Оо, дьэээ!
От охсуугар өрөспүүбүлүкэ түөрт төгүллээх Дархан охсооччуута Гаврил Николевич Павлов туһунан мин урукку суруйууларбар аҥаардас көрүн-күлүүтүн сэргээрибин эрэ эридьиэстээбит эбиппин. Ол кэрэгэй.
2016 сылга Риоҕа 306 мэтээл комплега оонньоммут. Ол аата оччо кыһыл көмүс туттарыллыбыт. Онтон спорка олохторун анаабыт дьон дьолломмуттар. Икки-үс, түөрт төгүл элбэх киһи үрүҥ көмүс, боруонса мэтээли ылан, дойдуларын үөрдүбүттэр. Ол аата хас түөрт сыл аайы тыһыынчаттан тахса олимпийскай мэтээл тарҕанар. Оннук түөртэ ыытыллар түһүлгэҕэ аҕыйах ахсааннаах сахаттан икки кыһыл көмүһү, биир үрүҥ көмүһү ылан, Роман Дмитриев, Павел Пинигин сахаларын дьонун төһөлөөх үөртүлэр этэй!
Ити гынан атын дойдулар хас олимпийскай мэтээллээхтэрэ буолуой? Ол геройдарын эһиги төһө билэҕит? Биллэн турар, спорду, тустууну, боксаны, ыарахан атлетиканы, чэпчэки атлетиканы, гимнастиканы, биатлону, баарыстаах оҥочонон устууну анаан чинчийбит, үөрэппит, кумир оҥостон баран көрсүбүт, кэпсэппит, суруйбут дьон биһиги билэбит. Ол эрээри спорт эрэ буолбакка, атын эйгэҕэ норуот бүтүн аан дойдутааҕы билиниитин ылбыт дьон аҕыйах. Көр-күлүү киһи олоҕор сүрдээх умнуллубат түгэннэри үөскэтэр эбит. Ону табан кэпсиир уонна суруйар олус уустук. Мин таптыыр киинэ артыыһым Панкратов-Черный биир интервьютугар: “Дьыалабыай киһи оруолун оонньуур чэпчэки. Дьыалабыайдык туттан кэбистиҥ да, бүттэҕэ дии. Онтон көрдөөх-күлүүлэээх киһини оонньуур – высший пилотаж. Актер высокого полета”, – диир. Бу коронавирус саҕана дьон уйулҕата хамсыыр. Мин даҕаны сороҕор сонньуйан, сойуодуйан ылабын. Ол эрээри Азиям да, Европам көрдөрүн-күлүүлэрин санаан кэпсэтэн ылбыппын санаатахпына, хааным баттааһына, сүрэҕим тэбиитэ намтыыр. Онон көрдөөҕү ааҕыы, истии эмтээх эбит диэн итэҕэйдим. Ол иһин мин сахаларга Ходжа Насреддин, барон Мюнхгаузен курдук киһини Павлов Ганянан сирэйдээн оҥоруохпун баҕарбытым тыыннааҕар кыаллыбата. Киһим сүрэҕэ тохтоон хаалла. Ол мин оҥоро сатааһыным бэйэм албан ааппын үрдэтэ сатааһын буолбатах. Норуокка маннык ыарахан кэмҥэ итинник уобарас олус суолталаах диэн санааттан. Ходжа Насреддин, барон Мюнхгаузен туһунан суруйбут ааптардары билэр киһи аҕыйах ини? Норуот үксэ билбэт. Оттон ити персонажтары элбэх киһи билэр.
Киһим ол көрдөөҕүнэн-күлүүлээҕинэн аатырбыта кыра. Дьоҥҥо үтүөнү оҥорбутуттан сөхтүм-махтайдым. Кини боростуой оробуочай. Үөрэххэ да бара сатаабатах, дуоһунаска да таласпатах. Кыһынын мас кэрдэр, сайынын оттуур. Быыһыгар бултуур-балыктыыр. Аймахтарыгар, доҕотторугар, кырдьаҕастарга, огдооболорго, кыра оҕолордоох дьоҥҥо төһө элбэҕи оҥорбутун кэмниир кыаллыбат.
