Оптуобустар сырыылара бэрээдэктэниэҕэ
Дьокуускай куорат баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Евгений Николаевич Григорьев киин куорат олохтоохторун долгутар ыйытыыларга хоруйдуур.
–Евгений Николаевич, куорат оптуобустарын дириэктэрдэрин кытта мунньах хайдах ааста? Туох диэн түмүккэ кэллигит?
–Эрдэ былааннаабыппыт курдук, 18 маршрут дириэктэрдэрин кытта көрүстүбүт, сылаас тохтобуллар, оптуобустар үлэлэрин, санитарнай туруктарын, о.д.а. үгүс боппуруоһу көрдүбүт. Графигы тутуһуу ортотунан 86 %-ҥа тэҥнэһэр, оттон хаалар маршруттары кытта туспа кэпсэтиэхпит. Бу нэдиэлэ бүтүөр диэри хас биирдии маршрут сайдар стратегиятын оҥорон туттарарын курдук дуогабардастыбыт.
–Оптуобустар сылдьар хайысхалара уларыйыан сөп диэн сонуннарга суруйбуппут. Бу туһунан ааҕааччыларга кэпсиэҥ дуо?
– Куорат үрдүнэн 18 маршрут баар. Үгүстэр чопчу биир хайысханан үлэлээбиттэрэ ыраатта. 10-20 сыллааҕыта олохпут атын этэ. Биһиги куораппыт эдэр, сыл аайы улаатар, кэҥиир. Холобур, бу сыл иһигэр 7000 киһинэн элбээтибит. Онон оптуобустар хайысхаларын, сырыыларын дьон-сэргэ ордук сылдьар, саҥа тутуулар барар сирдэрин учуоттаан оҥоруохтаахпыт. Сайдыы ирдэбилинэн хас биирдии маршрут үлэтэ туһунан көрүллүөхтээх. Куорат оптуобустарын 94 % эргэрдэ, баара-суоҕа 6 % эрэ саҥатык. Бу уопсай кыһалҕабыт. Дьиҥэр, 11 сылтан тахса сүүрбүт оптуобустар линияҕа тахсыа суохтаахтар. Куорат салалтата дьону-сэргэни таһар өҥө хаачыстыбалаах буоларын ситиһиэхтээх.
–Куорат олохтоохторо сылаас тохтобуллар сарсыарда хойут аһыллаллар, киэһэ эрдэ сабыллаллар диэн үгүстүк үҥсэллэр. Кырдьык, дьон кыһыҥҥы тымныыларга оптуобус кэтэһэн, оннооҕор чаас аҥаара тураллар. Бу боппуруос хайдах быһаарыллыах курдугуй?
–Аҕыйах хонуктааҕыта управалары, тустаах салайааччылары, предпринимателлэри кытта мунньахтаатыбыт, сылаас тохтобуллар санитарнай туруктарын, үлэлиир кэмнэрин туһунан кэпсэттибит. Бу нэдиэлэттэн сылаас тохтобуллар сарсыарда 6-7 чаастан саҕалаан, киэһэ оптуобус сырыыта бүтүөр диэри үлэлииллэрин курдук дуогабардастыбыт.
–Бу эбийиэктэр үлэлэрин төрдүттэн уларытар, муниципальнай тэрилтэ аатыгар көһөрөр туһунан былаан баарын сэргии истибиппит.
–20 эбийиэги “ЯПАК” муниципальнай тэрилтэ аатыгар докумуоннары бэлэмниир үлэ саҕаланна. Сылаас тохтобулу кытта бизнеһи дьүөрэлииргэ сөбүлэһэр предпринимателлэри кытта биир тылы дөбөҥнүк булуохпут диэн эрэнэбин. Оттон киоска эрэ быһыытынан үлэлиир санаалаах дьону кытта дуогабарбытын көтүрүөхпүт.
– Олунньу 8 күнүттэн киин куоракка үс ыйдаах ыраастааһын биллэрилиннэ. Манна туох үлэ ыытыллара, уларыйыы киирэрэ күүтүллэрий?
–Быйыл ыраастааһын үлэтин эрдэ саҕалаатыбыт. Төһө кыалларынан элбэх хаары тиэйэр былааннаахпыт. Бу үлэни тус бэйэм хонтуруоллуубун. Ааспыт нэдиэлэҕэ эбийиэктэри кэрийдим. Маныаха уулуссалар төһө сырыылаахтара болҕомтоҕо ууруллуохтаах диэн этии киллэрбитим. Ол түмүгэр суол, тротуар ыраастааһынын үлэтин схематыгар кэккэ уларыйыылары киллэрдибит. Ону куорат киинигэр олорор дьон бэлиэтии көрбүт буолуохтаахтар дии саныыбын.