05.07.2022 | 16:09

Оонньуулар саҕаланнылар!

Оонньуулар саҕаланнылар!
Ааптар: Баһылай Посельскай
Бөлөххө киир

Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаммыт Саха сирин норуоттарын VIII-с Спортивнай оонньуулара Уус Алдан улууһун киинигэр Бороҕоҥҥо – номоххо киирбит Тойон Мүрү сиригэр-уотугар саҕаланнылар. От ыйын 4-9 күннэригэр 36 улуус, оройуон, үрдүк үөрэх кыһаларын 2000 кэриҥэ спортсменнара спорт 16 көрүҥэр илин-кэлин түсүһүөхтэрэ, күөн-күрэс былдьаһыахтара.

Историяны анааран көрдөххө

1996 с. Бороҕоҥҥо аан бастаан ыытыллыбыт Саха сирин норуоттарын I Оонньууларыгар киин зонаҕа – Дьокуускай, Мэҥэ Хаҥалас, СГУ, хоту зонаҕа – Дьааҥы, Эдьигээн, Орто Халыма улуустарын хамаандалара инники күөҥҥэ сылдьыбыттара. 100 м Орто Халыматтан Руслан Макаренко, 5000 уонна 10 000 м Чурапчыттан Артур Феофанов, 3000 м Мэҥэттэн Татьяна Жиркова, мас тардыһыытыгар университет устудьуона Евгений Сивцев, сахалыы атах оонньуутугар Мэҥэттэн Борис Ильин, футболга уонна мини-футболга Мииринэй хамаандата күннээбиттэрэ.

Сылтан-сыл саҥа ааттар күөрэйтэлээбиттэрэ.

2000 с. Покровскайга II-с Оонньууларга (27 хамаанда) Дьокуускай, Чурапчы, хотуларга Өймөкөөн, Эдьигээн, Дьааҥы; 2003 с. Хаандыгаҕа (34-735) Дьокуускай, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, хотуларга Томпо, Өлөөн, Дьааҥы, үрдүк үөрэх кыһаларыгар СГУ, ДьТХА, СГПА; 2006 с. Сунтаарга (33-777) – Дьокуускай, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, хотуларга Дьааҥы, Орто Халыма, Өлөөн, үрдүк үөрэх кыһаларыгар – СГУ, Чурапчы ФКС института, ДьТХА; 2010 с. Өлүөхүмэҕэ (33-770) Дьокуускай, Мииринэй, Чурапчы, хотуларга Кэбээйи, Орто Халыма, Өймөкөөн; 2014 с. Намҥа (35-2130) Дьокуускай, ХИФУ, Нерюнгри, 2-с бөлөххө Чурапчы, Нам, Мэҥэ-Хаҥалас, хотулар 3-үс бөлөхтөрүгэр Томпо, Орто Халыма, Кэбээйи, хотулар 4-үс бөлөхтөрүгэр Өлөөн, Муома, Эдьигээн; 2019 с. Аммаҕа (33-2231) Дьокуускай, Ньурба, Нерюнгри, 2-с бөлөххө Чурапчы, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, хотулар 3-үс бөлөхтөрүгэр Дьааҥы, Кэбээйи, Томпо, хотулар 4-с бөлөхтөрүгэр Өлөөн, Анаабыр, Муома хамаандалара кыайыылары ситиспиттэрэ, бириистээх миэстэлэргэ тиксибиттэрэ.

Оонньуулар ыытыллар суолталара, көдьүүстэрэ улахан. Ыытар улуустарга инники кэскиллэрэ арыллар, араас хайысхаларга үгүс тутууланаллар, суол-иис оҥоһуллар, бөһүөлэктэр ырааһыраллар, ис-тас көстүүлэрэ тупсарыллар, социальнай-экономическэй сайдыы барар, нэһилиэнньэ кэрэҕэ-сырдыкка тардыһыыта улаатар, култуура уонна спорт эйгэлэригэр көрдөрүүлэрэ үрдүүр.

