Оптуобустары техническэй көрүү пууна эбилиннэ
Кулун тутар 19 күнүттэн «Дороги Арктики» тэрилтэ оптуобустар техническэй көрүүлэрин сөргүттэ. Бу туһунан тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын Министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ол курдук, бүгүҥҥү күҥҥэ киин куоракка техническэй көрүү икки пууна үлэлиир – «Первая лига» уонна «Дороги Арктики».
Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Сергей Владимиров иһитиннэрбитинэн, ааспыт өрөбүллэргэ 193 сайаапка баарыттан техническэй көрүүнү 38 оптуобус ааспыт.
«Өрөспүүбүлүкэ тырааныспарга Министиэристибэтэ массыыналаахтарга туһаайан техническэй көрүүнү ааһалларыгар эрдэттэн суруйтаралларыгар сүбэлиир. Дьокуускайга мототранспортнай сириэстибэлэр, чэпчэки уонна ыарахан уйуктаах массыыналар техническэй көрүүлэрин түөрт пууҥҥа ааһыахха сөп диэн санатабын», — диэтэ кини.
Техническэй көрүү пууннарын аадырыстара: «Первая лига» – Автодорожнай уул., 59/7Б, «Дороги Арктики» – Хатыҥ-Үрэх шоссета уул., 7.