Онлайн дьарыктар, сүбэлэр
Кулун тутар ыйтан, карантинынан сибээстээн, олох бары эйгэтэ “онлайн” эрэсиимҥэ көстө. Билиҥҥи олох ирдэбилэ оннукка күһэйдэ. Онон сиэттэрэн социальнай ситим нөҥүө тарбахтарыгар талааннаах, үҥкүүлүүр-ыллыыр эйгэлээх дьоммут, баар балаһыанньаны таба өйдөөн, куйаар нөҥүө бэйэлэрин билиилэрин дьону-сэргэни кытта үллэстэллэр.
Олох саҥа ирдэбилэ
Мария Юрьевна Столярчик, Дьокуускай куорат:
– Билигин дьон-сэргэ, кыратыттан улаханыгар тиийэ, сыл иннинэ эрдэттэн былааннаабыт соруктарын хаалларан туран, дьиэҕэ хаайтаран сытар. Эмискэ кэлбит пандемияттан харыстанар туһуттан, саҥа кэм ирдэбилигэр киирэн эрэбит. Ол эбэтэр биһигиттэн ыйыппакка, олох электроннай салайыыга көстө. Тириэрдэн биэрии, электроннай өҥөлөр, интэриниэт маҕаһыыннар, онлайн уруоктар бүгүҥҥү олох ирдэбилэ буоллулар. Тус бэйэм ыйга 3-4 төгүл хаһаайкаларга туорт астыырга маастар-кылаас тэрийэбин. Онтон ааспыт сылга, дьон сэҥээрэрин иһин, ону таһынан ыраах улууска олорор кыргыттар баҕаларын толорор санааттан, онлайн видео-уруоктары устар баҕалааҕым. Ол баҕа санаам олоххо дьэ киирдэ. Билигин биһиги дьиэ кэргэн кырачаан киһини күүтэбит. Онон иллэҥ бириэмэбэр, карантин буолуон иннинэ, видеограф буламмын, уруоктарбын уһулбутум. Куурсум бырагыраамата ааптарыскай. Бэйэм кондитер буоларым быһыытынан, айбыт ырысыаптарым элбэхтэр. Эбиитин билигин олус тоҕоостоох кэм буолла. Карантин кэмигэр ыал ийэлэрэ дьиэттэн тахсыбакка бэйэлэрин куухуналарыгар дууһаларын ууран туран астаабыт минньигэс астарынан чугас дьоннорун күндүлүүллэригэр кыах баар буолла. Ону таһынан туорт астаан, дьиэ кэргэн бүддьүөтүгэр кырата суох дохуот киллэриниэ этилэр буоллаҕа. Куурус 10 уруоктан турар, 3 нэдиэлэ кэриҥэ буолар. Бүтэһигэр кыттыылаахтар бары сертификат ылаллар, ону таһынан ордук кыһаллыбыттарга тус бэйэм уонна спонсордарым бириистэрин бэлэмнээтибит.
Киһи киһиттэн үөрэнэр
Октябрина Николаевна Федорова, ОдьКХ маастара, Хатас нэһилиэгэ:
- Бу уһун карантин кэмигэр, дьон-сэргэ көрдөһүүтүнэн, социальнай ситим, бассаап нөҥүө боростуой хортуоҥкаттан ыаҕайа оҥорон, видеоуруоктары ыытан саҕалаабытым. Онно анаан анал бөлөх арыммытым. Дьикти дьарыгы кэрэ аҥаардар тута сэҥээрбиттэрэ. Бөлөххө киирэн, баҕаран туран үөрэнэллэр, дьарыктаналлар. Улахан аҥаардара хортуоҥкаттан ыаҕайа оҥорон, үөрүүлэрэ сүрдээх. Астыналлар аҕай. Мантан үөрэнэн, бэйэлэрэ эмиэ дьону үөрэтэн эрэллэр. Дьону туһалаах дьыалаҕа үөрэтэрбиттэн үөрэбин, астынабын. Күн аайы оҥоһуктарын ыытан, бэйэ-бэйэлэригэр көрдөрөллөр, уопут атастаһаллар.
