15.07.2022 | 10:00

Оонньуулар кыайыылаахтара

Оонньуулар кыайыылаахтара
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

От ыйын 4-9 күннэригэр Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаммыт Саха сирин норуоттарын VIII-с Спортивнай оонньууларыгар спорт 16 көрүҥэр хамаанданан уонна биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһиилэр ньиргийэн ааһа оҕустулар. 37 хамаандаттан 1836 спортсмен 206 комплект мэтээл дьылҕатын быһаарыстылар.

Күрэхтэһиилэр Бороҕон, Мындааба, Чараҥ, Майаҕас, Сыырдаах уонна Тулуна бөһүөлэктэринэн буолуталаатылар. Оонньуулар сыалларын-соруктарын ситтилэр. Көрүҥнэр аайы бастыҥнар быһаарылыннылар, VIII-с Спортивнай оонньуулар саҥа дьоруойдара өрөспүүбүлүкэ спордун историятыгар тиһилиннилэр. Чөмпүйүөннэр үлэлээн ылбыт наҕараадаларын ылан үөрдүлэр-көттүлэр.

Бастыҥнар

Уус алданнар гиирэ спордугар, чэпчэки атлетикаҕа, көҥүл тустууга, остуол тенниһигэр, дуобакка, саахымакка, минифутболга уонна дьахталлар волейболга бастаталааннар, таһыччы үчүгэй тэрээһиннээхтэрин, бэлэмнээхтэрин көрдөрдүлэр!

Аэробикаҕа, баскетболга, буулдьанан ытыыга, спортиҥҥа Дьокуускай, боксаҕа Мииринэй, волейболга эр дьоҥҥо Өлүөхүмэ, оҕунан ытыыга, ГТО многоборьетыгар Мэҥэ Хаҥалас, адаптивнай спорка Ньурба сүүмэрдэммит хамаандалара абсолютнай кыайыылаах Кубогын ылаттаатылар.

 

Майаҕатта Бэрт Хара аатынан стадиоҥҥа түмүктэммит чэпчэки атлетика илин-кэлин түсүһүүлээх биирдиилээн көрүҥнэригэр: 100 уонна 200 м сүүрүүлэргэ Дьокуускайтан Диана Адасько уонна Уус Алдантан Валентин Иванов; 400 м Уус Алдантан Мария Рухлядева, Мэҥэ Хаҥаластан Егор Терентьев; 800 м Үөһээ Бүлүүттэн Пелагея Григорьева, Ленскэйтэн Максим Овчаренко; 1500, 3000 м Сунтаартан Наталья Леонтьева, 1500 м Амматтан Роман Алексеев; 5000 м Сардаана Трофимова (Үөһээ Бүлүү), Артур Бурцев (Уус Алдан); 3000 м с/х Сардаана Калитина (Хаҥалас), 5000 м с/х Геннадий Степанов (Горнай); үстэ төхтүрүйэн ойууга уонна уһуну ыстаныыга Валерия Олесова (Хаҥалас), Георгий Шергин (Мэҥэ Хаҥалас); Мэҥэ Хаҥаластан Игорь Скрябин уһуну ойууга 7 м 40 см түһэн бастаата уонна өрөспүүбүлүкэ саҥа рекордун олохтоото; 42 км марафоҥҥа Үөһээ Бүлүүттэн Алена Татаринова 2 ч. 52,56 мүн. кэлэн дьахталларга бастаата уонна өрөспүүбүлүкэ рекордун олохтоото; эр дьоҥҥо Александр Моедо (Өлүөхүмэ) Оонньуулар чөмпүйүөннэрин үрдүк ааттарын ыллылар.

Чэпчэки атлетикаҕа хамаанданан түмүккэ Уус Алдан – бастакы, Мэҥэ Хаҥалас – иккис, Үөһээ Бүлүү үһүс миэстэлэри ылаттаатылар. Чурапчы – түөрт, Амма – биэс, Дьокуускай алта иһигэр киирдилэр.

