16.10.2020 | 13:30

Оптуобустарга хонтуруол күүһүрдэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ааспыт нэдиэлэттэн киин куорат оптуобустарыгар күн аайы эриэйдэ ыытыллар. “Союз Авто” тэрилтэ дириэктэрэ Андрей Косицкай иһитиннэрбитинэн, уопсастыбаннай тырааныспары хонтуруоллуур тэрээһиннэри олохтоох дьаһалта тырааныспарга салаата, куорат суһал штаба ыытар.  

Билигин киин куоракка күннэтэ 280 оптуобус  линияҕа тахсар. Кэнники күннэргэ коронавируһунан ыалдьыбыт киһи ахсаана элбээтэ, эпидемиологическай балаһыанньа уустугурда. Онон чааһынай дьону таһааччылар мааскалаах сылдьыы эрэсиими тутуһалларыгар улахан болҕомто ууруллар буолла. Ол курдук, нэдиэлэ устата 12 маршруту, уопсайа 47 оптуобуһу бэрэбиэркэлээтилэр: 1, 3, 4, 6, 7, 8, 14, 15, 16, 17, 19, 20 №.  Онтон 27-тэ билиҥҥи ураты бэлэмнээх буолуу эрэсиимигэр, санитарнай ирдэбиллэргэ эппиэттээбэтэ бэлиэтэннэ.

Хонтуруоллуур тэрээһиннэр оптуобустар сырыыларын атахтаабат. Тоҕо диэтэххэ бэрэбиэркэ үлэтэ дьон-сэргэ соччо барбат-кэлбэт, айаннаабат кэмигэр ыытыллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Бобёр: «Үрдүк Айыылартан эрэ көрдөһөҕүн, ханнык да хамандыыр кэлэн быыһаабат»
Дьон | 09.05.2025 | 14:00
Бобёр: «Үрдүк Айыылартан эрэ көрдөһөҕүн, ханнык да хамандыыр кэлэн быыһаабат»
Анараа хас биир күн күндү: бүгүн бааргын — сарсын суоххун... Уолаттарбыт барахсаттар араас моһолтон, чуһуурар буулдьаттан, үөһээттэн көтөн кэлэр «дьэгэ-баабалартан» кыл түгэнэ, мүччү-хаччы түһэн төннөн кэллэхтэринэ, айыыларбытыгар эрэ махтанабыт буоллаҕа. «Бобёр» позывнойдах хорсун буойун иккистээн хантараак баттаан сэриилэһэ сылдьан бааһыран, билигин Москваҕа госпитальга  кэлэн эмтэнэ сытар.   Бобёр 2023 сыл саҥатыгар,...
Историяны сэгэттэххэ...
Сонуннар | 10.05.2025 | 12:06
Историяны сэгэттэххэ...
Улуу Кыайыы 80 сылын чэрчитинэн быйылгы сыл Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну көмүскээччи, Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылларын биллэриллибитэ.  Оттон култуура  тэрилтэлэригэр быйыл – История өйдөбүнньүгүн сыла.   Дьокуускайга сахаттан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Поповка аналлаах пааматынньык турда.  Дьоруой биир дойдулаахтара, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Баатара нэһилиэгин бэрэстэбиитэллэрэ дьоруой аймахтара  Федор...
Улуу Кыайыы 80 сылыгар анаммыт тэрээһиннэр
Сонуннар | 06.05.2025 | 16:24
Улуу Кыайыы 80 сылыгар анаммыт тэрээһиннэр
Биһиги дойдубут Аҕа дойду сэриитигэр Улуу Кыайыыны ситиспитэ быйыл лоп курдук 80 сыла томтойо туолла. Бу күҥҥэ  өрөспүүбүлүкэбит киинигэр, Дьокуускайга, ыытыллар тэрээһиннэри таһаарабыт.   Эйэлээх олохпут туһугар тыыннарын да толук ууралларын кэрэйбэккэ, сэриигэ уонна тыылга хорсуннук турууласпыт, суорума суолламмыт аҕа көлүөнэ дьоммутун дириҥник ытыктаан, үтүө, махтал тыллары аныырбыт – тыыннаахтар ытык...
Эр киһи наада дуо?
Сынньалаңңа | 18.05.2025 | 21:35
Эр киһи наада дуо?
Бу киһи эмиэ мэлийдэ. Күүтэн-күүтэн көхсүм сылайда, кэтэһэн-кэтэһэн кэтэҕим элэйдэ. Баҕайы, эмиэ ханна эрэ халаара сылдьара буолуо, эбэтэр гаражка тиийэн хаартылыы олороро дуу? Уопсайынан, эр киһи туохха наадалааҕый? Күннээҕи олоххо дуу, түүҥҥү таҕылы ханнарыыга дуу? Саатар дьиэтигэр кэлэн дьыбааҥҥа тиэрэ түһэн тэлэбиисэр да көрөрө баҕалаах. Сорох дьахталлар эрбит суох буоллаҕына...