12.06.2020 | 21:30

ОНЛАЙН АБИТУРА ЧУГАҺААТА

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

 Дойду араас муннугар баар үөрэх кыһаларыгар үөрэххэ киирии докумуонун онлайн эрэсииминэн тутуохтара.

ХИФУ быйыл докумуоннары хайдах тутар? Туох саҥа уларытыыны киллэрдэ? Ол туһунан киин тутар хамыыһыйа начаалынньыга Елизавета Ильина кэпсиир:

Ыам ыйын 28 күнүгэр ХИФУ учуонай сэбиэтэ 2020 сылга үөрэххэ туттарсыы быраабылатыгар уларытыылары, чуолкайдааһыны бигэргэттэ. Сүрүннээн докумуоннары тутуу уонна эксээмэннэри ыытыы болдьоҕо уларыйда. Үөрэххэ киирии, аттестат оригиналын туттарыы кэмэ эмиэ уларыйда. Билигин урукку курдук буолбат.

  • Бастакытынан, абитуриеннар докумуоннарын оригиналын оннугар суругунан сайабылыанньа биэриэхтэрэ. Сайабылыанньа биир сыл үлэлиэҕэ. Пандемия этэҥҥэ бүттэҕинэ, докумуоннарын оригиналын туттарыахтара.
  • Докумуоннары тутуу бэс ыйын 20 күнүттэн  саҕаланар уонна БКЭ түмүктэрэ биллибитэ 23-с күнүгэр түмүктэнэр.Ол аата атырдьах ыйын ортотугар.
  • Үөрэххэ киирии докумуоннара анал (дистанционнай) платформаҕа түмүллэр. Хас биирдии абитуриент бу платформаҕа бэйэтэ туспа кабинеттаах.
  • Билигин электроннай көрүҥҥэ эрдэттэн бэлэмнэниэхтээххит уонна докумуоннары электроннай көрүҥҥэ көһөрүөхтээххит.

Ааспыт сыллар выпускниктара, БКЭ түмүгүн илиилэригэр тута сылдьар буоллахтарына, тустаах дааннайдарын, ирдэниллэр докумуоннарын  сайтка киллэрэ туруохтарын сөп. Оттон быйыл бүтэрбит выпускниктар БКЭ түмүгэ хойут биллэринэн сибээстээн, бэйэлэрин кэбиниэттэригэр киирэннэр, сайабылыанньа суруйа туруохтарын сөп.

Урукку курдук, абитуриент докумуонун биэс үрдүк үөрэххэ биэрэр бырааптаах. Колледж выпускниктара урут ХИФУ тэрийэр эксээмэнин туспа халыыпка туттараллара. Билигин тургутуулар ыраахтан олорон ыытыллаллар. Ол курдук эксээмэннэр атырдьах ыйыттан саҕаланыахтара.  Сорох хайысхаларга айар эксээмэннэр бааллар, олор эмиэ дистанционнай көрүҥүнэн ааһыахтара. Сүнньүнэн ХИФУ Moodle платформатынан үлэлиирэ күүтүллэр. Араас тургутуулар, айар үлэлэр барыта Moodle-га ааһыаҕа. Кэпсэтии видео-сибээс конференциянан олохтонуо. Физкультура салаатыгар туттарсар оҕолор видео устаннар, личнэй кабинеттарыгар угуохтара.

Ханнык үөрэххэ туттарсаҕын?

Быйыл оскуоланы бүтэрбит оҕолор ханнык үөрэххэ туттарсалларын туһунан сэһэргииллэр.

Виктор Шестаков,  Кыыллаах, Өлүөхүмэ:

– Мин ХИФУ-га туттарсаары сылдьабын, медицина институтун талбытым. Миигин кыра эрдэхпиттэн уопсастыбаҕа туһалаах буолаар диэн үөрэппиттэрэ.  Ол иһин быраас буолар баҕалаахпын. ХИФУ-тан атын сиргэ туттарсар санаам суох. Киин үөрэх кыһаларыгар барыахпын сөп эрээри, ХИФУ-га киирбит быдан табыгастаах. Этэргэ дылы, бэйэҥ истиэнэҥ, бэйэҥ дьонуҥ. Устудьуоннар идэлээх сойуустарыгар киирэммин (ППОС)  элбэх доҕордонуохпун баҕарабын.

Докумуоннарбын ыраахтан олорон биэриэхтээхпин. Биир өттүнэн эмиэ да үчүгэй курдук... Дойдубар кыратык да хаала түһэрим туох куһаҕаннаах буолуой, күһүн кэлэммин үөрэххэ умса түһүөм турдаҕа. Куһаҕана диэн, сорох абитуриеннар докумуону хайдах туттаралларын билбэттэр. Билигин информационнай технологиялар үйэлэригэр ханнык баҕарар информацияны билэр-көрөр уустук буолбатах. Онон быйылгы тутар хамыыһыйа хайдах үлэлиирин билэн олоробун. Инстаграмҥа «Svfu_news» диэн аккауҥҥа суруйтарбытым. Манна күн-аайы араас информация, үөрэх салаалара, ол-бу араас схемалар, инструкциялар тахса тураллар. Хата, манна киириҥ, элбэҕи билиэххит.