Көҥүл тустууга 57 кг быйылгы Н.Н. Тарскай чемпионатын финала хатыланна. Лев Павлов (Сунтаар) Петр Копыловтуун (ХИФУ) хапсыһыылара бу сырыыга 5:1 ахсаанынан Петр Копылов туһатыгар түмүктэннэ уонна тохсунньу ыйга хотторуутун төнүннэрдэ. 61 кг саамай элбэх ситиһиилээх бөҕөстөр утарыта таҕыстылар. Быйылгы Европа чөмпүйүөнэ Владимир Егоров (Амма) уонна 2021 с. аан дойду  боруонса призера Арыйаан Тютрин (Уус Алдан) хапсыһыыларыгар 4:1 Арыйаан Тютрин хотон, биир дойдулаахтарын үөртэ. 70 кг Европа үрүҥ көмүс призера Ньургун Скрябин (Мэҥэ Хаҥалас) быйылгы уонна былырыыҥҥы Саха сирин чөмпүйүөнэ Дьааҥыттан Айсен Потаповы 3:2; 74 кг Саха сирин биэс төгүллээх чөмпүйүөнэ Константин Власов (Мэҥэ Хаҥалас) 2016 с. Арассыыйа чөмпүйүөнэ Чурапчыттан Егор Пономареву 5:1; 86 кг норуоттар икки ардыларынааҕы спорт маастара Герман Устинов (Ньурба) Уус Алдантан Айсен Копырины 6:1; 97 кг Иван Ярыгин Гран-при турнирын боруонса призера Ньургун Сергин (Мииринэй) Намтан Сергей Семеновы 10:0 ыраас техническэйинэн кыайда.

65 кг Европа икки төгүллээх боруонса призера Эдуард Григорьев (Чурапчы) быйылгы Тарскай бирииһин үрүҥ көмүс призера, Миндиашвили турнирын кыайыылааҕа Семен Владимировтыын (Таатта) хапсыһыылара 7:3 түмүктэннэ. 79 кг эдэрдэргэ Арассыыйа икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, аан дойду боруонса призера Станислав Свинобоев (Мэҥэ Хаҥалас) утарсааччыта Сунтаартан Сандал Горохов бырааһынан уһуллубутунан чөмпүйүөн аатын быһа ылла. 92 кг Намтан Игорь Софронеев уонна 125 кг Уус Алдан хамаандатын хапытаана Евгений Алексеев чөмпүйүөн үрдүк аатын ылаттаатылар. Хамаанданан түмүккэ Уус Алдан – бастакы, Мэҥэ Хаҥалас – иккис, Сунтаар үһүс буоллулар.

Боксаҕа 48 кг Рустам Туприн (Мииринэй), 51 кг Боис Сидоров (Горнай), 54 кг Михаил Хатылыков (Ньурба), 57 кг Михаил Парников (Нам), 60 кг Николай Пшенников (Хаҥалас), 63 кг Айтал Дьяконов (Мэҥэ Хаҥалас), 67 кг Александр Литовченко (Нерюнгри), 71 кг Борис Исаев (Мииринэй), 75 кг Роман Обутов (Таатта), 80 кг Иван Ерыгин (Мииринэй), 86 кг Петр Егоров (Мэҥэ Хаҥалас), 92 кг Сергей Укоев (Нам), +92 кг Алексей Шахов (Алдан) кыһыл көмүс мэтээллэринэн наҕараадаланнылар. Хамаанданан түмүккэ Мииринэй – бастакы, Мэҥэ Хаҥалас – иккис, университет үһүс миэстэлэри ылаттаатылар.

64 харахтаах дуобакка Николай Гермогенов, Максим Павлов, Алена Большакова, 100 харахтаах дуобакка Анатолий Протодьяконов, Ирина Дьячковская оонньооччулардаах Уус Алдан хамаандата бастаата. Чурапчы – иккис, Дьокуускай үһүс миэстэлэри ылаттаатылар.

Саахымакка Василий Васильев, Ньургуйаана Баишева, Дьулусхан Васильев, Николай Бурнашев оонньооччулардаах Уус Алдан хамаандата бастаата, Дьокуускай – иккис, ХИФУ – үһүс.

Классическай оҕунан ытыыга Ян Константинов (Дьокуускай), Рената Гаврильева (Сунтаар), блочнайга Асим Павлов (Мэҥэ Хаҥалас), Юлия Маркова (Хаҥалас) чөмпүйүөн үрдүк аатын сүктүлэр. Хамаанданан түмүккэ классикаҕа Дьокуускай бастаата, Горнай – иккис, Мэҥэ Хаҥалас – үһүс; блочнайга Хаҥалас бастаата, Мэҥэ Хаҥалас, Кэбээйи бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр. Уопсай зачекка инники күөҥҥэ – Мэҥэ Хаҥалас, Сунтаар, Дьокуускай.                        