Сорох-сороҕор бэйэм ханнык эрэ түгэҥҥэ кинилэртэн үөрэнэр курдукпун. Киһи киһиттэн үөрэнэр дииллэрэ сөп эбит дии саныыбын. “Век живи, век учись” дииллэрэ чахчытын манна биллим. Карантин бүтэн, маҕаһыыннар аһыллалларын бары да кэтэһэр буолуохтаахпыт. Кыргыттар салгыы дьарыктанар баҕалара күүстээх. Матырыйаал ыла барыахпыт этэ дэһэллэр. Кэрэ оҥоһугу оҥороллоруттан астыналлар. Бар дьонум, бу уһун карантиҥҥа таах олорбокко, кыраҕы харахпытынан көрөн, эт илиибитинэн тутан-хабан оҥорбут ыаҕайабыт үйэлээх буоллун. Маннык ыарахан кэмҥэ түмсүүлээх буолуоҕуҥ. Ыалдьымаҥ, доруобай буолуҥ! Этэҥҥэ сылдьыҥ. Иһийэн олорор кэмҥитигэр, бириэмэҕитин туһалаахтык атаарыҥ.
Ыаҕайаҕа туттуллар матырыйааллар:
- Ханнык баҕарар дьааһык хортуоҥката барсар. Таһын искусственнай замшанан эбэтэр экотириинэн бүрүйэҕин. Ойуутун араас тесьманан киэргэтэҕин. Барыта килиэй үлэтэ.
Дьоҥҥо туһаны аҕалларбын
Анастасия Иннокентьевна Габышева – Сыдьаайа, Тус айар киинин салайааччыта, СӨ култууратын туйгуна: - Карантин биллэрбиттэригэр, хас да күн дьиэбэр олороммун, өйүм-санаам соһуйбута. Онтон дьарыктанар дьонум “онлайн нөҥүө дьарыктаныахха” диэн этии киллэрбиттэригэр, доруобуйаҕа туһалаах видеолары ыыталаабытым. Онтон, уруккуттан иитиэхтии сылдьыбыт, дьону дьарыктыырбар олохтообут ньымабын олоххо киллэрэр санааттан, үс түһүмэхтэн турар тоноҕосторго аналлаах “Туллаҥа” диэн ньымабын бастакы видео устан, социальнай ситиминэн ыыталаабытым. Бу араас уҥуох, сүһүөх, инсульт ыарыыларыгар туһалаах дьарыкпын дьон биһирээтэ, ылынна, туһанан эрэр. Өссө туох сүбэ баарый диэн сураһаллар. Онтон сиэттэрэн “Дьиэҕэ эрчиллии”, “Дьарыктар” диэн бассаап-бөлөхтөр арыллыбыттара.
Мин мантан тирэҕирэн, уһуну-киэҥи толкуйдаабакка, олохпор муспут хаһааспын хостотолоон бардым. Бөлөхтөргө “Саха сирэ бары туллаҥалаан эрэбит” диэн сэргэх тыллардаах суруйууларынан махталларын ыыталлар. Ол аайы мин тэптэриллэ түһэбин уонна күн ахсын саҥаттан саҥа дьарыгы устан, ыытан иһэбин. Бассаап бөлөхтөргө дьон күн ахсын сарсыарда ону оҥордубут, маны оҥордубут диэн суруйаллар. Онон, дьэ, олох күөстүү оргуйар, арааһы бары билэ-көрө, дьарыктана сатыыр дьон элбэх эбит. Сахам дьоно барахсаттар олоххо тардыһыылара, үөрүнньэҥнэрэ бэрт буоллаҕа, киһи санаата олус көтөҕүллэр. Бу дьиэҕэ олорор кэммитин бары ис кыахпытын толору туһанан хаалыаххайыҥ. Олох тэтимин сырсыытыгар хаһан бэйэбитигэр бачча уһун болҕомто биэрэр күн бэриллибитэ баарай... Олохпутун бу күннэргэ сыымайданан, толкуйдаан, саҥалыы ыраас санаанан, эрчиминэн, чөл туруктаах Сахабыт сирин туругурдуоҕуҥ. Бэйэҕитин харыстаныҥ, дьиэҕитигэр олорон дьарыктаныҥ, дьоллоох буолуҥ!
