19.01.2024 | 10:34

Оптуобустар сырыыларын Уопсастыбаннай палаата бэрэбиэркэлиэҕэ

Оптуобустар сырыыларын Уопсастыбаннай палаата  бэрэбиэркэлиэҕэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тохсунньу 17 күнүгэр Куорат уопсастыбаннай палаататын уочараттаах мунньаҕа буолла.

Палаата киин куорат биир саамай тыын кыһалҕатын – куорат маршуттарын оптуобустарын үлэтин кыһалҕатын көтөхтө. Палаата чилиэннэрэ оптуобустар сырыыларын бэрэбиэркэлиир туһунан көҕүлээһини өйөөтүлэр уонна 1 №-дээх маршруту ГРЭС оройуонугар төнүннэрэр туһунан боппуруоһу көтөхтүлэр. Маны сэргэ Оҕо саас уонна Дьиэ кэргэн сылларынан аһымал аахсыйалары, бырайыактары көҕүлээтилэр.

Мунньахха палаата саҥа чилиэннэрин билиһиннэрдилэр – 102 №-дээх «Подснежник» оҕо саадын сэбиэдиссэйэ Ирина Андриевская, 13 №-дээх орто оскуола дириэктэрэ Галина Васильева, Биир дойдулаахтар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ, Өлүөхүмэ улууһун бэрэстэбиитэлэ Алексей Куприянов, урбаанньыт Ольга Николаева уонна 203-с дьоҕус оройуон старосталарын сэбиэтин чилиэнэ Семен Попов.

Бу күн Дьокуускайдааҕы килиэп собуотун идэлээх сойууһун бэрэссэдээтэлэ Любовь Баннова, «Саха» НКИХ режиссера Сардана Протодьяконова, Куорат бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Тряпша Уопсастыбаннай палаата Махтал суругунан бэлиэтэннилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...