Онлайн-биэрэпиһи биир нэдиэлэ уһаттылар
![Онлайн-биэрэпиһи биир нэдиэлэ уһаттылар](https://kiinkuorat.ru/wp-content/uploads/2021/10/hgCEprTOnJ.jpg)
Росстат онлайн-биэрэпиһи сэтинньи 14 күнүгэр диэри уһатар туһунан биллэрдэ. Ити этиини РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Андрей Белоусов өйөөтө.
Кини «Судаарыстыбаннай өҥөлөр» порталларын нөҥүө биэрэпис дойду олохтоохторугар куттал суоһаабатын хааччыйарын уонна табыгастааҕын бэлиэтээтэ.
Онлайн-биэрэпис дьон улахан биһирэбилинэн туһанар. Ити көрүҥү Бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһин хас төрдүс кыттааччыта талар. Бу иннинэ биэрэпиһи «Судаарыстыбаннай өҥөлөр» портал нөҥүө ааһыахха сөбүн туһунан дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин, Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев уонна Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев иһитиннэрбиттэрэ.
Росстат алтынньы ый бүтэһигинээҕи дааннайдарынан, биэрэпиһи дойду нэһилиэнньэтин улахан аҥаара ааспыт. Санатар буоллахха, Бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһин сүрүн түһүмэҕэ алтынньы 15 күнүттэн саҕаланна уонна сэтинньи 14 күнүгэр түмүктэнэр.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар
![Мария Мигалкина: «Кэлии сиэмэлэринэн үлүһүйүмэҥ»](/thumbnails/600/300/wp-content/uploads/2024/07/zgV1bKwtkp.jpg)
![Изабелла Попова: Сүрэхпэр сөҥөрбүт дьүөгэлэрим](/thumbnails/600/300/wp-content/uploads/2024/07/08bzwt1DHL.jpg)
![Баһаар буруйдааҕын тыллыаҥ — наҕараада ылыаҥ](/thumbnails/600/300/wp-content/uploads/2024/07/FtpkFiKGrd.jpg)
![Саха сиригэр мелиорация үлэтэ саҕаламмыта 75 сылын туолла](/thumbnails/600/300/wp-content/uploads/2024/07/6LP5o124wA.jpg)