Онлайн куоластааһыннар чахчы сылаталлар
Күн аайы “мин оҕобор (эбэбэр, ийэбэр, эдьиийбэр) куоластаа”, “лайктаа”, “+1 туруор” диэн көрдөһүүлэри төһө элбэхтэ тутаҕытый? Ордук билигин, дьаҥ тарҕанан бары тэйиччиттэн үлэлиир технологияларга көспүт кэммитигэр онлайн куоластааһын олохпутугар хото киирдэ. Бу барыта электроннай политическай быыбардарга бэлэмнээһин биир көрүҥэ буолуон сөп.
Америкаҕа бэл бэрэсидьиэннэрин онлайн быыбардыыллар. Ол эрэн быйыл хаһааҥҥытааҕар да өр түмүктэрин аахпыттара сөхтөрдө.
Электроннай куоластааһын онлайн олоххо кэлбиппит кэннэ хото киирдэ. Сорох түгэҥҥэ киһи кыйыттыар дылы элбэхтик куоластата сатыыр буоллулар. Оҕо хаартыскатыттан саҕалаан араас күрэххэ барытыгар “+1” уонна лайк хомуйаллар. Ким элбэх аймахтаах, доҕордоох-атастаах кыайар. Хаартыска чахчы үчүгэйэ дуу, оҥоһук чахчы уһулуччута дуу, киһи чахчы улуута дуу манна учуоттамматын кэриэтэ...
Ыраахтан ылбакка, холобур, “Сахамедиа” ыытар “Гордость Якутии” диэн күрэхтэһиитэ күүстээх куоластааһынынан ыытыллар. Кэнники бу куоластааһынтан айдаан да тахса сылдьыбыта. Куолас көрдөһүү, ааттаһыы, модьуйуу олус азартаахтык барар, социальнай ситимнэр оргуйан олороллор. Политическай быыбардардааҕар тыҥааһыннаахтык илин-кэлин түсүһүү манна буолар.
Сотору-сотору “куоластаа” дииллэриттэн киһи чахчы сылайар. Аны иэс-иэскэ баайсыы эмиэ баар, “ааспыкка эн оҕоҕор мин быһа холоон бачча дьону хамсаппытым, эн эмиэхэ бу сырыыга эмиэ оннук гыныахтааххын” диэн. Билигин ордук кулууптар ыытар тэрээһиннэрэ куоластааһыннаах буолла, хаартысканан күрэх биллэрэ-биллэрэ, сибээс суох сиригэр, бэл смс нөҥүө куолас хомуйан “эрэйи көрөллөр”. Биһиги дьоммут азартаах бөҕө. Биир киһи туһугар аймах бары турунар, бэйэ-бэйэни өйөһүү дьэ манна көстөр.
УСТУНАН ЭЛЕКТРОННАЙ ДЕМОКРАТИЯҔА ТИИЙИЭХПИТ ДУО?
Уопсастыба санаатын чинчийэр киин (ВЦИОМ) уонна Политическай конъюнктура киинэ ыыппыт чинчийиитин түмүгэр, Арассыыйа олохтоохторун аҥаарыттан ордуга электроннай куоластааһыҥҥа үчүгэй сыһыаннаахтара быһаарыллыбыт.
Уопсастыбабыт дьиэттэн олорон куоластааһыҥҥа туох да мөкү өрүттэри көрбөт, ол аата инникитин электроннай куоластааһын института сайдарыгар тирэх баар диэн буолбут.
Сыл аайы быыбардааччы ахсаана түһэн иһэрин олохпут көрдөрөр. Оттон электроннай куоластааһын быыбарга саҥа электораты аҕалыан сөп. 18-35 саастаах эдэр дьоҥҥо бу ньыма ордук табыгастааҕа быһаарыллыбыт. Онон электроннай куоластааһын киирдэҕинэ эдэр дьон быыбарга кытталлара көхтөөх буолуо диэбиттэр.
Арассыыйаҕа судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларын нөҥүө куоластааһыны Конституцияҕа уларытыылары киллэриини талыыга икки киин регионнарга туттан көрбүттэрин билэбит. Онно дьон кыттыыта кырдьык үрдүк таһымнаах буолбута. Ол эрэн маннык быыбар төһө чиэһинэйин, бука диэн, бары да таайан эрдэхпит...
Ханнык баҕарар саҥа технология олоххо кимэн киирэригэр бириэмэ наада. Кэлэр сылларга дистанционнай дуу, илэ тиийэн куоластааһыны таллардахтарына, дьаҥтан кэһэйбит дьон, ыраахтан олорон куоластааһыны талара биллэр.