Ону Бороҕоҥҥо кэлэн көрөн-билэн итэҕэйиэххэ сөп. Тойон Мүрү күлүмүрдүүр күнүн ыраас долгуннарынан оонньуур киэҥ Эбэ үрдүгэр турар сабыс-саҥа 1000 олорор олбохтоох тырыбыналаах стадион, Мындаабаҕа 32 миэстэлээх уопсай дьиэлээх спорт көрүҥнэринэн дэгиттэр дьарыктанар комплекс, хоккейдыыр корт, ыраахтан кылбайан көстөр күрүөлээх ипподром, таһырдьа дьарыктанар тренажердар, спортивнай дьаһаллары ыытар култуура-үөрэх кыһалара өрөмүөннэммиттэр. В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан духуобунас киинэ, атын да тупсаҕай таас тутуулар, Уус Алдан улууһун фронтовик-суруйааччыларын, бастыҥ үлэһит дьонун, үлэ геройдарын, чулуу спортсменнарын мэтириэттэрэ киин уулуссаларга, стадионнарга туруоруллубуттара хараҕы үөрдэр, киэн туттуу санаатын үөскэтэллэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ ханна суох элбэх хайысхалаах, волейболлуур, баскетболлуур, тустар, боксалаһар, чэпчэки атлетикаҕа аналлаах 250 м эргимтэлээх сүүрэр суоллаах, футболлуур хонуулаах, сахалыы атах оонньуутугар толору туостарга ыстанар сектордаах, баараҕай спортивнай-чэбдигирдэр комплекс тутуута бу сыл ахсынньытыгар үлэҕэ киллэриллиэҕэ. Бары нэһилиэктэргэ үлэлии турар спортивнай саалалар уонна ити үөһэ ааттаммыт тутуулар киэҥ далааһыннаах, өрөспүүбүлүкэ, Бүтүн Арассыыйа уонна норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах түһүлгэлэри  ыытарга төһүү буолуохтара, оҕо аймах, ыччат, нэһилиэнньэ бүттүүнэ чэгиэн-чэбдик буолууларыгар угуйа-ыҥыра туруохтара!

        

Ийэ айылҕа кытаанах тургутуута

Майаҕатта Бэрт Хара аатынан стадион киирэр ааркатын иннигэр туруоруллубут Майаҕатта сүдү пааматынньыгын үөрүүлээхтик арыйыы түгэнигэр дохсун ардахтаах, күүстээх тыаллаах силлиэ түһэн, ыыс-буорунан көмөн, малы-салы, балааккалары, киэргэтиилэри күдэҥҥэ көтүтэн, уот-эҥин баран, араллааны таһаара сырытта.

Уонтан тахса киһи эчэйии ылан, “Суһал көмө” оҥоһулунна, түөрт киһи балыыһаланна – туруктара халымыр. Үөһээ Бүлүү дэлэгээссийэтэ тута субуотунньуктуу тахсарга ыҥырбыта кэрэхсэниэн, хайҕаныан эрэ сөп. Сергей Местников бэрэссэдээтэллээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин тэрийэр кэмитиэтин дьаһалынан олохтоохтор түмсэннэр, бары биир киһи курдук саба түһэн, түүннэри үлэлээннэр, туох да буолбатаҕын курдук оҥордулар. Барыта суукка аҥаара кэм иһигэр оннун булла, чөлүгэр түстэ. Дьаһаллар тохтотуллубатылар. “Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ!”, “Биһиги күүспүт – түмсүүгэ!”- девизтэр арылхай көстүүлэрэ буоллулар.