Тэлгэһэ аттынан тыраахтар кэлэн тохтуур, бэрэбинэлэри аҕалан хаалларан барар. Тыраахтар тыаһын эрэ истэн хаалаллар. Сарсыныгар сарсыарда эрдэ “Дружба” тыаһыыр. Мастарын эрбэтэн кэбиспиттэр. Ганя буолуо диэн тахсан махтанаары гыммыттара, ким да көстүбэт. Павлов Ганя диэн сэрэйэллэр. Аймахтара, чугас дьоно дьиэ туттаары гыннахтарына, этэҥҥэ, эйэлээхтик, баайдык олоруҥ диэн баран, дьиэ маһын кэрдэн, суоран, тутан биэрэр. Муҥхаттан, илимтэн балыктаан, бултаан тахсар уонна тыраахтар прицебиттэн хас да инчэҕэй куулу аҕалан, «лис” гына быраҕаттаан кэбиһэр. Көрүөхтэрин икки ардыгар баран хаалар. Ону биирдэ да оннук оҥорбутум, аҕалбытым диэн өҥнөммөт. Барыта буор-босхо. Олоҕун тиһэх суолугар элбэх киһи мустумаҥ дии туралларын үрдүнэн, траурнай саала тобус-толору. Үтүө-мааны махталлаах тыллары эттилэр. Миигин ордук кыыһын Таанньа икки төгүллээн этиитэ долгутта. Кэрэ киһи оҕотун кэскиллээхтик ииппит. Тыла-өһө да балайда утумнаабыт. “Дьиҥнээх аҕа, эһэ, эр киһи идеальнай холобура эбит”. Мин кини туһунан кинигэ да, киинэ, сценарий да суруйарга бэлэммин. Дьоҥҥо үтүөнү оҥоруу үтүөнэн эргиллиэҕэ диэн эрэнэбин. Мантан аллараа миэхэ бассаабынан ким суруйбута биллибэт элбэх киһи Ганя туһунан ахтыылара мин төлөпүөнүм нүөмэригэр кэлбиттэрин эһиги болҕомтоҕутугар бэчээттиибин. Быһатын, норуот кэпсээннэрэ диэн ааттыаҕыҥ. Тылларын-өстөрүн, истиилин уларыта сатаабатым.
***
Улахан күүлэйдэргэ Света мэлдьи сылдьыһара. Бэрээдэги көрөр буоллаҕа. Улахан өрөспүүбүлүкэ күүлэйэ биирдэ Бээдигэ буолбута. Ону кыайан турар. Охсо сырыттаҕына аттыгар чугаһаабыппар: “Бээ, чугаһаама, алҕас биир эмэ иҥиир быһа баран, иҥииргэ тэптэрээри”, - диэбитэ.
***
Убайбытын, үөлээннээхпитин Гавриил Николаевиhы тиhэх суолугар атаарыы этэҥҥэ ааста. Үтүө киhи тэрээhинэ сатанан, суола аhыллан, халлаана кытта тупсан, барыта бириэмэтигэр оҥоhулунна. Дьиҥинэн, өрөбүл күннэр түбэhэннэр, морг, ритуальнай саалалар сабыылаах күннэрэ эбит. Бары көмөлөспүт, сүбэ-ама, күүс-көмө буолбут дьонноругар Светлана Ильинична, кыыhа Таня махтаналлар.
***
Биир кыһын Тааттаҕа кыстаабытын туһунан кэпсээбитэ. Ол иннинэ Уйбаан Ушницкай аһара суруйан кэбиһэн, таатталар мас кэрдэр дьоҕурдаахпын билбиттэр, сүгүн олордубатылар, маста кэрдэн биэр диэн дьэ мин таатталарга, “кто такой Ганя Павлов” диэни көрдөрдүм. Мас кэрдэр 5 нууччаны үлэлэриттэн үүрдэрдим, соҕотоҕун быһаардым диирэ. Охотскайга диэри тэлэкэлээн кэбистим, тыал биллибэтэ дуо, тыал биллибит буоллаҕына, ол мин үлэм түмүгэ диирэ. Охтон иһэр мастан 3 чуукканы быһан хаалар үһү.
