02.04.2020 | 10:03

“Онлайн” үөрэнэр кыахтаахпыт дуо?

“Онлайн” үөрэнэр кыахтаахпыт дуо?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрэ бары муус устар 7 күнүттэн ыраахтан (дистанционно) олорон, аныгылыы форматынан үөрэниэхтээхтэр. Биир тылынан, ыарахан балаһыанньа үөскээтэ. Үөрэх миниистирэ Владимир Егоров ол туһунан тугу кэпсиир эбитий?

ҮӨРЭНИИ ЫЙЫННЬЫГА

Дьиэттэн олорон үөрэнэргэ сүрүн быраабылалар олохтоммуттар. Уопсайа биэс хайысха баар:

– интэриниэт баарыгар;

– көмпүүтэр эбэтэр төлөпүөн суоҕар;

– интэриниэт суоҕугар;

– компьютер баарыгар;

– компьютер суоҕар уонна уот барар түгэнигэр.

Хас биирдии салааҕа сөптөөх методическай ыйынньык баар. Электроннай үөрэх «Российская электронная школа” (РЭШ) порталга “Учи.ру”, “Яндекс. Учебник”, “Якласс”, АИС “Сетевой город. Образование” о.д.а. онлайн-платформаларга ыытыллыаҕа.

Учи.ру платформа

Бу күннэргэ учууталлар, төрөппүттэр, оҕолор сыта-тура үөрэниэхтээх платформаларбыт хайдах быһыылаахтык үлэлиирин бэрэбиэркэлиибит.

«Учи.ру” онлайн-платформа оскуола биэрэр сорудаҕын толорорго – босхо. Үөрэнээччилэр платформаҕа күҥҥэ хаста да киирэр кыахтаахтар. Учуутал, оҕолору үөрэтэригэр, бэйэтэ бас билэр кабинетыгар “Начать урок” диэн кнопканы туһаныахтаах. 16.00 чааска диэри төһө баҕарар уруогу ыытыан сөп. Оттон үөрэнээччи дьиэтээҕи сорудаҕын толоруута босхо.

Ол эрээри манна төлөбүрдээх куурустар эмиэ бааллар. Маны үөрэҕи таһынан эбии дьарыктаныан баҕарар үөрэнээччи туһаныан сөп. Үөрэх булгуччулаах чааһыгар киирбэт!

Санатан эттэххэ, Учи.ру платформанан өрөспүүбүлүкэ хас даҕаны оскуолата үлэлиир.

Бастаан саҕалыырга ыарахаттардаах, өйдөммөт ыйытыы элбэх буолуон сөп. Онон СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин саайтыгар ыраахтан олорон (дистанционно) үөрэниигэ туспа салаа арыллыбыт. Манна киирэн тустаах ыйытыккытын туоһулаһыаххытын сөп. Ону таһынан, 8(4112) 506-928 төлөпүөҥҥэ эрийэн билсэргитигэр ыҥыраллар.

ВИРТУАЛЬНАЙ УЧУУТАЛ

«Аныгы үйэ”, куһаҕанын ылан эттэххэ, ыарыы ыксатан, дьэ кэллэ быһыылаах. Аан дойдуга араас хабааннаах интэриниэт сервистэрэ, үөрэнээччигэ уонна учууталга усулуобуйа олохтоон, үөрэх саҥалыы, аныгылыы систиэмэтин киллэрэллэр. Холобура, «Виртуальнай учуутал» диэн баар буолуон сөп. Виртуальнай учуутал, сүрүннээн, учуутал тустаах кылааһын кытта үлэлииригэр болҕомто уурар. Кини идэтийэр салаалара маннык: сорудахтары бэрэбиэркэлиир, ыйытыы биэриэн сөп, онлайн сурунаалы толорор уонна үөрэх расписаниетын салайар.

«Сетевой город. Образование» систиэмэ. Манна оскуола барыта кэриэтэ киирэн олорор. Бу систиэмэ төрөппүт оҕото үөрэҕэр төһө ситиһиилээхтик айаннаан иһэрин көрөр кыаҕы биэрэр.

Интэриниэт баар дуо?

Дистанционнай үөрэх, биллэн турар, түргэн интэриниэти ирдиир. Кылааска үөрэнэ олорор курдук барыта чуо-бааччы буолуохтаах. Хомойуох иһин,

өрөспүүбүлүкэ сорох дэриэбинэлэригэр, ордук ыраах хоту улуустарга интэриниэт быстар мөлтөх! Миниистир бу боппуруоһу Сибээс уонна инновация министиэристибэтэ быһаарыаҕа диэтэ.

Учуутал бэлэм дуо?