Бороҕон сирэ былыргы күүстээх-күдэхтээх, ат бөҕө, кус быһый дьонунан аатырар-сураҕырар. Спорт куттаах Уус Алдан улууһа бу да сырыыга кичэллээхтик бэлэмнэммит. Ыраата-тэнийэ барбакка, күн бүгүн Сахабыт сирин албан аатырда, суон сураҕырда сылдьар улуус бастыҥ спортсменнара – бөҕөстөр Арыйаан Тютрин, Евгений Алексеев, сүүрүктэр Изабелла Борисова, Надежда Гоголева, Артур Бурцев, мадьынылар Дмитрий Попов, Айсен Атастыров, теннисис Василий Румянцев, мини-футболга Афанасий Федоров уо.д.а. бу VIII-с Оонньуулар добун түһүлгэлэригэр биир дойдулаахтарын иннилэригэр төрөөбүт-үөскээбит улуустарын аатын көмүскүөхтэрэ.

Тэрээһин-бэлэмнэнии үлэлэргэ үгүс көлөһүннэрин тохпут, сыраларын бараабыт хаһаайыттарга ситиһии тосхойдун!

        

Маҥнайгы күрэхтэһиилэр

Балаһыанньатын быһыытынан, түөрт бөлөххө араарыллыбыт, ох курдук оҥостон, сэп курдук сэбилэнэн кэлбит 36 улуус хамаандаларын 2000-н тахса спортсменнара, өрөспүүбүлүкэ спорка бэтэрээннэрэ, олор истэригэр Аркадий Михайлович Алексеев, Маргарита Григорьевна Куличкина, Анатолий Алексеевич Амбросьев, Галина Степановна Сырмолотова, Альбина Иннокентьевна Поисеева, Прокопий Прокопьевич Готовцев, Семен Ильич Черноградскай, Иван Иванович Горохов, Семен Семенович Морфунов курдук ааспыт үйэ 60-70 сылларыгар Сахаларын сирин албан аатырпыт бэйэлэрин кэмнэрин чаҕылхай спортсменнара Бочуоттаах ыалдьыт быһыытынан кэлитэлээтилэр. Бука бары аһыыр-түһэр сирдэрин буллулар. Бороҕоҥҥо, Мындаабаҕа, Чараҥҥа, Майаҕаска, Сыырдаахха, Тумулга күрэхтэһиилэр 12 балаһаакканан саҕаланнылар. Спорт кытаанах сокуонунан, маҥнайгы кыайыы үөрүүтүн, хотторуу хомолтотун билбиттэр күнтэн-күн быһаарыллан иһэллэр.

Күүтүллүбэтэх, соһуччу түгэннэр тахсыталыыллар. Таатта улууһун волейболист дьахталлара ааспыт Оонньуулар кыайыылаахтарын, лидер-хамаанданан ааҕыллар аммалары 3:2 баһыйдылар. Хамаанда күүстээх быһааччыта Саина Афанасьева этэринэн, таатталары үтүөлээх тренер Мария Глухарева бэлэмнээбит, эрбии тииһини тэҥ, хардарыта хотуһуулаах киирсиигэ 25:23, 22:25, 26:24, 14:25, 15:11 баһыйаннар, чахчы, кыайыыга дьулуурдарын көрдөрдүлэр. Эр дьон волейболугар Мэҥэ Хаҥалас спортсменнара олохтоохтору 4:3 баһыйа туттулар. Футболу өрө тутан дьарыктанар өлөөннөр күүстээх Алдан хамаандатын 2:0 хоттулар. Кыайыы мээчиктэрин Роман Бондаренко уонна Семен Камеров киллэртээтилэр. Онон, хоту да сир уолаттара футболу баһылаабыттар. Ленскэйдэр университет хамаандатын 7:2 кыайдылар.

Аккредитацияны ааспыт 100-н тахса “Саха” НКИХ телевидениетин, араадьыйатын, өрөспүүбүлүкэ суруйар-бичийэр суруналыыстара, блогердар буола турар дьаһаллары, күрэхтэһиилэри быһа холбонууларга, интернет ситимнэригэр, дневниктэргэ, хаһыаттарга, сурунаалларга сырдатыыларын, тэттик дьүһүйүүлэрин күннэтэ, чаас аайы таһаараллар.

Оонньуулар күүрээннээх күрэхтэһиилэрэ салҕанар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...