***
Дьэ, чахчы оту охсор киһи этэ. Аҕыйах сыллааҕыта Кириэскэ саас үлэлии сылдьан, уопсай дьиэҕэ олорбуппут. Онно биир кыбартыыраҕа остуол үрдүгэр дневник хаҕа эрэ сытара. “Записки Гаврила Павлова” диэн, богом забытая страшная местность Кириэс диэн киһи төбөтүн уҥуоҕа уруһуйдаах, өссө “без бутылки не открывать” диэннээх этэ. Только иһин хайа тардан ылан барбыттар. ***
Дьэ, чахчы, дьон, норуот сөбүлүүр киһитэ этэ, гараж кыһыл муннугар Ганя кэллэҕинэ, бирээмэ Петр Пестряков кэлбитин курдук тула олорон кини кэпсээнин истэллэрэ, дьону үөрдэр-көтүтэр сэргэх киһи этэ. ***
Ганя биһиги эт саастыыбыт. Мин тохсунньу 24-гэр, Ганя 31 түүн төрөөбүтэ. Онон мин нэдиэлэ аҕабын. Биир сыл аҕабын диэтэххэ, сөбүлээччитэ суох. Ганя биһи бииргэ оонньоон-көрүлээн улааппыппыт. Кэлин куораттан кэлэ- бара хастыы эмэ хонон-өрөөн барара. Ганя көнө, судургу майгылаах киһи этэ. Бэйэтэ оонньоон сиэх-аһыах буолара да, сымнаҕас киһи этэ. Араас көрдөөх кэпсээнэ диэн баһаам буоллаҕа дии. Биири кэпсиир. Ол курдук, дьэ, биирдэ сыбаайбаҕа бардым, төбө ыарыыта сүрдээх. Оннук кэмигэр бастакы үрүүмкэ кэнниттэн кыратык хайаан да хотуолуур идэлээхпин. Биири көтөҕөөрү, хотуом ыган кэлэн, ыксал буолла. Саатар дьахталлар быыстарыгар олорон хаалбыппын. Ол тухары дьахталларым бэйэлэрэ кутта-кутта иһэллэр. Онно мин өссө буорайдым, ханна да барар кыах суох – дьахтар тэриэлкэтин ылан, остуол сабыытын арыйа баттаан төҥкөйөн олорон хотуолаан баран, миэстэтигэр ууран кэбистим. Ол кэмҥэ “горько” ыһыы-хаһыы уотунан умайар, онон ким да көрбөтө. Ол кэннэ дьэ уоскуйан, итийэн- кутуйан, били тэриэлкэҕэ баар торуойу биир тыынынан охсон кэбистэ диэн күллэртиирэ. ***
Оҕолоругар, сиэннэргигэр да эһээлэрин дааннайа бэриллибитэ буолуо. Биирдэ кэпсээн турардаах: «Өспөх ыһыаҕа буолуон иннинэ оскуола оҕолорунан ыһыахтыыр сири ыраастаппыттарыгар, били күүстээх дьон көтөҕүөхтээх таастарын кыыспыт Танюш Быыччыга киллэрэн быраҕаттаан айдаан бөҕө, диэн күллэрбитэ.