Аныгы үйэ оҕото социальнай ситимнэри барытын биэс тарбах курдук ааҕа билэр. Онон кинини “сатаан быһаарсыбат” диир кыахпыт суох. Оттон учуутал? Ордук саастаах өттө? Үөрэх миниистирэ бэлиэтииринэн, учууталлары аныгы технологияҕа, дистанционнай үөрэҕи салайарга уһуйар араас хабааннаах лиэксийэлэр, вебинардар уо.д.а. атын дьарыктар ыытыллан эрэллэр. Онон учууталлар даҕаны олохтон хаалсыбаттар.

Босхо аһылык

Кыра дохуоттаах ыаллар оҕолоро босхо аһылыгынан хааччыллыахтаахтар эбит. Бу туһунан СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин саайтыгар суруллар. “Үөрэнээччилэри аһылыгынан хааччыйар туһунан” СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ бирикээһигэр киирбитинэн, бастатан туран, уопсай үөрэхтээһин судаарыстыбаннай тэрилтэлэрин алын, орто, үрдүкү сүһүөххэ үөрэнэр, кыра дохуоттаах уонна кыра дохуоттаах дьиэ кэргэн оҕолоро, төрөппүт (сокуоннай бэрэстэбиитэл) сайабылыанньатыгар олоҕуран, ыраахтан олорон (дистанционно) эбэтэр биирдиилээн (индивидуальнай) бырагырааманан үөрэнэр кэмнэригэр, бүддьүөттэн көрүллүбүт үбүлээһин нуорматыгар сөп түбэһиннэрэн, аһылык наборунан (сухой паек) босхо хааччыллыахтаахтар.

Иккиһинэн, тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт үөрэнээччилэр, үөрэнэр кэмнэригэр төрөппүттэрэ иккиэн суох буолбут эбэтэр кыра дохуоттаах соҕотох төрөппүт иитэр үөрэнээччилэрэ, электроннай эбэтэр ыраахтан (дистанционно) олорон уонна биирдиилээн үөрэнии ньыматыгар көспүт буоллахтарына, бүддьүөттэн көрүллүбүт үбүлээһиҥҥэ сөп түбэһиннэрэн, тус сайабылыанньаларынан харчынан компенсация эбэтэр күннэтэ нуорма аһылык ылыахтаахтар.

Үсүһүнэн, бу дьаһаллар олоххо киирэллэригэр олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара туһааннаах бирикээһинэн салайтарыахтаахтар.

Бирикээһи СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин саайтыгар “Дистанционное образование в РС (Я)” диэн салааҕа билсиэххэ сөп.

Үөрэх дьыла уһуон сөп

Ааспыт нэдиэлэҕэ социальнай ситимнэргэ “Быйылгы үөрэх дьыла муус устарынан тохтуур үһү» диэн сурах тарҕаммыта.

Дойду Ил Дархана Айсен Николаев тэлэбиисэринэн быһа сибээскэ тахсыытыгар бу туһунан элбэх ыйытыы киирэрин бэлиэтээн турар: “Бу, билиҥҥиттэ, сурах-садьык. Чопчу быһаарыныы ылылла илик. Төттөрүтүн, дистанционнай үөрэхтээһини уһатар уонна сайыннарар туһунан санаа баар. Уонна, үөрэнээччилэр үөрэх бырагырааматын барытын үөрэтэллэрин туһугар, үөрэх дьылын болдьоҕо уһаан биэриэн сөп. Дойду маннык быһаарыныыны ылыныан сөп. Тоҕо диэтэххэ, билигин көннөрү балаһыанньа буолбатах. Биһиэхэ хаһан даҕаны маннык сытыы балаһыанньа буола илик этэ”.

БКЭ көстө

РФ Үөрэҕириигэ министиэристибэтэ Биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) сүрүннүүр түһүмэхтэрин бэс ыйыгар көһөрдө. Онон Биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) бэс ыйын 8 күнүттэн саҕаланара күүтүллэр. Cүрүн судаарыстыбаннай эксээмэн (ОГЭ) бэс ыйын 9 күнүттэн саҕаланыаҕа. Билигин тустаах график оҥоһулла илик. Түмүгү муус устар 5 күнүн кэннэ билиэхпит турдаҕа.

ТҮМҮК

Дистанционнай үөрэх инникилээх уонна кэскиллээх буоллаҕына, оскуолалары барыларын онлайн-формакка көһөрүөхтэрэ. Билиҥҥи туругунан дистанционнай үөрэххэ доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор үөрэнэллэр. Баар балаһыанньа киин куоракка хайдах дьайыа биллибэт. Кылааска отучча оҕо буолан үөрэнэрдээҕэр дистанционнай үөрэх, баҕар, быдан таһаарыылаах буолуон сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Сонуннар | 01.09.2024 | 10:14
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Понедельник, 2 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Актуальное интервью 12+ 11:45 Дойдум дьоно 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30...
Дойдутун, дьонун-сэргэтин туһугар
Дьон | 30.08.2024 | 10:00
Дойдутун, дьонун-сэргэтин туһугар
(Петр Николаевич Захаров 90 сааһын көрсө)