Онлайн куоластааһын технологическай мэһэйдэри аастаҕына, өссө биир мэһэй – дьон эрэлин ылыы буолуоҕа. Итэҕэйбэт киһи син биир баар буолуо диэн чинчийиилэр көрдөрөллөр. Аны туран маннык куоластааһын хас да көрүҥэ бэриллиэхтээх, биир портал нөҥүө эрэ буолбакка, мобильнай сыһыарыы, сайт көрүҥнэрэ туһанылыннаҕына табыгастаах.
СОКУОН НОМНУО ҮЛЭЛИИР
Быйыл ыам ыйыгар Арассыыйа бэрэсидьиэнэ В.В.Путин «О внесении изменений в отдельные законодательные акты Российской Федерации» диэн араас таһымнаах быыбардарга ыраахтан (дистанционнай) куоластааһыны көҥүллүүр сокуоҥҥа илии баттаабыта. Онно «Об основных гарантиях избирательных прав и права на участие в референдуме граждан РФ» диэҥҥэ куоластааһын интэриниэт нөҥүө уонна почтанан ыытыллыан сөбө сурулла сылдьар. Докумуоҥҥа аан бастаан федеральнай таһымҥа “дистанционнай электроннай куоластааһын” диэн өйдөбүл киллэриллибитэ.
Почтанан куоластааһыҥҥа судаарыстыбаннай былаас, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарыгар быыбары, референдуму ыытарга маннык көрүҥү туһанар туһунан быһаарыныыны “Центризбирком” ылынар. Быыбарга болдьохтон эрдэ куоластааһын көрүҥэ кэҥээтэ. Холобур, суола-ииһэ суох сирдэргэ олорор быыбардааччылар 7-15 күн иннинэ куоластыыр бырааптаахтар.
Быыбардааччы дьиэҕэ олорон куоластааһыны талар кыаҕа кэҥээтэ. Холобур, доруобуйатын туругунан учаастакка тиийэр кыаҕа суох, ыарахан ыарыһаҕы көрөр-истэр киһи, о.д.а буоллаҕына электроннайынан куоластааһыны талыан сөп.
Регионнар бэйэлэрэ хааччахтары олохтоон туран, Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларын нөҥүө хандьыдааттар тустарыгар куоластары хомуйуохтарын сөп. Ирдэнэр куолас аҥаарыттан элбэҕэ суох куолас онлайн хомуллара көҥүллэнэр.
Юрий Иннокентьевич Жегусов – социолог:
– Мин санаабар электроннай быыбардааһыҥҥа биһиги дьоммут бэлэмнэр. Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр порталларынан киһи үксэ туһанар буолла. Аны туран Конституцияҕа киирэр уларытыыларга куоластааһыҥҥа туһанан көрбүттэрэ, онно сорох дьон иккитэ куоластаабыта биллибитэ – биирдэ интэриниэтинэн, иккистээн илэ баран бүлүтүөн ылан куоластаабыттар. Ол иһин норуот эрэммэт буолара эмиэ сөп диэххэ наада.
“ГАС Выборы” информационнай систиэмэ үлэтэ аһаҕаһа суох. Хайдах-хайдах ааҕан таһаараллара биллибэт.
Биһиги региоммут – быыбардары ыытыыга чиэһинэй түмүктэри таһаарар биир бүтэһик регион диибин. Атын регионнарга курдук куоластааһын түмүктэрин албыннаан таҥан таһаарыы биһиэхэ билиҥҥитэ суох. Ол иһин наар баар былааһы утары куоластыыр, барытын бырачыастаан иһэр регион буолан көстөбүт.
Ис дьиҥэр киирдэххэ, атын да регионнарга, холобур,бэрэсидьиэн быыбарыгар Грудиниҥҥа күүскэ куоластаабыттара, ол эрэн онно быыбары, специалистар этэллэринэн, талбыттарынан дьаһайыахтарын сөп. Павел Грудинин Саха сиригэр курдук үрдүк көрдөрүүнү атын регионнарга эмиэ ылбыт буолуохтаах. Ол иһин биһиэхэ дьиҥнээх түмүктэри таһаараллар диэн санаабын этэбин.
Биллэн турар, электроннай куоластааһыҥҥа киирдэхпитинэ, дьон быыбарга “кэлэрэ” элбиэҕэ. Холобур, нолуогу төлөөһүнү ылан көрүөххэ. Манна былырыын социологическай ыйытык ыыппытым. Ол түмүгүнэн, судаарыстыбаннай өҥө порталын, нолуогабай сайтын нөҥүө нолуоктарын төлүүр дьон иэстэрэ суох этэ. Нолуогабай сулууспаҕа дуу, бааҥҥа дуу барардааҕар, порталга киирэн карточкаттан быһа төлөөбүт быдан табыгастаах буоллаҕа.
Реклама күүскэ бардаҕына, онлайн быыбарга кыттааччы ахсаана чахчы эбиллиэҕэ.