***
“Пахай онно хабаҕырбатаҕым буоллар, бүтэр этэ»,- диирэ. Биирдэ биллэҕин уус Баасканы хайдах быыһаабытын кэпсээн күллэртээбитэ. Арай биир киэһэ Бааска үлэтиттэн кэлбэтэх. Сарсыарда туран көрдүү барбыт. Саас муус устар саҕана котельнайдары көрөн баран уус дьиэтин көрбүтүм, киһим суох. Ханна бардаҕай диэн саныы туран, дэлби хабаҕыраммын, уус дьиэтин иннигэр хаар типпит күрдьүгэр тыктара турдахпына, эмискэ үлүгэр күрдьүгүм өрө ыһылла түстэ да, киһим бу туран кэлэн соһутан өлөрө сыста диэбитэ. ***
Сайын Чагдаайыга оттуур кэмнэригэр элбэхтэ сылдьар этим. “Ок, боломуочунай кэллэ, ылыҥ эрэ, уолаттар, убаһа этинэ буһара охсуҥ»,- диэччи. Өр-өтөр буолбата, «буста, буста” дииллэр, ону тоҕо түргэнэй диэтэххэ, ээ, ити убаһа этэ баҕайы сылааһы биллэ да буһааччы диирэ. ***
Светалаах Таняҕа дириҥ кутурҕаммытын тиэрдэбит, Одун Хаан оноһуута, Чыҥыс Хаан ыйааҕа оннук буоллаҕа. Бу орто дойдуга букатын кэлбит суох, онон тулуйа сатааҥ. Гаврил бэртээхэй норуот киһитэ этэ, үлэһитэ диэн, дьону сэргэхситэр уус тыла-өһө. Найахы сопхуос биир бастыҥ үлэһитэ этэ. Уһун сылларга Чагдаайыга от звенотун салайан, от бөҕөтүн оттуура. Өспөхтөн паромунан туораан бараллара. Сопхуос кылаабынай специалиһа буолан, тэрийсэн куруук атаарааччыбын. Онно эмискэ өрүскэ киирдэххэ бырдах Найахыга холоотоххо сүрдээх буолааччы. “Тоҕо сүрэй, бырдах”,- диэтэххэ, Ганя бу диэн бырдах үһү дуо, дьиҥнээх бырдах бу иккитин саҕа бөдөҥ, сап-саһархай бырдах Чагдаайыга буоллаҕа. Киһи бастаан көһөн тахсан баран, үнтү малааһыннаан баран кыайан охтубакка эрэй буолааччы, бырдахха тайана сылдьаҕын диэн күллэттиирэ.
***
Маһы кэрдэринэн эмиэ киһи тэҥнэспэт үлэһит киһитэ буоллаҕа. “Дружба” эрбиини билэрэ, кыайара-хоторо сыттаҕа. Дьон ити “Дружба” эрбиибит кыайан собуоттаммат диэн тугу этэллэрэ буолла, мин биирдэ алҕас тыраахтар прицебэр быраҕан кэбиһэн, тыраахтар ликсиэтигэр собуоттанан кэлэн дьону оһоллуу сыһан турардаахпын диирэ. Ол иһин кэлин тыраахтар таһыгар күрүчүөк оҥорон ыйыыр идэлэммитим диирэ.
Биирдэ оройуон күүлэйигэр тэҥнээҕин булбатаҕар, Монголияҕа баран күүлэйдээн кэлэр путевка биэрбиппит. Киһибит Светатыттан тэйиччи баран кыратык бырааһынньыктаан кэбиһэн, биир нэдиэлэ арыый эрдэлээн кэлбитэ. “Хайа, Ганя, тоҕо эрдэ кэллиҥ?”- диэтэххэ, «ээ, монголлар рестораннарыгар ортолуу бырааһынньыктыы олордохпуна монгол милициялара: ”Павлов, Советский Союз, сдавайся!” –диэтилэр, түннүгүнэн-үөлэһинэн Калашников уоһа чоп-чочоҥнос. Хайыахпыный, бэриннэҕим дии уонна эрдэ дьиэлээ”,-- диэтилэр диирэ. Зато Сэбиэскэй Сойууһу ааттатан кэллим диэбитэ. ***
Биирдэ күһүөрү көмөҕө биир МТЗ тыраахтары ыытан Найахыттан киллэрбитим. Тракторист күтүөт Дүпсүн уола Ильин Руслан унуоҕунан кыра соҕус. Ол уолбун Ганяҕа туттарбыппар киһим: ”Пыы, бу тугу аҕаллыҥ, аата кыратын. Ыл, түргэнник көхсүгэр кыһыл былаахта баайыҥ. Уҥуор тахсан от быыһыгар сүтэн хаалан киһи күнүн-дьылын барыыһы”,- диэтэҕэ үһү.