Зачету таһынан саха оҕунан ытыыга Баишев Борис (Чурапчы) бастаата.

 

Тулуна бөһүөлэгэр буулдьанан ытыыга Чурапчыттан Ян Федоров бэстилиэккэ, Уйусхан Захаров бинтиэпкэҕэ чөмпүйүөннээтилэр. Хамаанданан түмүккэ Дьокуускай – бастакы, Чурапчы – иккис, Сунтаар үһүс миэстэлэри ылаттаатылар.

Сыырдаах бөһүөлэгин Кыыс Хаҥа алааһыгар буолан ааспыт спортиҥҥа “А” бөлөххө Айаал Макаров (Дьокуускай) – 191, “В” бөлөххө Евгений Шишигин (Мэҥэ Хаҥалас) – 178, бэтэрээннэргэ Николай Додохов - 173, “С” бөлөххө Семен Сенин (Мэҥэ Хаҥалас)  165 очколаах чөмпүйүөннээтилэр. Хамаанданан түмүккэ Дьокуускай (Айаал Макаров, Евгений Иванов, Ариан Аммосов) бастаата, Чурапчы – иккис, Бүлүү – үһүс.

Доруобуйаларынан хааччахтаах спортсменнар тренердэрэ Василий Оленов иитиллээччилэрин ситиһиилэринэн тоҕус мэтээлгэ тигистэ!

Бороҕонтон Василий Васильевич Васильев сылыктааһыннара сөхтөрөллөр.

Оонньуулар күннэригэр Бороҕоҥҥо уонна чугастааҕы нэһилиэктэргэ үгүс спортивнай дьаһаллар, өрөспүүбүлүкэ спорка бэтэрээннэрин кытта көрсүһүүлэр  тэрилиннилэр. Биир бэлиэ түгэнинэн Таатта Баайаҕатыттан “ХХ үйэ чулуу булчута”, Саха сирин 1956 с. сайыҥҥы Спартакиадатын 5000 уонна 10 000 м сүүрүүлэргэ үрүҥ көмүс призера, билигин 94 саастаах Дмитрий Ефремович Дедюкин кэлэн ыалдьыттаан, Бороҕоннооҕу VIII Оонньуулары көрөн сэҥээрбитэ, хайҕаабыта, Сардаана Трофимова, Наталья Леонтьева, Артур Бурцев курдук аныгы быһый ыччаттары эт хараҕынан көрөн улаханнык биһирээбитэ, астыммыта буолла. Дмитрий Ефремович, бэйэтэ этэринии, “тыыннаах хартыына” буолан, уһун үйэлэнии холобурун көрдөрө сылдьара махталлаах суол!

Түөрт бөлөҕүнэн кыайыылаахтарынан буоллулар:

I бөлөх: 1  миэстэ – Дьокуускай, 2 миэстэ – Мэҥэ Хаҥалас, 3 миэстэ – ХИФУ;

II бөлөх: 1 миэстэ – Уус Алдан, 2 миэстэ –  Чурапчы, 3 миэстэ – Нам;

III бөлөх: 1 миэстэ – Горнай, 2 миэстэ –  Кэбээйи, 3 миэстэ – Томпо;

IV бөлөх: 1 миэстэ –  Өлөөн, 2 миэстэ – Эдьигээн, 3 миэстэ – Муома.

 

Официальнайа суох ааҕыынан Уус Алдан муҥутуур кыайыылааҕынан таҕыста.

 

Кэлэр Оонньуулар 2027 сыл от ыйын 8-11 күннэригэр Ньурбаҕа ыытыллыахтара.

Кыайыы улахан үлэнэн, сыранан, үгүс көлөһүнүнэн ситиһиллэр. Тренердэр айымньылаах үлэлэринэн, спортсменнар тустаах тренердэрин сорудахтарын, дьарык, эрчиллии былааннарын эҥкилэ суох толорууларынан кэлэр. Патриотическай өйтөн-санааттан, төрөөбүт-үөскээбит дойдуга бэриниилээх, түмсүүлээх буолууттан саҕыллар. Бу Оонньууларга бастыҥ спортсмен уолаттарбыт, кыргыттарбыт чахчы кыахтаахтарын, күүстээхтэрин, үрдүк таһымнаахтарын көрдөрдүлэр. Саҥа ааттар тахса тураллар.

Сахабыт сирин спордун кэскилэ иннигэр!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...