Сыдьаайа сүбэтэ:Сарсыарда уһуктаат, оронтон турбакка эрэ сытан оҥорор эрчиллиилэр: - Илиигин, ытыскын дэлби бэйэ-бэйэтигэр аалан ититэҕин. Уонна ытыскынан хараххын сабаҕын. Эрчим биэрэн, тута уһукта түһэҕин. Харахтарыҥ күнү супту сирдьит буолуохтара турдаҕа. - Ытыскын иккистээн ититэҕин. Орто тарбаххын уоһуҥ кытыытыттан туһаайа тутан баран, муннуҥ ойоҕоһунан имэрийэн үөһээ хааһыҥ үрдүнэн таһаараҕын. Салҕыы чэчэгэйгэр имэрийэн тиийэҕин, онтон уоһуҥ кытыытыгар төннөҕүн. Ити курдук 36 төгүл сирэйгин имэрийэҕин. Сүрэх уруһуйа тахсар курдук. Мантан сирэйиҥ сүрүн былчыҥа сайдар, хааныҥ эргиирэ тэтимирэр. Маны киэһэ түүҥҥү кириэми бистиэх иннинэ эмиэ оҥоруохха сөп. - Эмиэ ытыскын ититэҕин уонна, тарбахтаргын саратан баран, төбөҥ оройуттан саҕалаан, бэргэһэ кэтэр курдук аллараа тарбахтаргынан имэрийэн түһэрэҕин. Эргиччи оҥороҕун. Маннык уончата гыныахха сөп. Киһи дьүһүнүн баттах киэргэтэр. Киниэхэ эмиэ болҕомто ууруллуохтаах. Ону таһынан тымыр үлэтэ тупсар. Маны күҥҥэ үстэ оҥоруохха сөп. - Ытыскын ититэҕин, кулгааххын имэрийэҕин уонна моойгун эмиэ үөһэттэн сэҥийэҕиттэн түөскэр түһэрэн имэринэҕин. - Ытыскын ититэҕин уонна түөскүн олбу-солбу төгүрүччү имэринэҕин. Төттөрү-таары уоннуута. - Эмиэ ытыскын ититэҕин уонна бэгэччэккин бөҕөх курдук алтата эргитэҕин. Биир ытыскынан хам тутан, биир бэгэччэккин эргитэҕин. - Ытыскын ититэҕин уонна олбу-солбу илииҥ тарбаҕыттан саҕалаан санныгар диэри, илиигин устатынан имэрийэ тардаҕын. - Атаххын эмиэ сити курдук оҥороҕун. Ити аата эрчимҥин сүрэххэр мунньаҕын (сарсыарда эрэ). - Куртаххын уһугуннараҕын. Ол туһуттан илиигин өрө уунан тыыллан, үөһээ тыынаҕын уонна тыыҥҥын таһаараргар тобуккун төбөҕөр тардан, халаачыктыы кумуллаҕын. Бу үстэ эрэ оҥоһуллар. - Уҥа илиигинэн искин үстэ ыксары баттаан имэринэҕин. Муҥур туһаайыытыгар ытыскын уураҕын уонна искин чаһы эргииринэн эргитэ имэрийэ аҕалан, тахсар сириҥ туһаайыытынан сапсыйан кэбиһэҕин. - Эмиэ илиигин ититэҕин уонна ытыскын үрүт үөһэ ууран, мааткаҥ, хабаҕыҥ туһаайыытынан ууран тута түһэҕин. Уҥа ытыс үөһэ, хаҥас ытыс аллараа буолуохтаах. Сүрүн күүс мустар уйата буоллаҕа. - Дьэ, ол кэнниттэн аа-дьуо ороҥҥо сытан эрэ искэр эргиллэҕин уонна куоска курдук устан, уунан тураҕын. Тоноҕостору олуйбат курдук, сэрэнэн туруллар. Итинник турар кыаллыбат буоллаҕына, ойоҕоскор сытаҕын уонна бастаан атахтаргын түһэрэҕин, онтон илиигинэн анньынан ойоҕолоон тураҕын. - Киһи оронтон туруон иннинэ чэбдигирэн туруохтаах. Туран баран бэйэҥ куруук оҥорор хамсаныыгын оҥоруоххун сөп. Чөл буолуҥ, уһун, дьоллоох олоҕу олоруҥ!