Билигин БКЭ-бэр күүстээхтик бэлэмнэнэ олоробун. Хата, өссө дириҥник үөрэтэргэ бириэмэ баар буолла диэн үөрэбин. Биһиги учууталбыт: “БКЭ «кыһалҕа”, тиһэх эксээмэн буолбатах, өссө уустук эксээмэннэр бааллар”, – диэн үгүстүк этэн, долгуйбутум ааспыт курдук. Ол оннугар бэлэмнэнии күүскэ барда. Абитуриеннарга тулууру, доруобуйаны, бары үтүөнү баҕарабын.

Елизавета Никонова, Дьокуускай куорат 5 №-дээх орто оскуолатын выпускнига, СӨ Ыччат парламенын чилиэнэ, норуот депутата Феодосия Габышева уопсастыбаннай көмөлөһөөччүтэ:

  • Мин ХИФУ юридическай факультетын талабын уонна инники олохпун юриспруденцияны кытта ситимниир былааннаахпын. Быйыл дьаныардаахтык ылсан, ХИФУ оскуолаҕа оҕолоругар ыытар (СВОШ) олимпиадаларыгар ситиһиилээхтик кытынным. Ол курдук, түөрт хайысхаҕа кыайыылааҕынан таҕыстым: “Филология-английскай тыл», «Филология: нуучча тыла уонна литературата», «Обществознание» уонна «История». Университекка киирэр баҕалаахпын, тоҕо диэтэххэ ХИФУ-га араас норуоттар икки ардыларынааҕы бырагыраамалары үлэлэтэллэр.

Биһиэхэ үрдүк үөрэх кыһатыгар докумуоннары туттарыы туһунан оскуолабытыгар үгүстүк кэпсээбиттэрэ. Мин өссө үөрэх министиэристибэтин сайтын кэтиибин. Абитуриеннарга эксээмэннэргитигэр ситиһиилэри баҕарабын!

Виктория Агеева, Бэрдьигэстээх улуустааҕы гимназията, Горнай:

  • Тиһэх чуораан тыаһаата, гимназиябын бүтэрдим. Билигин эксээмэннэргэ күүскэ бэлэмнэнэбин. Профильнай математиканы уонна обществознаниены туттарабын. Онлайн-платформа араас сайтыгар киирэн бэйэбин туругутан көрөбүн уонна араас лиэксийэлэри, вебинардары истэбин.

Абитура туһунан эттэххэ, мин математика уонна информатика институтугар эбэтэр финансовай-экономическай институкка киирэр баҕалаахпын. Экэнэмиис эбэтэр математика учууталын идэлэрин баһылыам. Бу идэлэр билигин үлэ ырыынагар ордук наадалаахтар дии саныыбын.

БКЭ-ҕэ бэлэмнэнэргэ элбэх бириэмэ таҕыста. Чиэһинэйдик эттэххэ, бастаан дистанционнай үөрэҕи соччо ылымматаҕым, билигин олус сөбүлээтим.  Ол көмөтүнэн бэйэм бириэмэбин сөпкө аттарарга үөрэнним.

Павел Христофоров, Эдьигээн орто оскуолата:

  • Мин оҕо эрдэхпиттэн юрист буолар баҕалаахпын. Юрист, прокурор, суут-сокуон идэтэ олус тардар. Онон олохпун чопчу бу эйгэҕэ аныахпын баҕарабын. Билигин санаабын-онообун БКЭ-ҕэ эрэ уурабын. Хайдах быһыылаахтык докумуоннарбын туттарыахтаахпын бу диэн үөрэтэ иликпин.

ХИФУ-га электроннайынан туталлар диэни иһиттим. Чугаһаатаҕына, орун-оннугар буоллаҕына, син барбахтаһар инибин. Бу билигин БКЭ босуобуйаларынан тест толоро олоробун, эһиги эмиэ маннык толоруҥ, өйгүтүн сааһылааҥ.

Артур Оконешников, ХИФУиһинэн үлэлиир лицейи бүтэрээччи:

  • Инники олохпун химияны кытта ситимниэхпин баҕарабын. Тоҕо диэтэххэ, производствоны уонна быраактыканы кытта быстыспат сибээстээх. Биһиги тулалыыр эйгэбитигэр химия ханна баҕарар баар эбээт. Бу наука көмөтүнэн олохпут тупсарыгар туох эрэ туһалааҕы оҥоруом диэн ис сүрэхпиттэн эрэнэбин. Ол иһин  химическэй салааҕа туттарсабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....