баар буолан, биһиги, кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, дойдубутун, өрөспүүбүлүкэбитин тутар, сайыннарар кыахтаахпыт диэн эттэ.
Сэрии, тыыл бэтэрээннэрин, сэрии сылларын оҕолорун куорат баһылыга Евгений Григорьев эмиэ эҕэрдэлээтэ. «Дьокуускай куоракка 11 Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнэ олорор. Кинилэр хорсун быһыыларын, килбиэннээх суолларын аныгы көлүөнэ салҕаан, Ийэ дойдубут интэриэһин анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр көмүскүүр. Бэтэрээннэри кытта көрсүһүүгэ Арассыыйа Дьоруойун үрдүк аатын ылбыт Николай Соболев олус наадалаах тыллары эттэ: «Биһиги киирсэрбит, кырдьыгы туруулаһарбыт тухары, дойдубут историятын токурутар кыаллыбат»,– диэтэ. Бу буолар көлүөнэлэр солбуйсуулара, омугуттан, сааһыттан тутулуга суох бэриллэр утумнааһын»,– диэтэ Евгений Григорьев.
Бу күн үгэс быһыытынан Ийэ дойдуларыгар ытык иэстэрин төлүү аармыйаҕа сулууспалыы барааччылары Дьокуускай уонна Ленскэй архиепискоба Роман кыттыылаах атаарыы буолла.
Мустубут дьоҥҥо идэтийбит артыыстар, уус-уран самодеятельность кыттыылаахтара кэнсиэр көрдөрдүлэр, үгэс курдук итии чэйдээх саллаат хааһытынан күндүлээтилэр, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.