Оптуобустар Ленин проспегынан сылдьар буоллулар
Бу нэдиэлэттэн, үс сыл буолан баран, саҥардыллыбыт Ленин проспегынан оптуобустар сылдьар буолуохтара диэн куорат планеркатыгар үөрүүлээх сонуну иһитиннэрдилэр.
«Бу нэдиэлэттэн Ленин проспегынан оптуобус сырыыта саҕаланыаҕа», – диэтэ куорат баһылыга Евгений Григорьев.
Итини сэргэ баһылык НаВахту14.рф регионнааҕы рекрутинговай бырайыак этиитин үөрэтэргэ сорудахтаата. Бырайыак этиитэ – куорат марштрутун ситимин оптуобустарыгар промышленнай тэрилтэлэр суоппардарын үлэлэтии. Евгений Григорьев бэлиэтээбитинэн, ити этии муниципальнай тиэйээччигэ эрэ буолбакка, «Союз Авто» кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэ чилиэннэригэр эмиэ сыһыаннаах.
Чааһынай тиэйээччилэр бэрэстэбиитэллэрэ эбэн эппитинэн, Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин боломуочунайын кытта көрсүһүүгэ, «Союз Авто» тэрилтэҕэ квалификациялаах суоппардары үлэҕэ киллэрии туһунан боппуруос туруорулунна.