23.04.2024 | 23:15

Оптуобус реформата сыыйа киириэхтээх

Оптуобус реформата сыыйа киириэхтээх
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат баһылыга Евгений Григорьев 14, 17, 20, 35 уонна 6 №№-дээх оптуобус маршруттарын бэрэстэбиитэллэрин кытта уопсастыбаннай тырааныспар реформатын уонна салаа күннээҕи тыҥаан турар кыһалҕаларын дьүүллэстэ. 
Кэпсэтиигэ уопсастыбаннай тырааныспар салаатыгар эппиэттээх баһылыгы солбуйааччы Антон Алексеенко, Куораттааҕы суол-тырааныспар сулууспатын салайааччыта Эдуард Садовников кыттыыны ыллылар. 
Уопсастыбаннай тырааныспар бүгүҥҥү сүрүн кыһалҕатынан тиэхиньикэни саҥардыы уонна каадыр боппуруоһа буолаллар. Евгений Григорьев бэлиэтээбитинэн, СӨ тырааныспар министиэристибэтин кытта саҥа оптуобустары ыларга бүддьүөттэн бэриллэр субсидия сууматын 3 мөлүйүөнтэн 6 мөлүйүөҥҥэ диэри улаатыннарар туһунан кэпсэтии барбыт. Маршруттар дириэктэрдэрэ этэллэринэн, лиизининэн ылбыт тиэхиньикэлэригэр ыйга төлүүр суумалара үрдүгүттэн, салгыы атыылаһар уустуктардаах. Онон баһылык бүддьүөтү чуолкайдааһыҥҥа Ил Түмэн дьокутааттара куорат санаатын учуоттуулларыгар эрэлин биллэрдэ. 
Урбаанньыттар маны сэргэ оптуобустарга кииннэммит автомастарыскыай, бокс-гараас наадатын, маннык түгэҥҥэ өрөмүөн ороскуота намтыахтааҕын ыйдылар. 
«Суоппар тиийбэтин боппуруоһугар мин 6 уонна 35 №№-дээх маршруттар дириэктэрдэрэ Оксана Емелеваны кытта сөпсөһөбүн – суоппар идэтин престиһин уонна оптуобус суоппарыгар ытыктабыллаах сыһыаны үрдэтиэххэ наада. Ол эрээри дохуот кээмэйэ уонна суоппар хамнаһа үлэни тэрийииттэн уонна пассажир ахсааныттан тутулуктааҕа биллэр. Манна маршруттар хатыласпаттарын хааччыйыахха наада», - диэтэ баһылык.
Биир сытыы кыһалҕанан айан иһин төлөбүрү оҥорбот пассажирдар баалларын ааттаатылар. Бу боппуруоска сыһыаннаан Евгений Григорьев Ил Түмэн дьокутааттарын кытта Административнай буруйу оҥоруу кодексатыгар айан иһин төлөбүрү оҥорбот иһин ыстатыйаны киллэрэр туһунан кэпсэтии ыытыллара наадатын ыйда.
Куорат уопсастыбаннай тырааныспарын систиэмэтигэр киирээри турар уларыйыыга сыһыаннаан баһылык реформа сыыйа, пассажирдары даҕаны, өҥөнү оҥорооччулары даҕаны уолуппакка киириэхтээҕин, ол эрээри сыал-сорук өҥө хаачыстыбатын уонна куттала суох буолуутун хааччыйыыга туһуланыахтааҕын бэлиэтээтэ, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...