07.07.2020 | 14:21

Оптуобустарга мааска кэтии булгуччулаах

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат Тырааныспарка уонна суол-иис инфраструктуратыгар управлениета ааспыт нэдиэлэттэн оптуобустарга мааска кэтии эрэһиимин тутуһууну бэрэбиэркэлиир рейдэлэри ыытар.

Ол курдук, от ыйын 6 күнүгэр 5 быраабыланы кэһии бэлиэтэннэ. Маныаха 5 тыһыынча солк диэри ыстараап ууруллуон сөп. От ыйын 3 күнүттэн ыытыллыбыт рейдэлэргэ 12 боротокуол толорулунна.

Санатан эттэххэ, бэс ыйын 29 күнүттэн, хааччахтартан тахсыы иккис түһүмэҕинэн сибээстээн, оптуобустар сырыыларын икки ардыта чугаһаан биэрбитэ. “СоюзАвто” иһитиннэрэринэн, опуотубска айанныыр дьон ахсаана элбээтэ, онон оптуобус ахсаана кытта эбилиннэ. Пандемия кэмигэр айан суолугар 60-80 иһинэн оптуобус тахсар эбит буоллаҕына, билигин 240 оптуобус дьону тиэйиинэн дьарыктанар. Оптуобустар айаннарын икки ардыта 10-15 мүн, үлэлиир кэмнэрэ сарсыарда 7 чаастан киэһээ 21.00 чааска диэри буолла.

“ЯПАК” МУТ кэпсээбиттэринэн, куорат таһынааҕы нэһилиэктэргэ айанныыр оптуобустарга дьон ахсаана эмиэ биллэ эбилиннэ. Бэс ыйын 25 күнүттэн Маҕан, Кангалассы уонна Жатай хайысхатыгар эбии оптуобустар киирдилэр, уопсайа 25 оптуобус дьону тиэйэр.

Оптуобска мааската суох дьоҥҥэ кондуктордар өйдөтөр үлэни ыыталлар, ардыгар полицияны ыҥырыы кытта баар буолар. Суоппардар харыстаныы миэрэлэрин тутуһалларын эмиэ ирдиэхтээхпит.

ЯПАК оптуобустара уонна куорат иһинэн айанныыр чааһынай оптуобустар бары, Роспотребнадзор ирдэбилигэр олоҕуран, толору дезинфекцияны ааһаллар.

Ытыктабыллаах куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара, бэйэ-бэйэҕэ харыстабыллаах сыһыаны олохтооҥ, мааскаҕытын кэтэ сылдьыҥ, социальнай тэйиччи туттуу быраабылаларын тутуһуҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....